Хаҥаласка дизельнэй станцияларынан уоттанан олорор соҕурууҥҥу нэһилиэктэрбитигэр балаһыанньа, үлэ-хамнас хайдаҕын «Якутскэнерго» АО производственнай киинин Хаҥаластааҕы энерго-учаастагын салайааччытыттан Кузьма Егоровтан кэпсии түһэригэр көрдөстүм:
— Дизельнэй электрическэй станцияларынан уоттанан олорор сэлиэнньэлэрбитинэн Тойон Арыы, Чкалов, Сиинэ, Үөдэй, Кытыл Дьура, Иһит буолаллар, — диэн кэпсээтэ Кузьма Аркадьевич, — Бу станцияларбыт «Сахаэнерго» АО производственнай Киинигэр бэриллэн тураллар. Дириэктэринэн Владислав Пак үлэлиир. Туруоруллубут ДЭС-тэр кыамталара — 3585 кВт. Барыта 25 дизель-генератор үлэлии турар. Уоппут ситимэ — 58,11 км. уһун сиринэн тайаан сытар. З6 трансформаторнай станциялар үлэни хааччыйаллар.
Аныгы дьон уота суох сатаммата биллэр. Маны хааччыйар туһуттан кэлиҥҥи сылларга ситими, станциялары саҥардыыга, аныгы технологиялары киллэриигэ үгүс үлэ барда. Ол курдук 2016 сылтан Сиинэ — Үөдэй уотун ситимэ саҥардылынна, эрэллээх СИП боробулуохаҕа көстүбүт. 2018 сылтан бары дизельнэй станцияларбытыгар автоматизированнай салайыы ситимэ киирбитэ.
Чкаловка 2018 сыллаахха саҥа станция дьиэтэ, уматык ыскылаата тутуллан саҥа дизель-генератордар туруоруллан таһырдьааҥҥы установка комплекснай трансформаторнай подстанцията (КТПН-160) үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2020 сыллаахха Кытыл Дьура, Сиинэ станцияларын уматыкка ыскылааттара саҥардыллыбыттара. Тойон Арыыга улахан үлэ барбыта. «Кытаанах Кырдал» хочуолунайын ДЭС-ка технологическай холбонуута буолбута. Бу инниттэн трансформаторнай подстанция туруоруллубута, 60 уонна 100 кВт кыахтаах дизель-генератордардаах икки блок-станцияны баар гыныыга о.д.а. үлэлэр ыытыллыбыттара. 2021 сыллаахха аны Кытыл Дьураҕа ДЭС дьиэтэ саҥардыллыбыта. 2022 сыллаахха Тойон Арыыга Михаил Павлов фермер-бааһынай хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ уокка холбоммуттара. Манна 7,79 км уһуннаах уот ситимэ тардыллыбыта.
Билигин Сиинэ станциятыгар Үөдэй саҥа оскуолатын технологическай холбооһун үлэтэ барар. Ол инниттэн ТП «Центральная» КТПН-160 уларытыллан уоту биэрии кыаҕа улаатта. АД-315 дизель-генератор уларытылынна. Иһиккэ аны сабыылаах уоту тарҕатар тэрил ( ЗРУ) блок-модуля туруорулунна. Дьэ, бу барыта олохтоохтору, тэрилтэлэри уотунан толору хааччыйыыга кыаҕы биэрэр.
Мин Кытыл Дьура сэлиэн-ньэтин уотунан хааччыйан олорор дизельнэй станция салайааччытыттан, тэрилтэҕэ 23-с сылын үлэлиир Алексей Латышевтан балаһыанньа хайдаҕын ыйыталастым:
— Этэҥҥэбит. Дьиэбитин-уоппутун, оборудованиебытын саҥардан биэрэн үлэлиир усулуобуйабыт тубуста. Кэлэктииппитигэр сэттиэбит. 17,2 килэмиэтэрэлээх ситими көрөн-истэн биир дойдулаахтарбытын электричествонан хааччыйан олоробут. Линиябытын СИП боробулуоханан уларыппыппыт. Уматыкпыт эҥин баар. Кыстыгы этэҥҥэ туоруохтаахпыт, — диэтэ Алексей Александрович.
Людмила Аммосова.