Форумтан санаалар

Саха өрөспүүбүлүкэтин иккис президиэнэ Вячеслав Штыров Покровскайга тахсан мунньахтыырыгар, мин көнөтүнэн «Саха сиригэр сир баайыттан үлүгэрдээх үп-харчы киирэн ааспыт кэмнэрдээх этэ, ол туһунан санааҕын этиэҥ буолаарай,  Вячеслав Анатольевич?» диэн ыйытыыбар: “Да, оннук баара, ол үп-харчы хайдах, туох быһыылаахтык туһаныллыбытай диэн ыйытык баардиэн күөйэ-хаайа этэн кэбиспитэ. Мин тус санаабар, эстэн-быстан, ыал устун бара сыспыппыт диир дьоннор, ис-дьиҥи билбэттэриттэн итинник дойҕохтууллар. Бырабыытыластыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта хомунньуус Артур Алексеев Покровскайга отчуоттуур мунньаҕар саас-сааһынан ханнык, хас тутууга төһөлөөх үбү албыннаппыттарын эбэтэр аһара төлөөбүттэрин бэрт дьэҥкэтик эридьиэстээн биэрбитин, эт кулгаахпынан истэн турардаахпын уонна хайдахтаах даҕаны суукка ону кэрэһэлиир кыахтаахпын. “Тыа сирэомук дьылҕата” диэн общественнай форум мунньаҕар сырыттым эрээри, соччо сэҥээрбэтим. Тоҕо?

Иллэрээ сыллааҕыта этэ дуу, Хачыкаат нэһилиэгэр бастакы президент Михаил Николаев кыттыылаах улахан симпозиум мунньаҕар сылдьыбытым. Улуу киһиэхэ А.Е. Кулаковскайга-Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт тэрээһин этэ эрээри, тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомто ууруллубута. Санаа арааһа этиллибитэ, кэпсэнии, сэмэлэнии да баара. Үрдүкү «сууттарга» тэрилтэлэргэ этии бөҕөтө суруллубута, көрдөһүү да киирбэхтээбитэ. Бэйи, били симпозиуммут көрдөһүүлэрэ-этиилэрэ ханна тиийдилэр? диэн эр-сэмээр ыйытан көрдөхпүнэ, сапсыйан эбэтэр иэдэс биэрэн киэр хайыһан кэбиһэллэр, ол мунньахха сылдьыбыт тойон-хаан дьоннорбут.

Форум буоллун, симпозиум буоллун, сахалыы мунньах диир тоҕо сатамматый?! Бу мунньах сүрүн эркээйилэрин, дакылааттарын, бырайыактарын эридьиэстиир-ырытар кыах да, баҕа даҕаны суох миэхэ. Тоҕо?

Улуус (нэһилиэк) Сүбэтин тэрийии уонна үлэтин сүрүн эркээйилэрэ (бырайыак) диэҥҥэ этэрим биир. Бу хоһулаһыы – дубль дии. Ааттыынбиир! Улуус (нэһилиэк) Сүбэтин (Сэбиэтин) тэрийии диэн. Сэбиэт диэни Сүбэ диэбиттэр. Итинник Сүбэтэ даҕаны суох эҥинэ бэйэлээх общественнай тэрилтэлэр улуус, нэһилиэк таһымынан хара баһаамнар! Форумнары, симпозиумнары тэрийэр дьону хара хоруо курдук саҥарар, этэр сатамматын билэбин.

«Тыа сирэомук дьылҕата» форуму бэлэмнээһин үлэтигэр Саха сиригэр биллэр-көстөр, улахан аптарытыаттаах 80 киһи кыттыспыт эбит. Хаҥалас улууһуттан 13 киһилээхпит бу тэрээһин үлэтигэр. Форум үлэтигэр 154 киһи сырытта, 4 секциянан иккикүннээх үлэ барда. Хаҥалас улууһуттан мунньан-тараан 20-тэн тахсар ахсааннаах дэлэгээт сырытта. Улахан мунньах бас-көс дьоно олорор-үлэлиир балтарык остуолларыгар президиумҥа Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах дьокутаата Тихон Скрябин уонна өр сылларга АККОР диэн бааһынайдар, фермердэрөрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэлэрин салайааччыта Валерий Ефремов олорбуттарын уонна бастакынан тыл эппиттэрин биһирии иһиттим. Уолаттарбыт бааллар салайар эргимтэҕэ диэн эгди буоллум. Эргэнэхара тыаҕа үүнэр мас кылгастаах-уһуннаах буоларыныы, тыл этээччилэр даҕаны араастаан этэллэр-тыыналлар буоллаҕа…

Биир бэйэм форум үрдүк трибунатыттан тыа сиригэр үлэлиир дьон орто хамнастара төһө-хачча буоларын олох билбэттэр. Бэл диэтэр, тыа хаһаайыстыбатын идэлээх сойуустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэрэссэдээтэлэ Борис Николаев, саха «Тэтим» араадьыйатыгар билбэппин диэн көнөтүнэн билиммитэ диэн эппитим. Ыанар үүт биир лиитэрэтэ бэйэҕэ турар сыаната (себестоимость) төһө-хачча буоларын билэр киһи суох! Покровскай куорат тэрилтэлэрин тэлгэһэлэрин, бааһына, оҕуруот, даача, оскуола, хонтуора сирдэрин токур хотуурбунан, мас кыраабылбынан 26 (!) сыл оттоон уурайбытым 4 сыл буолла. Ийэ хара көлөһүммүн тоҕон, үлэлээбит үлэбин тилиннэрэр инниттэн, биир киилэ үүппүн икки бухаанка килиэп сыанатыгар батарар этим. Күн бүгүнүгэр биир лиитэрэ үүтүм 110 солкуобайга атыыланыа этэ.

