— Хас биирдии төрөппүт, эбээ, эҺээ сахатын тылын оҕотугар, сиэнигэр кыратыттан иҥэрдэҕинэ омук быһыытынан хаалыахпыт. Онон, бука диэн, бу саалаҕа биһигини көрсө, ырыабытын-тойукпутун көрө-истэ кэлбит ытык дьонум, эһиэхэ, инникитин омук буолан чэчириирбит инниттэн улахан сорук турар, — диэтэ аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаарын кэрэ куоларын кытары хаҥаластарга быыстапкалаах, кэнсиэртээх кэлбит саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх суруналыыс Наталья Михалева- Сайа, «Саргы түҺүлгэтэ» култуура дьиэтин сыанатыттан, ырыатын быыһыгар.
Ырыаһыттар да эбит Сунтаар далбар-хотуттара Тамара Попова-Хадаана,Фатина Иванова-Дунаайа, Екатерина Львова-Кыталык Куо, Екатерина Софронова, Людмила Спиридонова уонна Наталья Михалева. Уу сахалыы саҥаран, ыллаан көрөөччүлэр куттарын туттулар. Бу барахсаттары көрө олорон биһиэхэ, хаҥаластарга, маннык бөлөх тэринэн биллиилээх ырыаһыттарбыт, хаһан эрэ гостуруоллуохтара, оройуоннарын аар-саарга аатырдыахтара, сахаларын тылын дууһаларыгар иҥэриэхтэрэ дуо диэн салгыҥҥа сэмээр ыйытыылаах буоллум.
Кырдьык, Сайа этэринии, биһиги көлүөнэ эрэ сахабыт тылын умнуллууттан быыһыыр кыахтаах.Төлөпүөҥҥэ убаммакка, социальнай ситим абылаҥар аһары ылларбакка кырачааннарбытыгар болҕомтото ууруоххайыҥ, саха саҥатын иҥэриэххэйиҥ. Этэргэ дылы, сахалыы хаһыакка үлэлиирбинэн оҕолорбут нуучча тылынан чуопчаарар, улахан дьоммут сахалыы хаһыаппытыгар нуучча тылынан суруйууларын ыытар буоллулар -тыл үөрүйэҕин улам билбэт буолан иһэллэрэ көстөр, тылбаастыырбыт үксээтэ. Онтон билигин гаджекка убаммыт оҕолорбут ыччаттара төрүт ийэ тылларын умнар кутталланнылар дуу диэн дьиксинии мээнэҕэ буолбатах, суруйааччыбыт сөпкө этэр…
Людмила Аммосова.