Сэрии сылларын оҕотугар дуобакка турнир ыытылынна

Учуутал – хас биирдиибитигэр чугас, истиҥ киһи. Учуутал оҕону олоххо бэлэмниир, инники ситиһиилэрин түстүүр, билии киэҥ эйгэтигэр сиэтэн киллэрэр үрдүк аналлаах. Киниэхэ саамай үрдүк дьолунан дьон-сэргэ, оҕо-аймах ытыктабылын ылыы буолар. Мин аҕам, Макаров Николай Афанасьевич, маннык дьонтон биирдэстэрэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

Аҕыйах хонуктааҕыта  Исай Никифоров аатын сүгэр 5-Малдьаҕар орто оскуолатыгар аҕам, Николай Макаров, аатын үйэтитэр дьоһун тэрээһин – Малдьаҕар нэһилиэктэрин оскуолаларын икки ардыгар дуобат күрэҕэ ыытылынна.

Аҕам туһунан ахтан ааһыым…

Мин аҕам тохсунньу 23 күнүгэр 1941 сыллаахха Мэнэ Хаҥалас улууһун  1-Мэлдьэхси нэһилиэгэр холхуостаах Афанасий Иванович, Марфа Семеновна Макаровтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Бэрдьигэстээх, Мас Булгунньах дэриэбинэлэргэ ааспыта, 1957 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбитэ.

Ол кэнниттэн 1957-1960 сыллардахха Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрэн баран Герой Попов аатынан холхуоска үс сыл үлэлээбитэ, 1963 сыллаахха Саха госуниверситетыгар историко-филологическай факультет история салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1967-1973сс. Орджоникидзевскай оройуон Тиит-Арыы орто оскуолатыгар история, обществоведение учууталынан алта сыл үлэлээбитэ. 1973 с. Ньургунуттан төрүттээх Светлана Лотовалыын ыал буолбуттара.

Аҕам 1973 сылтан 1998 сыллаахха диэри 25 сыл устата 5-Малдьаҕар оскуолатын дириэктэринэн үлэлээбитэ. Бу кэмҥэ кини улахан болҕомтону оскуола материальнай базатын хаҥатыыга, кабинетнай системаны киллэриигэ, үөрэтии-иитии боппуруостарын тупсарыыга уурбута. Нэһилиэк общественнай олоҕор куруутун көхтөөхтүк кыттара — нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатынан, пропагандиһынан, дуобат спорда сайдарыгар үлэлэспитэ. Араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттара, улуус чиэһин көмүскүүрэ.

Аҕам өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтин, Бырабыыталыстыба наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. «РСФСР үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн, Хаҥалас улууһун, Кытыл Дьура сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо аат иҥэриллибитэ, 1999 с. кини «За большие заслуги в области народного образования» диэн үрүн көмүс, 2010 с. «СӨ үөрэҕирии ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ» бэлиэлэринэн, «Үлэ бэтэрээнэ» мэтээлинэн, ону таһынан элбэх бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Николай Афанасьевич 1998 сыллаахха дириэктэрдээн бүтэн баран 2010 сылга диэри оскуолаҕа история, обществоведение учууталынан үлэлээбитэ, онон үөрэх эйгэтигэр 43 сылын анаабыта.

Аҕам иллэҥ кэмигэр дуобат оонньуура, кинигэ ааҕара, сайын оттуурун, балыктыырын, сир астыырын сөбүлүүрэ. Кини Кытыл Дьураҕа айылҕатын, кэрэ көстүүтүн, дьонун-сэргэтин таптаан, иккис дойду оҥостон дьоллоохтук олорбута. 2021 сыл сайыныгар, улаханнык ыалдьан баран 2022 сыллаахха 82 сааһыгар сырдык тыына быстыбыта.

Мин бэйэм үрдүк үөрэхтээхпин,  алын сүһүөх кылаас учууталынан төрөөбүт нэһилиэкпэр 25 сылын үлэлии сылдьабын. 1999 сыллаахха Сиинэттэн төрүттээх Степан Тимофеевтыын ыал буолбуппут, кэргэним суоппар идэлээх, 5 оҕолоохпут. Улахан уолбут Коля, ЯЭПИ 2-ис курсун устудьуона, улахан кыыспыт Светлана үрдук үөрэхтээх экономист, орто уолбут Алексей Макаров, АГАТУ агроинженерия факультетын 2-ис куурсугар үөрэнэр, кыра кыыспыт Таня 9 кылаас, уолбут Сандаар 1 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Аҕам сиэннэрин олус таптыыра, “чыычаахтарым” диэн ааттыыра, бары үөрэхтээх, дьоллоох-соргулаах дьон буолуннар диэн баҕа санаалааҕа… Кини барыларын спорт бу көрүҥэр угуйан билигин оҕолорбут бары дуобат оонньууллар.

Дуобат күрэҕин түмүктэрэ

Бу күрэххэ Сиинэ, Иһит нэһилиэгин оҕолоро, улахан дьоно кэлэн барыта 36 о5о, 6 улахан киһи кытынна. Биһиги оскуолабыт икки хамаанданы туруорда.

9 дуоскаҕа оонньоон оҕолорго күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар: Захарова Лена (Сиинэ), Сакердонов Эрсан  (Сиинэ), Тимофеев Саян (Кытыл Дьура), Латышев Серёжа (Кытыл Дьура), Николаев Айсиэн  (Кытыл Дьура), Никодимова Саасчаана  (Сиинэ),Тимофеева Таня    (Кытыл Дьура), Сазонов Айаан  (Сиинэ), Сивцев Юрий  (Иһит). Күрэх кыайыылаахтара, призёрдара грамотанан, кубогынан, мэтээллэринэн, харчынан наҕараадаланнылар.

Дьахталларга: Анна Матвеева (Кытыл Дьура) бастаата, иккис миэстэ – Марина Филиппова (Сиинэ), үһүс – Нюргуяна Лотова. Эр дьоҥҥо:  Сергей Латышев (Кытыл Дьура) тэҥнээҕин булбата, иккискэ – Владимир Филиппов (Сиинэ), үһүскэ –Андрей Мордовской  (Кытыл Дьура) таҕыстылар.

Күрэх түмүгүнэн Сиинэ хамааандата (хапытаан Захаров В.Н.) кыайыылаах аатын ылла, көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланна, иккис миэстэ – Кытыл Дьура I хамааандата (хапытаан Лотова Т.И.), үһүскэ – иһиттэр (хапытаан Суханова В.Ю.) таҕыстылар.

Анал аакка тигистилэр: Иһиттэн Соловьёва Вика,  Филиппова Ярослава  , Осипов Айтал, Сиинэттэн Сазонов Айаан. Попов Константин Егоровичка “Аҕам саастаах кытааччы” диэн анат аат иҥэрилиннэ.

Бу күрэҕи ыытарга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл, күүс-көмө буоллулар аҕам бииргэ төрөөбүт эдьиийин, балтын оҕолоро, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ, бырааттара, кинилэр оҕолоро уонна Владимиров И.Д. дьиэ кэргэнэ. Күндү дьоммутугар уонна оскуолам кэлэктиибигэр барҕа махталбытын тириэрдэбит.

Бу икки сыл буола-буола ыытыллар дуобат күрэҕэ сэрии сылларын оҕотун тапталлаах аҕам, эһээбит аатын үйэтитэ турдун!

Светлана Макарова, учуутал.