Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө
Уоттаах сэрии олус кытаанах 1942 сылыгар Хаҥалас улууһун Иһит нэһилиэгин 1914 сыллааҕы төрүөх ыччата Гаврил Петрович Добрянцев өстөөхтөрү кытары биир тэҥэ суох кыргыһыыга билиэн түбэһэн Польша сиригэр концлааҕырга түбэспитин туһунан кэпсиирэ. Фашистар күн аайы крематорийга тыһыынчанан киһини уматаллар эбит. Икки күнүнэн Гавриллаах уочараттара кэлэрэ тирээбит. Биһиги киһибит, сирэйинэн нуучча уола, хайдах эмэ гынан хайаан даҕаны күрүүргэ быһаарыммыт. Ол эрэн бииргэ барсар киһини булбакка толкуйга түспүт. Куттал суоһаабыт.Надзирателлэр нуучча тылын билэллэр эбит. Онон биир түгэни туһанан «Ким сахалыы билэр киһи баарый?» диэн хаһыытаабыт. «Мин билэбин!» диэн биир нуучча уола сүүрэн кэлбит.«Хантан сахалыы билэҕин, хантан сылдьаҕын?» диэн уора-көстө билсии буолбут, «Орджоникидзевскай оройуон Тиит Арыытыттан Гаврил Батыгин диэммин» диэбит. Дьэ, бу аад ааныттан сахалыы кэпсэтэн куотар былааны толкуйдаабыттар. Атын бараакка көһөрөр түгэни мындыр уолаттар мүлчү туппатахтар, сыыһа туттаран, төһө да фашистар эккирэтэ сатаабыттарын иһин, куоппуттар. Үс ый биһиги чаастарбытыгар дьулуспуттар. Сүнньүнэн түүн хараҥаҕа айанныыллар эбит. Тула ньиэмэстэр… Үгүс моһоллору туораан биһиэннэрин булбуттар, биир ый курдук улахан бэрэбиэркэни ааһан салгыы сэриилэһэр буолбуттар.
Биир дойдулааҕым Гаврил Добрянцев лейтенант сыбаанньалаах этэ. Кини понтонерунан сулууспалаабыт, муосталары тутан сэриилэрбит инники баралларын хааччыйар чаастарга сылдьыбыт. Японияны кытары сэриигэ кытары кыттан дойдутугар 1945 сыллаахха алтынньыга кэлбит. Кэргэннэнэн, Евдокия Петровнатынаан 12 оҕону атаҕар туруорбут, сэрии иннигэр үлэлээбит Кальвиц-Леонгард аатынан холхуоһугар биригэдьиирдээбитэ. Үтүөкэннээх үлэһит киһи этэ, сэриигэ ылбыт контузияларыттан, эчэйиилэриттэн доруобуйата мөлтөөн 1976 сыллаахха олохтон барбыта. Дьоһун ыччаттардаах. Олортон биирдэстэрэ Галина Гаврильевна Петрова 5-Малдьаҕар оскуолатыгар өр сылларга учууталлаабыта, кыра уола Сергей 2001 сыллаахха Ленскэй куораты халаан уута ылбытын кэнниттэн чөлүгэр түһэриигэ кыттыбыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Михаил Николаевтан судаарыстыбаннаһы бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһинБочуотунай грамотанан бэлиэтэммитэ.
Гаврил Добрянцев сэрии туһунан кэпсиирин сөбүлээбэт этэ. Ол эрээри саха тыла барахсан кинини өлөр өлүүттэн быһаан турарын ахтан ааһара. Элбэх наҕараадалардааҕа. Ол иһигэр үһүс истиэпэннээх Албан Аат уордьаннааҕа, «За оборону Советкого Заполярия«, о.д.а. мэтээллэрдээҕэ, «Туйгун понтотер» диэн бэлиэлээҕэ.
Онтон концлааҕыртан бииргэ куоппут табаарыһа Гаврил Батыгин 1945 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан сырдык тыына быстыбыта биллэр.М.Н.Соколов оҥорбут «Память! кинигэтигэр «Батыгин Гаврил Алексеевич 1945 сыллаахха15.01. Перечи диэн сиргэ Венгрияҕа хараллабыта» диэн сурулла сылдьар.
Игорь Федоров. Покровскай.