Саха омук кэскилин түстээбит тумус киһибит

СӨ бастакы Бэрэсидиэнэ Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн туораабыта сыл буолан ааста. Үрдүк чыпчаалы киһи чугастан көрбөтүн курдук, биһиги Бастакы Президеммит оруола, кини баҕа санаалара кэм-кэрдиис аастаҕын аайы быдан чуолкайдык көстөн иһэллэр.

Мин бииргэ үлэлэһэри Михаил Ефимовичтыын 1991 сылтан саҕалаабытым. Японияҕа, Хаҥаласка, тас сибээскэ уонна бааҥҥа үлэлии сылдьан алтыһар этим. 2020 сылга кини ыҥырыытынан СӨ Государственнай Сүбэһитин быһыытынан үлэлиир аппаратыгар киирэн, Бастакы Президент тиһэх күнүгэр дылы референынан, көмөлөһөөччүннэн үлэлэспитим. Михаил Ефимович этиилэрин, кини интэриэһиргээбит ыйытыыларын, ыыппыт мунньахтарын, кэпсэтиилэрбитигэр эппит тылларын өрүү саныыбын.

Онон биир дойдулаахтарбын кытары Бастакы Президент сорох толкуйдарын үллэстэбин:

Бастакыннан, Михаил Ефимович саха омуга Улуу Россия састаабыгар киирбитэ түөрт үйэ буолбутунан сибээстээн, саха омук дойдуну кытары ситимин быспакка, нуучча тылын, нуучча култууратын баһылаан сайдыылаах омук буоларын өрүүтүн туруорсара.

Иккиһинэн, саха омук Аан дойду цивилизациятын ситиһиилэрин баһылаан, саха дьоно сайдыылаах омуктары кытары тэҥ таһымнаах буолалларын туруорсара. Онон кини эдэр ыччаты омук сиригэр ыытан үөрэтэри, кини омук сиригэр сылдьарын, омук тылларын баһылыырын булгуччу ирдиирэ.

Үсүһүнэн, Саха сирэ уонна бүттүүн Россия Арҕаа омук сирдэринэн эрэ буолбакка Илиҥҥи вектор, Азия омуктарын диэкки чугаһыырын өрүү сүбэлиирэ. Улуу Кытай цивилизациятын түстээбит Конфуций философиятын туһунан кинигэ таһаарбыта.

Төрдүһүнэн, Михаил Ефимович күннээҕиннэн, быстах санааннан салайтарбакка, омук кэскилин толкуйдуурга планетарнай масштабтаах, кэнэҕэски көлүөнэлэри саныыр толкуйдаах этэ. Аандойду Нобелевскай бириэмийэтин лауреаттарын кытта атах тэпсэн олорон тэҥҥэ кэпсэтэрэ, алтыһара.

Бэсиһинэн, Саха сирэ, хоту дойдубут олохтоохторо биир тимир суолтан, уонна биир өрүстэн тутулуктаахтарыттан олус диэн долгуйара. Онон үйэ кэрдииһигэр хачыкааттар Амур өрүс кытылыгар бааһыналаммыттарын олус диэн сэргээбитэ. Хас биирдии ыал уһаайбаланарын уонна бэйэтин тиэргэнигэр дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктанан аһа-үөлэ элбиирин туруорсара.

Алтыһынан, тыа сирэ сайдарын, тыа сирин дьоно орто байылыат олохтоох буолалларын, эбэтэр дохуоттарахамнастара өрөспүүбүлүкэ орто таһымыттан икки бүк улаатарын булгуччу ирдиирэ.

Сэттиһинэн, саха дьоно саха буолалларынан киэн тутталларын, саха култууратын, саха тылын саҥа үйэ ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн сайыннаралларын олус диэн баҕарара.

Онон, биһиэхэ, саха омукка уонна Саха сирин бары олохтоохторугар, үйэлэргэ салҕанар сирдьиппит, омукпут сайдар суолтан туораабатын бигэргэтэр улуу киһибит Михаил Ефимович Николаев идеяларыттан халбарыйымыахха, кини этиилэрин олоххо киллэриэххэ диэн ыҥырабын!

Николай БАРАМЫГИН.

М.Е.Николаев аппаратын 2020-2023 сс. референа, СӨ Общественнай Палататын чилиэнэ,

Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.