Мин аҕам, Ермолаев Семен Васильевич, балаҕан ыйын 19 күнүгэр 1913 сыллаахха Илин Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Кини төрөппүттэрэ быстар дьадаҥы ыал буоланнар кыайан үөрэммэккэ хаалбыта. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары сэттэ этилэр, сорохторо эрдэ өлөн олохтон туораабыттара.
1932 с. аҕабыт «Кыһыл Үрүйэ» холкуоска чилиэнинэн киирбитэ. Ол кэмтэн хонуу биригэдьииринэн ананан уопсай дьыала туһугар элбэх сыратын биэрбитэ. Оччолорго үксэ илии үлэтэ буолан биригэдьиир сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка дылы ходуһаттан, бааһынаттан тахсыбакка үлэлиирэ. Үлэ да түмүгэ куһаҕана суох этэ. 1938 сыллаахха 8 гектардаах Көрдүгэн диэн уу ылар сиригэр турар бааһыналарыттан хас биирдии гектарыттан 48 центнер эбиэс бурдугу үүннэрэн ылаллар этэ. Ити курдук үүнүүнү ыһыы иһин үчүгэй үлэтинэн аҕабыт икки уостаах саанан наҕараадаланан турар.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр киниэхэ бронь биэрэн ыыппатахтара, доруобуйатынан уонна салайар үлэҕэ сылдьарын иһин барбакка хаалбыта. Бу кыһалҕалаах ыар сылларга хонуу биригэдьиирэ буолан утуйар уутун умнан туран харса суох үлэлээбитэ. Сут, кураан дьылларга аһыҥа бөҕө түһэн үүнээйилэрин, бурдуктарын, отторун саһарчы сиэн кэбиһэн эрэйдиирэ. Аһыыҥканы ханааба хаһан киллэрэн өлөртүү сатыыллара даҕаны, ол да улахан туһаны аҕалбат этэ. Сэрии кэмнэригэр бэриниилээх үлэтин иһин аҕабыт Сталин төбөлөөх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн 1953 сыллаахха дылы хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Онтон кэлин «Ленин» холкуоска 1971 сылга дылы оҕуруот аһын үүннэрээччилэри салайан үлэлэппитэ. Кинилэр аһаҕас сиргэ оҕурсуну өлгөмнүк үүннэрэллэрэ. Ону таһынан хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, моркуобу, ботуун луугу ыһаллара. Оҕурсуну аһаҕас сиргэ гаттан 984 центнертэн тахсаны, сүбүөкүлэни гаттан 197 центнери хомуйаллара, онтон бурдугу – 15-18 центнери.
Семен Васильевич үтүө суобастаах үлэтин иһин 1970 сыллаахха райком Бочуотунай грамотанан, 1971 с. – Саха АССР тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин, 1969 с. – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамоталарынан, В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан үлэҕэ килбиэнин иһин мэтээлинэн, «Производство бастыҥа» бэлиэлэринэн, үс төгүллээн анал ааттаах чаһыларынан бэлиэтэммитэ.
Аҕабыт 1968 с. пенсияҕа да тахсан баран таах олорботоҕо. Кыһынын хортуоппуй хранилищетыгар оһох оттооччунан, харабылынан үлэлээбитэ, сайынын илии от звенотун сала-йара. Звено хас биирдии чи-лиэнигэр түөрт тонна тиксэр оту оттоон Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта. Итинник үлэлээн аҕам Ермолаев Семен Васильевич кыайыыны уһансыбытынан биһиги, кыыһа, сиэннэрэ, киэн туттабыт. Кини 1997 сыллаахха бу олохтон туораабыта.
Светлана Григорьева.
Хаартыска интернет ситимиттэн.