Омугуттан тутулуга суох мэлдьи атыылаһар дьоннордоох этим. Кэргэммин Надежда Наримановнаны ыраас-чэнчис хаһаайка диэн хайҕаан туран, үүппүтүн үөрэ-көтө ылалларын күн бүгүнүгэр диэри махтана ахтабын. Барахсаттар, үгүстэрэ кырдьаҕас дьон, үлэ киһитэ өйөнүллүөхтээх диэн санаабын көтөҕөллөрө, бытархайдаспат буолаллара

Мунньахха 7 мүнүүтэ биэрбиттэригэр Анал байыаннайдьайыылар (СВО) туһунан санаабын эттим. Сорох-сорохтор сүөргүлүүллэрин билэбин эрээри, баары баарынан эттэххэ, сахалар диэтэх дьон байыаннай дьоммутунан быстар мөлтөхпүт… Бүтүн саха дэнэр омукка байыаннай юрист идэлээх киһитэ суох эбиппитин «Талбан» ТВ биэрииттэн билэммин сүөм түстүм, харысхааллымБайыаннайдар туспа прокуруордаахтар, туспа сууттаахтарбайыаннай трибунал дэнэр, быһата, сабыылаах эйгэлээхтэригэрсаха киһитэ суоҕа хомолтолооҕун ааһан, улахан мөкү өрүттээх буолуон сөп.

Сэрии аата сэрии, уолаттарбыт барахсаттар, хайдах-туох быһыыга-майгыга, хайдахтык дьаһанан сылдьалларын бэйэлэрэ эрэ билэн сырыттахтараСэрии тыына ыартыын тыыҥҥа харбасдиэн буолар. «Производители и потребители» диэҥҥэ өйдөбүлү биэрэр «Обществоведение» диэн уруок чааһа баар этэ 9 кылааска1966 сыллардаахха. Нуучча өһүн хоһоонугар – «Семеро с ложкой, один – с сошкой (суха)» дэнэринии саха дьоно аһы-үөлү үрүлүтэр-халарытар үлэттэн сылаас үлэҕэ – бүддьүөт хамнаһыгар көһөн биэрдибит. Ынах кутуругун тутуһумаҥ, бырамыысыланнаска көһүҥ диэни истэн тараах иэннэнэн, кулугур кулгаахтанан эрэбит буолбатах дуо? Сүрүн аһылыкпытынан этинэн хааччыныыбыт 26% буолар эбит.

Эт суох буолла, үүт даҕаны үрүлүччү-харалыччы сүүрбэтэ биллэр. Сахалар эт-үүт аһылыга суох буоллубут даҕаны кэхтэраакка барыахпыт. Мин санаабар икки мэйиибит үлэлиир эбэтэр арий хааннаахпыт, сатаабатахпыт суох диэн кэпсэниини тохтотуохха. Аан дойду биир Улуу Эбэтин, Өлүөнэни, баһылаан-иччилээн, чөл тутан көрөн харайан, эбэттэн аһаан-таҥнан үрүҥ тыыммытын өллөйдөммүт, өрүһүммүт урааҥхай сахаларбыт дэниэх, киэн туттуох тустаахпыт.

Бүтүн аан дойду – дьэ, кырдьык Улуу Эбэ иччилэрэ сахалар барахсаттар бааллар ээ дииллэрин курдук дьаһаныахтаахпыт. Мэтээл икки өрүттээх буоларыныы, дьиэҕэ туалет-ванна баара улуудьол курдук саныыбыт эрээри, оттон кирдээх, туттуллубут уубут-хаарбыт ханна барарыгар улахан болҕомто ууруллубат. Ууну ыраастааһын сүүнэ улахан ороскуоттаах салаа. Улахан учуонай, социология дуоктара Ульяна Винокурова суруйарынан «Уу турбата– Саха сирин тыатыгар дэриэбинэҕэ 7,2%-гар баар, Россияҕа – 59% баар. Канализация – Саха сирин тыатыгар 8,4%, Россияҕа – 68% баар. Баанна, душ – Саха сиригэр – 6,8%, Россияҕа – 36 % баарэбит». Сыта-олоро сыымайдаан, тура-олоро толкуйдаан көрүҥ. Биир угут дьылга, Леспромхоз үөһээ өттүгэр Козловка диэн сиргэ, Покровскай бөһүөлэк кирдээх уутун өр сылларга сүөкээбит үс күөлэ таһынан бараннар халааннаан Покровка үрэҕэр дохсуннук тоҕо түһэн киирэн, аан бастакы Корякин Кеша дьиэтин өһүөтүгэр диэри ылбытын көрбүтүм. Итинник хабааннаахтык төһөлөөх кирдээх уу Улуу Эбэбитигэр суккуллара буолуой? Ыраас уу кыһалҕатынааҕар, кирдээх уу кыһалҕата хас эмэ бүк уустуктардаах буолуо диэн сэрэйэбин.

Үтүө дойду иччитэхсийбэт айылгылаах. Саха дэнэр омук симэлийэр–сүтэр күнэ-дьыла тирээн кэллэҕинэ, дириҥ устуоруйалаах, чиҥ итэҕэллээх, оҕо тыынын быспат халыҥ ахсааннаах элбэх төрүөхтээх омуктар дойдубутун дойду, сирбитин сир оҥостон сириэдийэ сайдан барыахтара турдаҕа.

Биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах омуктар ассимиляцияҕа – суураллыыга түбэһэн сир үрдүттэн симэлийэрбитин дуу, симэлийбэппитин дуу тымтыктанан көрбүт — суох!

Ермолай СКРЯБИН.