Саҥа технологиялары киллэрэн

Хонуу-2024

Орто Дойдуга ыытыллыбыт «Хонуу-2024»  күнүгэр  тыйыл айылҕалаах Сахабыт өрөспүүбүлүкэтигэр  сиртэн үүнээйи өлгөм үүнүүтүн ылыыга  сыралаһар 400-тэн тахса киһи кытынна, туох үлэ барарын    билистэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров мустубут дьоҥҥо: «Бу тэрээһинтэн хас биирдиибит элбэҕи  күүтэр. Манна сүрүн сыалбытынан буолар — төрүт дьарыкпытыгар, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга саҥа технологиялары киллэрэн инники үлэҕэ-хамнаска хамсааһыны таһаарыы»,- диэтэ.

Төгүрүк остуол тула олорон тыа сирин эдэр исписэлиистэрин иитии, селекция тула,  үүнээйи оройуоннаммыт суортарын быһаарарга санаа атастаһыыта буолла. Ордук улахан болҕомтону бурдук уонна элбэх сыллаах от сиэмэтин элбэтиигэ, ыһыыга уурулунна.

Билиҥҥи килиимэт уларыйыытыгар сөп түбэһиннэрэн сүөһү аһылыгар анаан Сибииргэ уонна сымнаһыар айылҕалаах атын да эригийиэннэргэ таһаарыллыбыт суортары аҕалан ыһар туһунан боппуруоска институкка үлэлиир Х.И.Максимова, В.С Николаева, А.Н.Сивцева иһитиннэрии оҥордулар. Кинилэр подсолнуҕу, кукурузаны, просоны ыһыыны олоххо киллэрбиттэрин холобурдаатылар, кэнники сыллардаах үлэлэрин түмүгүнэн козлятник уонна амарант курдук үрдүк үүнүүнү биэрэр култуураларга патент ылбыттарын туһунан кэпсээтилэр, эдэр  агрономнарга сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөргө баҕаларын биллэрдилэр.

Тамара Колесова «Тоҕой»  ТХПК   үлэлээбитэ, кини билигин да бу эйгэттэн тэйбэккэ АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалыгар  преподавателлыыр. Хонуу күнүнэн  санаатын эттэ:

— Бүгүн манна сылдьан үгүс саҥаны көрдүм-биллим. Биһиги үлэлиирбит саҕана маннык тиэхиньикэ, түргэнник  ситэр үүнээйи суортара бааллара  буоллар тыа хаһаайыстыбата сайда туруо этэ. Ол эрээри, барыта кэмнээх, туспа күннээх-дьыллаах, олох тэтиминэн тыа хаһаайыстыбата биир сиргэ турбата чахчы. Холобур, билигин сэлээркэ сыаната олус ыараата, урут биһиги үлэлиирбит саҕана бу саамай тоҕоостоох оттук этэ. Ол оннугар аны аккумуляторынан иитиллэр  тэриллэри дьон хото туттар буолбуттар. Агродроннары сүрдээҕин сэргээтим, бааһынаны биир гына көтө сылдьан ыстарар аппараты. Сыаната да тыраахтардааҕар удамыр эбит, — диэтэ уопуттаах агроном Дмитрий Яковлев. Кини урут  «Өктөм» сопхуоска тиһэх дириэктэринэн үлэлээбитэ, билигин сынньалаҥҥа олорон сылгы иитиитинэн дьарыктанар.

— Мин маннык тэрээһиннэргэ куруутун кытта сатыыбын.  Киһи  олохтон хаалыа суохтаах,  саҥаны иҥэринэн иһиэхтээх. Бу ыытыллыбыт Хонуу күнүгэр  саҥа тыраахтырдары, араас тиэхиньикэни сэҥээрдим. Үйэлэр тухары  тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тиэхиньикэ эрэ чэпчэтэр кыахтаах. Онон инникитин даҕаны сайдыы бара турарыгар баҕарабын. Тус бэйэбэр диэн мелиорацияҕа, сири саҥардыыга, сүөһү аһылыгар үүнээйини үүннэриигэ туһуламмыт төгүрүк остуолга сырыттым, элбэх саҥаныбиллим, -диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ бэтэрээн.

Бу күн быыстапкаҕа сир-сир аайыттан нэһилиэктэр тэрилтэлэрэ, агро-оскуолалар, биирдиилээн дьон оҕуруот, сир  аһын арааһын, оҥорбут бородууксуйаларын тардан кэбиспиттэрэ дьон сүргэтин көтөхтө. Тэрээһин чэрчитинэн кыайыылаахтары наҕараадалаатылар. Манна Дьокуускай куорат бастаата, иккискэ Хаҥалас уонна үһүс миэстэҕэ Амма улуустара таҕыстылар. Агро-оскуолаларга Уус Алдантан Суотту орто оскуолата, иккискэ Мэҥэ Хаҥаластан Ороссолуода  уонна үһүскэ Хатас орто оскуолалара тахсан  бэлиэтэннилэр

Татьяна Владимирова.