Кулун тутар 16 күнүгэр улууспутугар аан бастаан ыытыллыбыт сахалыы тылынан сайа саҥарар, Ийэ тылынан этэр-тыынар, төрөөбүт тылы туруулаһар дьон түһүлгэлэрэ буолан ааста. Дьиҥ сахалыы тыыннаах хаҥаластар, саха норуотун биллэр-көстөр аҕа уустара буоларбыт быһыытынан, сахалыы саҥаны тэнитиигэ, сайыннарыыга, саҥалыы тыыннааһыҥҥа сүрүн күүс буолар дьылҕалаахпыт быһыытынан бу түһүлгэ тэрилиннэ.
Үбүлээһинэ улуустааҕы Ийэ тыл түмсүү Сүбэтэ, Хаҥалас улууһун үөрэҕин салаата, көҕүлээччилэр «Хаҥалас» оҕону эбии үөрэхтээһин Киинэ, улуус Ийэ тыл айар куттаах дьонун түмсүүтэ, Бокуруобускай куорат 1-кы №-дээх үөрэҕин кыһата.
Бу түһүлгэни тэрийии төрүөттэрэ:
Кыттааччылар сүрүн таарыйбыт, үлэлээбит тиэмэлэрэ киэҥ: сахалыы ааттар, төрүччүм, мин таптыыр суруйааччым, айымньым, төрөөбүт түөлбэм ааттара, сахалыы тыллаах оонньуулар, умнуллар дьылҕалаах тыллар, саха тылын баайа, сүдүтэ.
Этэр-тыынар түһүлгэ ыытыллыбыт сүрүн төбүрүөннэрэ:
Түһүлгэбит үлэтэ Спиридон Шишигин, оскуола дириэктэрэ, Аан дойду виртуоз хомусчута, алгыстаах хомуһун дьүрүйүүтүнэн, үөрэнээччи Саян Бардеев ис дууһатыттан Семен Данилов «Төрөөбүт тыл» хоһоонун ааҕыытынан, бары турукка киирэн, саҕаланна.
Кыттааччы элбэҕэ суох да буоллар, кэлбит оҕолор, учууталлар элбэҕи биллилэр, көрдүлэр. Ордук кыра кылаастартан кыттааччы элбэҕэ үөрдэр. Оҕолор барахсаттар төрөппүттэринээн, учууталларынаан бэртээхэй чинчийиилээх үлэлэри бэлэмнээбиттэр. Холобур, Гермогенов Тимур (4а кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата, учуутал Понохова Н.Н.), Гермогенов Коля (3б кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата , учуутал Кузьмина А.А.) дьиэлэригэр сахалыы эрэ кэпсэтэллэрин, эбэлэрэ булчут буолан Ийэ дойдутугар элбэх күндү түүлээҕи бултаабытын, аҕалара эмиэ бултуурун сөбүлүүрүн, кинилэр эмиэ булчут буола улаатыахтарын кэпсээн, булт эйгэтигэр сыһыаннаах сахалыы тыллары сэргээн үөрэтэллэригэр төрөппүттэрэ уһуйалларын, булт тыллара эмиэ туһаныллыбат буолан сүтүөхтэрин сөбүн сүрдээх билэрдии кэпсээтилэр.
Ой орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ Титова Уйгу (салайааччыта ийэтэ Титова М.М.), аймахтарыгар хас сахалыы аат баарын, сорох ааттар суолталарын, кылааһын оҕолоругар сахалыы ааттар тустарынан чинчийии оҥорбутун иһитиннэрдэ.
Артамонов Ганя, 3 кылаас (2-с Малдьаҕар орто оскуолата, учуутал Калитина М.В.), сахалыы тыллаах оонньуулары айан биир саастаахтарын көҕүлүүрүн оҕолор уонна дьүүллүүр сүбэ олус кэрэхсии, астына иһиттилэр.
Севостьянов Айсан, (1 кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата) дьоһун баҕайытык, сахалыы остуоруйаларынан бэйэтэ таҥан ойуулуктары оҥорбутуттан «Тымныы оҕус» диэн ойуулугун көрдөрдө.
Оҕолор таптыыр суруйааччыларын, остуоруйаларын туһунан сахалыы сайа астына-дуоһуйа саҥаран, үлэлэрин сыаналатан, сахалыы кинигэлэри бириис тутан тарҕастылар. Манна төрөппүттэринээн көмөлөөн үлэлээбит оҕолор ордук эрэллээхтик этэллэрин-тыыналларын бэлиэтээн, төрөппүттэр көмөлөрө көҥүллэнэр эрэ буолбакка, ирдэнэниллэр эбит диэн түмүктүөххэ сөп.
