Сахабыт тылынан саҥарар, толкуйдуур оҕо элбиирин туһугар

Покровскай 1-кы №-дээх оскуолатын «Күн» түмсүүтүн оҕолоро өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өбүгэ үгэһин утума» үөрэнээччилэр уонна учууталлар научнай-практическай кэмпириэнсийэ-бэстибээллэригэр кытта кэлбит ыалдьыт оҕолорго сахалыы оонньуулары ыыттыбыт.

Үстүү хамаандаҕа арааран сахалыы ребустары таайыыга, уһун тылтан тыллары толкуйдааһыҥҥа, Саха сирин худуоһунньуктарын уруһуйдарынан пазл оҥорууга, сахалыы ырыалары таайыыга уонна таабырыннары таайсыыга тургутан көрдүбүт.

Күрэс түмүгүнэн «Сулустар» хамаанда бастаата, «Аата суохтар» 2-с миэстэ уонна үһүс миэстэ «Дьиикэй кабааннар» буоллулар.

Оҕолор бииргэ оонньоон, сахалыы кэпсэтэн, билбэтэхтэрин билэн билиилэрин, тылларын саппааһын хаҥаттылар. Бары миэстэлэспит оҕолору «Күн» түмсүү аатыттан минньигэс бирииһинэн күндүлээтибит.

Биһиги биир сомоҕо буолан «Муҥха» оонньууну оонньоон үөрдүбүт-көттүбүт. Санаабытын атастаһан, кэпсэтэн-ипсэтэн аныгыскы сырыыга диэри көрсүөх буолан тарҕастыбыт. Ити курдук, «Күн» түмсүү оҕолоро сахабыт тылынан саҥарар, толкуйдуур оҕо элбиирин туһугар бэйэбит сэмэй кылаппытын киллэрэбит, үлэлэһэбит.

«Күн» түмсүү оҕолоро.