Сахалартан бастакы дипломат Маһары Баһыакап олоҕун чинчийии салҕанар

Дьэргэ быйыл  Россия ыраахтааҕытыгар XVI-XVII-с үйэлэргэ иккитэ тиийэ сылдьыбыт, Саха сирин сайдыытыгар биир бастакынан олук уурбут үтүө өҥөлөөх  историческай личность, Тыгын Дархан сиэнэ Маһары Баһыакапка аналлаах дьоһун театрализованнай  уус-уран туруоруулаах ыһыах тэриллибитэ, күһүөрү аны   саха уонна нуучча култууратыгар сыһыаннаах аһаҕас халлаан анныгар  «Үс Сэргэ» түмэл  комплексын арыйыы буолбута. Бу бэлиэ түгэннэринэн сиэттэрэн  салгыы билигин туох үлэ-хамнас барарын туһунан нэһилиэк баһылыгыттан Егор Исаковтан сэһэргии түһэригэр көрдөстүм:

— Историяны үөрэтии. чинчийии салҕанар. Манна биһиэхэ историктар, археологтар, кыраайы үөрэтээччилэрбит көмөлөһөллөр. Холобур, чинчийиилэр түмүктэринэн  сотору кэминэн  историческай наука дуоктара Андриан Борисов кинигэтэ күн сирин көрөөрү турар. Маһары Баһыакап 390 сыла нэһилиэкпит, Эркээни хочотун дьонун-сэргэтин түмпүтэ, ыһыахпыт ситиһиилээхтик ааспыта. Улууспутугар ытык киһибит бэлиэ сылынан анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ, тэрээһиннэри ыытарбытыгар үп-харчы түмүллүбүтэ. Наука кандидата, ХИФУ доцена  Светлана Петрова салайыытынан Маһары Баһыакап, ити кэминээҕи дьонун таҥаһын сөргүтэргэ улахан үлэ барбыта. нэһилиэкпит иистэнньэҥнэрэ Мария Белолюбская, Наталья Шепелева, Розалия Мордовская о.д.а.  уран тарбахтаахтарбыт  «Маһарыбытын», кини сибиитэтин  былыргылыы таҥыннарары ситиспиттэрэ. Олус астык этэ. Ыһыахпыт  дьон сэҥээриитин ылбыта, биир дойдулаахтарбар онон махтанабын.

Ыһыахпытыгар эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Пааркабытын сөргүтэргэ диэн олохтоох бэйэни көҕүлээһин бырагырааматыгар киирсэн кыайыылаах тахсан  2 мөл. солк. сууманы ылан, нэһилиэкпит  бүддьүөтүттэн 250 тыһ. солк., 100 тыһыынчаны нэһилиэнньэттэн түмэн, ону сэргэ 150 тыһ. солкуобайы  спонсордарбыт биэрэннэр тутуу ыытыллыбыта. Норуот күүһэ көмүөл күүһэ дииллэр.

— Маһары хараллыбыт сиригэр  хаһыылар ыытыллыбыттарын истибитим. Туох саҥаны булбуттарай, сылдьыспытыҥ дуо?

— Аньыыргаан сылдьыбатаҕым эрээри, салайсыбытым. Идэтийбит дьон сиэри-туому толорон дьарыктаммыттара. Бастакы хаһыылары биллиилээх учуонайбыт Гавриил Ксенофонтов 1933 сыллаахха ыыппыта биллэр. Элбэх артефактары булан  Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ туттарбыт этилэр. Быйыл Истээх Бырааныгар иккиһин үлэ тэрилиннэ, булумньулар да бааллар.

— Миэстэтин тугунан сирдэтэн буллугут?

— Дьэ манна  урукку дьон ыйыыларынан сирдэттибит. Сир түннүгэ киһибит Потап Николаевич Кузьмин урут этэн хаалларбыта, ону сэргэ норуот суруйааччыта  Павел Харитонов-Ойуку биллэрбитэ.  Археологтар  үлэлээбиттэрэ. Син супту хаһан 4х4 м   ампаар курдук тутууга 60-ча см  дириҥҥэ сытарын буолбуттар этэ. Ол иһигэр урут көстүбэтэх артефактары, докумуоннарга кэпсэнэр, глазурьдаах дьикти тимэҕи, тииһин, курун, туттар сэбиттэн-сэбиргэлиттэн. Билигин олору үөрэтии барар. Бу хаһыылар суолталара саха омук историятыгар  олус улахан. Тоҕо диэтэххэ, бу аан маҥнайгы дьиҥнээхтик олоро сылдьыбыт, номоххо, сурукка киирбит тойон киһибит туһунан туоһу  буолар. Бу иннинэ тойон буолан олорбуттарбыт ханна хараллыбыттара биллибэт, былыргылара бэрт.

— Эһиги өссө ити «Үс Сэргэ» түмэл комплексын арыйан эрэҕит…

— Дьэ ити туспа сорук буолар. Историябытын ыччаттарбытыгар тириэрдэргэ,  тыраассаннан соҕуруу улахан туркомплекстарбытыгар ааһар туристарга билиһиннэрэргэ анаан тэрийэн эрэбит. Манна нэһилиэнньэ эмиэ көхтөөхтүк кыттар. Оскуолабыт түмэлэ күүс-көмө буолар. Кэлин атаҕар турдаҕына дьоммут да үлэлээх, дьарыктаах, эбии дохуоттаах буолуо этилэр. Манна нуучча, саха олоҕуттан билиһиннэрии буолуо, сири кытары үлэ хайдах тэриллибиттэн о.д.а.  Сотору кэминэн Саха сирэ Россияҕа холбоспута  400 сыла туолуоҕа. Ол даатаны көрсө өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан хамыыһыйа тэриллэн үлэ саҕаланыа. Онно биһиги билиҥҥиттэн бэлэмнэнэбит. Саҥа оскуолабыт тутуллуо, “Эркээнни хочотун” бырагырааматынан инвестиция тардыллан  үлэ-хамнас тэтимириэ турар. Түгэнинэн туһанан биир дойдулаахтарбын Саҥа Дьылынан эҕэрдэлиибин, инникитин даҕаны түмсүүлээх буолуохпут диэн эрэнэбин, этэҥҥэ олоҕу баҕарабын!

— Сонунуҥ иһин махтал буоллун!

Людмила Аммосова.