Орто сүһүөх кылаастар оҕолоро саха тылын билиигэ, үөрэтиигэ аналлаах араас эгэлгэ оонньуулары айан, саастыылаахтарын ортотугар оонньотон биһирэнэллэрин, маннык хабааннаах араас оонньууну оҥорон, тылбыт сайдыытыгар олук ууралларын кэпсээтилэр. Михайлова Ванесса (6 кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата, учуутал Охлопкова К.Ю.), Тимофеева Лилия (5 кылаас, 2-с Малдьаҕар орто оскуолата , учуутал Старостина Р.Ф.), ордук чорбойдулар, Туприна Галя, Васильева Сахаяна (6 кылаас, 2-с Малдьаҕар орто оскуолата, Сидорова Л.С.) үлэлэрэ кэрэхсэннэ. Түөлбэтин гидронимын үөрэппит Варламова Аина (6 кылаас, Хоточчу оскуолата, учуутал Васильева М.В.), «Сахалыы ааттаныы – омукпут уратыта» — Михайлова Айсаана, Лебедева Сайнаара, Иванов Айтал (Покровскай 1-кы №-дээх оскуолатыттан,учууталлара Горохова Л.М., Федорова Т.Г). Саһыл остуоруйаларга сахалыы араас өттүнэн ойууланарын ырыппыттара төрөөбүт тылбыт баайа, кэрэтэ истэргэ олус кэрэхсэбиллээх.
Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр Адамов Ганя (10 кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата, учууталлар Горохова Л.М., Федорова Т.Г.) үлэтэ улахан сэҥээриини ылыан ылла. Кини саха тылын сүмэтин сомоҕо домоҕу үөрэтиигэ, билиини кэҥэтэргэ, бэйэ билиитин бигэргэтэргэ мобильнай сыһыарыны туттууга, туһаныыга үлэтин билиһиннэрдэ. Кэрэхсээбиттэр сонно тута сыһыарыыга киирэн, үлэлэстилэр, олус туһалааҕын бэлиэтээтилэр. 2-с Малдьаҕар оскуолатын олоҥхоһут уолаттара Тихонов Дархан, Афанасьев Владик (9 кылаастар) олоҥхону үөрэтии, толоруу кинилэр төрөөбүт тылларыгар уһуйуллууларыгар, билигин туттуллубат саха тылын билиигэ көмөтүн кэпсээтилэр. Жиркова Ванесса (10 кылаас, Покровскай 1-кы №-дээх оскуолата) «Сахалыы мин тыллаах буоламмын» диэн үлэтинэн кытынна.
Улахан дьоҥҥо краеведтар Раиса Федорова, Митрофан Ефремов үлэлэрэ биһирэннилэр. Раиса Викторовна «Бокуруобускай куорат сирин-уотун ааттара» үлэтин бэл, кыра оҕолор олус болҕомтолоохтук истэн, ыйыталаһан, улахан дьон эмиэ билбэттэрин билэн астыннылар, бэчээккэ тахсарыгар баҕа санааларын биллэрдилэр. Митрофан Ильич билиитэ-көрүүтэ баһаам, бу сырыыга үлэлэһэ сылдьар «Хаҥалас кулубалара» диэн тиэмэни сэгэтэн кэпсээтэ. 2-с Малдьаҕар оскуолатын учууталлара Марина Васильева «Олоҥхо нөҥүө оҕо саҥатын сайыннарыы», Старостина Розалия оскуолатыгар 2018 сылтан ыытыллар «Дьулурҕан» норуот оонньууларын бэстибээлэ Саха сирин атын улуустара кыттыылаах ыытылларын, төрөөбүт тыл сайдыытыгар кыракый да олук уурдарбын диэн үлэлииллэрин иһитиннэрдэ. Хоточчу оскуолатын учуутала Мария Васильева төрөөбүт түөлбэтин ааттарын чинчийэн, элбэҕи билэрин, үөрэнээччилэрин уһуйарын кэпсээтэ.
Махтанабын Спиридон Спиридоновичка, оскуола кэлэктиибигэр олус үчүгэйдик тэрийсибиттэригэр, минньигэстик айах тутан, саха ыалыныы ыалдьытымсахтарын иһин.
Түһүлгэ үлэтэ элбэх үтүө санаалары үөскэттэ. Төрөөбүт тылбыт баайа олус киэҥ ыырынан үөрэтиэххэ сөбүн, бэл биир тылы ырытан да баһаам арыйыыны оҥоруохха сөбүн, араас ыраҥалааһыны, тэҥнэбили, бэл аныгы кэмҥэ саҥарыы тыынын (интонация), олоххо, литератураҕа, туттуллууну…
Түһүлгэ кыттыылаахтара аҥардас тыл оонньууларыгар да туһунан тэрээһини ыытыахха сөбүн ыйдылар.
Хомойуох иһин, уһуйаан иитиллээччилэрэ кыттыыны ылбатылар, сахалыы тыллаах уһуйааннар суохтарыгар дылы, уһуйаан салайааччылара өрөспүүбүлүкэҕэ ылыныллыбыт уураахтары билбэттэрэ, саха оҕотун сахалыы тыыҥҥа иитэргэ кыһамматтара киһини соһутар, сөхтөрөр.
Кэнэҕэски өттүгэр, сахалыы тыыҥҥа иитэр тэрээһиннэри тиһигин быспакка, нэһилиэк, улуус таһымыгар суолта биэрэн, туох баар тэрилтэлэр, түмсүүлэр, үөрэх кыһалара, уһуйааннара, эбии үөрэхтээһин ситимэ бары кытталларын курдук дьаһанан тэрийиэххэ.
Капиталина Скрябина, «Хаҥалас» оҕону эбии үөрэхтээһин киинин үлэһитэ.