“Суруйааччылыын кэпсэтии” тэрээһиҥҥэ

Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэҕэ Үөдэй оскуолатыгар Хаҥалас суруйааччыларын айар үлэлэрин билиһиннэрэр сыаллаах «Суруйааччылыын кэпсэтии» литературнай тэрээһин ыытылынна. Саха суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, ырыанньык-поэт, Хаҥалас улууһун норуот маастара Галина Иванова Айтыына Уран айар үлэтигэр ананна.

Оскуола ааҕыы-билии хоһугар (библиотекарь Анастасия Латышева) мустубут учууталлар, оҕолор  ырыанньыт-поэт култуура үлэһиттэригэр анаабыт гимнин иһиттилэр. 1-5 кылаас оҕолоро суруйааччы оҕолорго анаммыт кинигэлэриттэн хоһооннору үөрэтэн аахтылар. Ол курдук 2 кылаастар «Отонноох оҥоойуктар» (сал. Сандаара Старостина), 3 кылаастар «Үөн-көйүүр арааһа»(сал. Марина Филиппова),  4 кылаастар «Үлэ барыта туһалаах, идэ барыта наадалаах» (сал. Ульяна Герасимова) кинигэлэриттэн хоһооннору өйтөн аахтылар.

Галина Ивановна бэйэтэ бэрт үлэһит киһи буолан сэттэ өҥнөөх кустук тэҥэ араас дьоҕурун сайыннаран, үлэ арааһын баһылаатаҕа. Кини «Үлэһит саха дьоно» хоһоонун 5 кылаас оҕолоро билиһиннэрдилэр. Суруйааччы оҕону кытта үлэлиир идэлээх буолан, хоһоонноро оҕо тылын-өһүн саппааһа байарыгар болҕомто уурар. Мелодист-суруйааччы 60-н тахса ырыалаах. Кини «Ньургуһун» хоһоонун бары ыллаан бүгүҥҥү тэрээһини түмүктээтибит. Оҕолор Хаҥалас суруйааччытын билсэн үөрдүлэр-көттүлэр.

Хаҥалас далбар хотуна суруйааччы Наталия Борисова — Нарыйа айар үлэтигэр ананар мааны кэпсэтиибитин  “Айаным алгыстаах аартыгар” диэн элбэх хоһоон киирбит,  балтараа сүүстэн тахса страницалаах кинигэтигэр  олоҕуран ыытылынна. Тэрээһин Наталья Борисова «Хаҥыл хааннаах Хаҥаластар» диэн хаҥаластар күөн туттар хоһооннорун уолаттар бөлөхтөрүн ааҕыыларынан саҕаланна. Былыр-былыргыттан айан аартыгар, сирбит килбэйэр киинигэр турар Хаҥалас сирэ, хаҥаластар,Эллэй, Тыгын саҕаттан, саха омугу сомоҕолуур соруктаах айдарыллан кэлбиттэринэн  киэн тутта, ытыктыы этэр хоһуун тыллара бу хоһооҥҥо холбоно сылдьар. Хоһоон айыллыыта, айар үлэ умсулҕанан туһунан суруйааччы иэйиилээхтик эппит тылларын «Хоһоон туһунан хоһоонуттан (с.84-85) билистибит. Даяна Васильева толорбут “Уран тыл” хоһооно поэт төрөөбүт тыл киhи  иhирэх иэйиитэ уhуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буоларынистиҥник этэр.

Хаҥаласпыт  кэрэ айылҕатын нарын  дьүһүйүүлэрдээх хаартыскаларыгар бииртэн биир  дьикти кэрэ хоһооннор айыллан тахсыбыттар. Манна күһүҥҥү курус ардах эһиилги торҕону түстүүр, оттон сайыны — умнуллубат оҕо саастыы далбаатыыр хатыҥнар алгыыллар. Онтон атын буолуон сатаммат. Айта  Асекритова аахпыт “Күһүҥҥү курус ардах”хоһооно ону бигэргэтэллэр. Айылҕа дьиктитэ Лабыдьа хайалара. Былыр-былыргыттан дьон сүгүрүйэр ытык сирин туһунан 6 кылаас оҕолоро аахтылар.

Суруйааччы анабыл хоһоонноругар биллэр дьон дьылҕалара арыллар. Муосчут киһи  сырдык кута, поэты кэтэһэр Халыма солко күөх халлаана, саха саргытын салайсыбыт хаҥаластар улуу киһибит Бастакы бэрэсидьиэммит, ырыа куттаах үтүө дьон, саха литературатын суолдьут сулуһа Далан Нарыйа хоһоонноругар сэмэйдик киирбиттэр. Суруйааччы тыла-өһө уу сүүрүгүнүү чуумпу эрээри кимиилээх, кэпсээн эрэр курдук кэрэхсэбиллээхтик геройун мэтириэтин арыйар. Буотама үрэҕин быыһыгар эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт Николай Калитин – Баргачаҥҥа анабыл хоһоонугар герой уобараһа эҕэрдэ ыытар аар айылҕатын, кутаа уот буолан сандаарар айымньыларын нөҥүө сырдатыллан тиллэн кэлэр. Саха биллэр драматура, үтүө-мааны  учуутал  Степан Ефремов майгыта, ыалдьатымсах бэйэтэ Нарыйа хоһооноруттан үүттээх чэй кэриэтэ сахалыы тиийэнкэлэр. Анабыл хоһоону аахта Люда Габышева “Степан Ефремовка”.

Таптал – төһөлөөх суруйааччы бу дьикти иэйиини хоһоонноругар хоһуйбута, ырыатыгар ыпсарбыта, үҥэр таҥара оҥостубута буолуой. Суруйааччы  киһи дьахтар дьылҕатын, өйүгэр айбыт Үөдүйээнин, эдэр саас эриэккэс кэмин, олоххо, чугас киһигэр, оҕолоргор, сиэннэргэ таптал, өспөт үйэлээҕин санатар. Диана Прохорова “Мин ырыам хоһоону намчы куолаһынан киэргэттэ. Кини Хаҥалас эбээлэригэр, ийэлэригэранаабыт “Хаҥалаһын дьахталлара” сэмэйдэр, нарыннар, хорсуннар, үтүөлэр. Хоһоону 11 кылаас кыргыттара толордулар. ПоэтКэпсэтиэх, доҕорум, кэпсэтиэх” айымньытыгар этэр “таптааҥ биһигини тыыннаахтыы, суохтааҥ биһигини сотору кэлэрдии. Киһи туппута-оҥорбута кэмигэр, тыыннааҕар сыаналанара ордугун бу тыллар санаталлар. Тэрээһин түмүгэр Үөдэй оскуолатын библиотекатыгар анаан ыыппыт кинигэтэ туттарылынна. Улахан дьиэ кэргэн далбар-хотуна, Хаҥалас суруйааччыта Наталия Николаевна Борисова-Нарыйа биһиги иннибитигэр “сырдык иэйиилээх саламатын” тэниччи тардан ураты поэт быһыытынан арылынна.

Туйаара Самсонова, Үөдэй орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала.