Хаҥаластааҕы IV-с Педагогическай конгресс кыттыылаахтарыгар анаан Өктөм оскуолатын оҕолоро уонна учууталлара «Дьорҕостой Бэргэн» диэн аныгылыы Олоҥхону туруоран көрдөрбүттэрин туһунан кылгастык үллэстиэхпин баҕардым.
Киһи кэрэхсии көрөр ураты туруоруута дии санаатым. Олоҥхону оонньоон көрдөрбүт оҕолор олус сэргэхтик туттан-хаптан, хамсанан-имсэнэн, бэйэлэрэ сэһэргээн биэрэ-биэрэ оонньоотулар. Көрөргө үчүгэйиин: оҕолор ис сүрэхтэриттэн оонньуулларын — харахтара уоттанан, умайан олорорун… Олоҥхону туруоралларыгар сюжетнай линията судургу, тэтимнээх уонна билиҥҥи олох киэбигэр эппиэттэһэр буолан аныгы үйэ оҕолоругар олоҥхобутун тириэрдэргэ ордук көдьүүстээх буолуон сөп эбит дии санаатым.
Олоҥхону туруорарга анаан туттубут сүрүн атрибуттара бэрт аҕыйах эрээри, киһи ону тутах дии санаабат. Төттөрүтүн, фантазия муҥура суоҕун арыйан көрдөрөр. Ол курдук, улахан эрэһиинэ мээчиги, киһи эрэ сөҕүөх-махтайыах, олус бэркэ араас өттүттэн ойуулаан-уобарастаан көрдөрдүлэр.
Аны уота-күөһэ эмиэ табыллан таҥыллыбыт буолан, олоҥхо ис хоһоонун толору тириэрдэргэ олус көмөлөөх буолла. Уонна биир сүрүн киһи кэрэхсиирэ диэн — олоҥхо саҕаланыаҕыттан бүтүөҕэр диэри тыыннаах музыка доҕуһуолунан уйдарыллан, олоҥхону туруоруу үрдүк таһымнааҕын көрдөрдө!
Бу олоҥхо-испэктээкэли Дьокуускайтан тыйаатырын режиссердара – Лена Оленова, Наталья Слепцова туруордулар.
Салайааччыларга, оҕолорго өссө даҕаны ураты-кэрэ туруоруулары айан-чочуйан таһааралларыгар баҕарабын!
Күбэйэ Мордовская.