Социальнай хантыраак — бизнес арынарга тирэх

Кэлиҥҥи кэмҥэ Россия президенин тус ыйааҕынан судаарыстыба кыаммат араҥаҕа хапсар нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарыыга, кини наадыйыытын толуйууга элбэх көмөнү, өйөбүлү оҥорор буолла. «Аччыктаабыкка көмөлөһүөххүн баҕарар буоллаххына, балыгы буолбакка, күөгүнү биэр» диэн бэргэн этии суолтатын курдук, социальнай хантыраак диэн өйдөбүл дьиэ кэргэн үп-харчы өттүнэн туруктаах буолуутугар төһүү көмө буолар. Биллэрин курдук, социальнай хантыраак диэн социальнай көмүскэл уорганнара уонна киһи икки ардыгар түһэрсиллэр дуогабар буолар. Бу маны ким ылыан сөбүй? Соҕотох олорор киһи, эбэтэр дьиэ кэргэн дохуота хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, бэриллэр. Өйөбүлү ылбыт киһи хос үөрэниэн, бэйэтин дьыалатын арыныан, кэтэх хаһаайыстыбатын сайыннарыан сөп.

Хаҥаластааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениета тиксэрбит сэтинньи 14 күнүнээҕи дааннайынан, улууска түһэрсиллибит социальнай хантыраактар хайысхалара уонна ахсааннара маннык:
— урбаанынан дьарыктаныыга 41 киһи уопсайа 15 550 тыһ. солк. суумалаах көмөнү ылбыт;

— үлэ көрдөөһүнүгэр — 9 киһи (579 676 солк.);

— кэтэх хаһаайыстыба тэриниигэ – 7 киһи (5 000 тыһ. солк.);

— урбаанынан дьарыктаныыга инбэлииттэргэ анаммыт бырагырааманан — 1 дьиэ кэргэн (350 000 солк.), соҕотох олорор 3 киһи (1 050 тыһ. солк.);

— кэтэх хаһаайыстыба тэриниигэ инбэлииттэргэ анаммыт бырагырааманан — 2 киһи 500 тыһ. солк.

— оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт «Развивайка» бырагырааманан – 27 дьиэ кэргэн (1 083 341 солк.);

— ыарахан усулуобуйаттан тахсарга көмөнү — 99 дьиэ кэргэн (7 535 775 солк), 25 соҕотох олорор гражданнар (765 171 солк.) ылбыттар.

Улууска дьон социальнай хантыраак көмөтүн туһанан бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр бастакы хардыыларын оҥороллоро элбээтэ. Ол курдук, Нөмүгү нэһилиэгин олохтооҕо Анастасия Шадрина маникюрнай салон арынарыгар судаарыстыбаттан көмөнү ылары ситиспит.

— Ааспыт сылга олохтоох дьаһалтам өйөбүлүнэн социальнай хантыраак түһэрсэммин 350 тыһ. солк. ылбытым. Нөмүгүгэ хос арендалаан маникюрнай саломмар наадалаах тэрил, миэбэл ылыммытым. Күн бүгүн салонум ситиһиилээхтик үлэлии турар, кэрэ аҥардар сөбүлээн сылдьаллар, дохуот киирэр. Маннык көмө олус наадалаах, киһи сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктанарыгар, баҕа санааны олоххо киллэрэргэ күүс-кыах биэрэр. Тус бэйэм икки сыл устата бу бырагыраамаҕа хапсарга үлэлэспитим, — диэн Анастасия санаатын үллэһиннэ.

Ольга Гермогенова.

Читайте дальше