Саха сирин уонна Гонконг оҕолоро күөх халлааҥҥа  стратосфернай зонду ыыттылар

Муус устар 1 күнүгэр Хаҥалас сиригэр Эркээни хочотун Чапаев сэлиэнньэтигэр историяҕа киирэр событые буолла. Бу сиртэн аан бастаан Наука дьоҕус Академиятын аан дойдутааҕы «КосмоМАНия» проектнай сменатын  кыттыылаахтара  стратосфернай зонду айан, толкуйдаан  оҥорон халлааҥҥа  ыыттылар.

Зонд 31 км 500 м үрдүккэ көтөн тахсан Өлүөнэ өрүспүтүн уҥуордаан Хоточчубут сэлиэнньэтигэр этэҥҥэ түстэ. Бу «Куб-кам» миниюатюрнай, кып-кыракый спутнигы  манна  Саха сирин уонна  Гонконг, КНР  оҕолоро чинчийэн үөрэтэн айбыттара. Бу дьоһун ситиһии  «СӨ кэлэр көлүөнэлэрин пуондата»  АЛРОСА хамнаанньа   көмөтүнэн Наука дьоҕус Академиятын  2021-2025 сс.»Кэлэр кэскил туһугар» тус сыаллаах бырагырааматын   чэрчитинэн ситиһилиннэ.

Оҕолорго  научнай уонна техническэй көмөнү Решетников аатынан Красноярскай куораттан Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай университет уонна Москваттан  «Стратонавтика» ХЭТ стратосфернай көтүүлэргэ оператора оҥордулар. МАН ректора  Василий Павлов партнердарыгар махталын тириэртэ, кини  Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин уонна Гонконг үөрэх тэрилтэлэрин кытары  космическай  спукниктары оҥорууга бииргэ үлэлээһиннэрэ инникитин даҕаны сайда туруоҕун бэлиэтээтэ.

СӨ ЦФБП генеральнай дириэктэрэ  Владимир Егоров Саха сиригэр бу событие суолтата улаханын уонна  СӨ Наука дьоҕус Академиятын үөрэх-лабораторнай куорпуһа тутуллубута  иккис   сылыгар ситиһиллибитин, оҕолор айбыт стратосфернай тэриллэрэ буолаары буолан биһиги Бастакы Президеммит Михаил Николаев  төрөөбүт  туөлбэтиттэн үрдүк халлааҥҥа көппүтүн бэлиэтээтэ уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан сотору кэминэн бу сиргэ  аан дойду таһымнаах «Өлүөнэ дойдута» научнай- технологическай кластер  тэриллиэхтээҕин астына бэлиэтээтэ.

(Хоточчу сиригэр этэҥҥэ түспүт оҕолор кыракый ДжиПиЭс датчиктаах спутниктарын киэһээ дьоҕус академияҕа булан аҕалбыттара).

 

Николай Барамыгин, ааптар хаартыскаҕа уонна видеоҕа  түһэриилэрэ.