Саҥа салайааччылар ананнылар

Баһылыктар сэбиэттэригэр

Нэһилиэктэр баһылыктарын сүбэ мунньаҕын соторутааҕыта улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан анаммыт Василий Андреев иилээн ыытта. Бу күн Үп управлениетын начаалынньыгынан анаммыт Наталья Климентованы, быйыл күһүн 1-кы Дьөппөн баһылыгынан саҥа талыллыбыт Андрей Яковлевы билиһиннэрдилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Андрей Архипов ынах сүөһүнү тутар хаһаайыстыбалар (кэтэх ыаллар хапсыбаттар) балбаах сокуонун чэрчитинэн сыл бүтүөр диэри балбааҕы, ходулу харайар анал былаһааккалаах буолуохтаахтарын санатта. Миэстэтигэр дьаһалталар сир аныыллара ирдэнэр эбит. Балбааҕы мунньуу туспа быраабылалаах, ирдэбиллээх диэтэ салайааччы, ол барыта тутуһуллуохтаах. Холобура, Россельхознадзор ирдэбилинэн анал сир олорор дьиэттэн 300 м тэйиччи, күрүөлэммит буолуохтаах. Өскөтүн бу ирдэбил тутуһуллубатаҕына, кырата суох ыстараап олохтонор.

Эһиилги сылга үүт былаана улаатыа дуо диэн ыйытыы киирдэ. Ааспыт сылга Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улууска үүккэ 5094 т былааны биэрбит буоллаҕына, быйыл кыччаппыта, 4371 т түһэрбитэ. Андрей Леонидович иһитиннэрбитинэн, былаан 95% туолбут. Үүтү оҥорон таһарааччылартан аҥардас «Хаҥалас-Ас» былаанын 152% толорбут. Департамент көрдөһүүтүнэн министиэристибэ үүккэ иэни өссө эбэр буолла.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Юрий Никифоров сэтинньигэ улуустан байыаннай дьайыыга кыттар уолаттарга гуманитарнай көмөнү илдьэ эмиэ дэлэгээссийэ бараары бэлэмнэнэр диэн иһитиннэрдэ. Хас биирдии нэһилиэккэ көмө хомуллан саҕалаабыт. Эрдэ байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр командировкаҕа сылдьыбыт баһылыктар аадырыстаах баһыылкалары тиксэрэр судургутун, бу да сырыыга оннук бэлэмнээх барар наадатын эттилэр.

Инфраструктура сайдыытын управлениетын салайааччыта Алексей Мартынов хомунаалынай өҥө иһин нэһилиэнньэ төһө иэстээҕин иһитиннэрдэ. Ол курдук, Покровскай куорат, Мохсоҕоллоох бөһүөлэгин олохтоохторо Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 60-чалыы мөл. солкуобайга тиийэ иэстэммиттэр. Бэл кыра нэһилиэктэр 500-чэкэ тыһ. солкуобай иэстээхтэр эбит. Салайааччы баһылыктар бу боппуруоска олохтоохтору кытта үлэ ыыталларыгар соруйда. Дьон хомунаалынай өҥө иһин маннык иэскэ киирэллэригэр араас төрүөт баар. Биллэн турар, үгүстэрэ кыра дохуоттаах, үлэтэ суох дьон буолаллар. Онон кыһалҕаны быһаарарга өҥөнү тиксэрээччилэр, о.э. ОДьХХ, эмиэ интэриэстээх буолуохтаах, быыс-хайаҕас булан быһаччы үлэлэһиэхтээх, миэрэ ылыныахтаах.

Ольга Гермогенова.