«Дьиэ кэргэн айылҕатын анала — чэбдик оҕону төрөтөн, саҥа көлүөнэни иитэн-үөрэтэн, таһааран омук барҕарыытын хааччыйыы»
К. Чиряев «Олох педагогиката»
Өктөм нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Готовцевтар дьиэ кэргэн олохсуйан, бур-бур буруо таһааран олороллор. Аҕа баһылык Александр кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстыгас буолан, «киһи кыайбатаҕа суох» диэн санаанан сиэттэрэн, сахалыы сэмэйдик эттэххэ, сатабыллаах маастар, Покровскай куорат баһаарынай чааһын хорсун байыаһа. Онтон ыал ийэтэ — дьиэ кэргэн туллубат тутааҕа Сахаяна. Үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах кыыс кыра сааһыттан ырааҕы-киэҥи толкуйдаан, сыал-сорук туруорунан, ылыммыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр хаачыстыбалаах. Кэрэ эйгэ, ырыа-тойук, үҥкүү-битии абылаҥар ылларан Өктөм нэһилиэгин «Барҕарыы» Култуура киинигэр үлэлиир. Алаһа дьиэтин араҥаччылаан, дьиэ ис туругун оҥорон, минньигэс аһылык астаан, бастыҥ хаһаайка буолан, дьиэ кэргэнин уйгулуур саха Далбар Хотуна. Хайа да ийэҕэ үтүө холобур, мындыр толкуйунан, олоххо тардыһыытынан киһини сөхтөрөрө элбэх. Аныгы үйэ ийэтэ буолан дьиэ-уот эрэ сүпсүлгэнигэр баттаппакка, бары өттүнэн сайдарга дьулуһар. Александрдаах Сахаяна икки Кэрэ Куо кыргыттарга, түөрт Үрүҥ Уолан уолаттарга күн сирин көрдөрбүт дьоллоохтор.
— Биһиги ыал буолбуппут номнуо 23 сыл буолла. Иккиэн кэргэмминээн Уус Алдан улууһуттан төрүттээхпит. 16 сыл анараа өттүгэр Өктөм нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Манна мин хаан аймахтарым олороллор, онон Өктөмү оҕо эрдэхпиттэн билэбин, хаста да сайылаан улааппыт сирим. Саҥа олохсуйарбытыгар 3 оҕолоох этибит. Оччолорго үһүс оҕобутугар судаарыстыба көмөтүнэн 250 тыыһынча солкуобай «Ийэ хапытаалын» ылан бу билигин олорор дьиэбитин туттубуппут. Икки улахаммыт устудьуоннар, онтон иккибит оскуола саастаахтар, биир эһиил киирээри сылдьар уонна мин үс ыйдаах кырачаан кыыспын көрөн олоробун, — диэн ыал ийэтэ Сахаяна кэпсиир.
— Дьиэ кэргэммит биир сомоҕо, бэйэ-бэйэбитигэр көмө-күүс буолан олоробут. Оҕолор туох баар саҕалааһыммытыгар тэнҥэ сылдьыһаллар, биһиэхэ барыга-бары илии-атах буолаллар, — диэн ыал аҕата Александр салгыыр.
Готовцевтар иккиэн үлэлэриттэн ордон туһалаах дьарыктаахтар. Ол курдук, аҕа баһылык Александр үлэттэн толлубат — дьиэтин таһыгар сайын устата дьоҕус тутууга сөптөөх пенобетоннары оҥорон таһаарар. Онтон уран тарбахтаах ыал ийэтэ Сахаяна дьиэтигэр олорон нэһилиэнньэттэн сакаас ылан иистэнэр. Кини тикпит таҥастарын Өктөм көхтөөх түмсүүлэрэ, уус-уран ансаамбыллара кэтэллэр. Онон нэһилиэккэ туһалаах дьыаланан дьарыктанар ыалынан биллэллэр.
Александр уонна Сахаяна оҕолорун олоххо бэлэмнээх буолалларын туһугар аһаҕастык кэпсэтиһэн, хайҕаһан, оҕо бэйэтин баҕатынан сайдарыгар араас куруһуоктарга сырытыннаран, бэйэлэригэр эрэллээх киһи буолан тахсалларын туһугар ыкса үлэлэһэллэр.
Инникитин сахам сайдам ыалыгар баҕарыам этэ ситиһии аргыстаах тэтимнээх үлэни, алаһа дьиэҕит оҕо саҥатынан туолан, уруйдана-айхаллана туруохтун!
Татьяна Владимирова.