Баһылык диэн өйдөбүл былыр былыргыттан омук олоҕун-дьаһаҕын тутулун торумнааччы, суолун-ииһин туһаайыытын көҕүлээччи, дьону сомоҕолоон дьылҕатын-төлкөтүн төрдүн олохтооччу диэн киэҥ-куоҥ, дириҥ, мээнэ киһи ылыммат баҕа санаа алыбар ылларбыт уһулуччу киһини ааттыыллара буолуо.
Дьон-сэргэ айылҕаттан анаммыт баһылыктарын дьүһүнүн-бодотун ылынан, өйүн-санаатын тургутан, тылын-өһүн иҥэринэн, үлэтин-хамнаһын хайҕаан, олохторо эйэ дэмнээхтик баран, дьадайбакка-айгыраабакка, арахсыбакка-атааннаспакка, тэҥ, сайаҕас сыһыаҥҥа убанан, уос номоҕо оҥостон үйэлэргэ тарҕатан, ыччат дьоҥҥо холобур оҥороллоро – махтал бэлиэтэ. Холобур, биһиги, аныгы дьон, Дойдуһа Тарҕан (Дархан) диэн хаһан эрэ былыр үйэҕэ саҥа сиргэ кэлэн дьонугар-сэргэтигэр сир үллэрэн дойдулаабыт киһини аат биэрэн үйэтитэ сылдьабыт. Мунньан Тарҕан (Дархан) диэн аҕа, ийэ уустарын түмэн, биир тылга киллэрэн, сомоҕолоон улууһу тэрийбит Баһылыкпытын ахтабыт-саныыбыт, ыччаттарбытыгар аатын ааттатан саната сылдьабыт.
«Тарҕан» диэн тыл өйдөбүлүн билээри гуманитарнай институт тыл төрдүн үөрэтэр В.Г. Попову кытта кэпсэттим. Бу тыл уйгуур омук XII-XIV үйэлэринээҕи суут-сокуон туһунан суруктарыгар баар эбит.
Уйгуурдар, татаардар, каракалпактар уо. д. а. Азия омуктара туттар тыллара буолан таҕыста. Түүрдэр уонна монголлар төрүт тылларын элбэх киһи үөрэппит түмүгүн Б.И. Татаринцев (1992) түүр тылын төрдө отой былыргы тыл, иран тылыттан сыдьааннаах, ол аата скифтэр тылларыттан төрүттээх диэн быһаарбыт. Ол «Древнетюрский словарь» диэн 1969 с. тахсыбыт уонна Абаев В.И. «Историко-этимологический словарь осетинского языка» диэн тылдьыттарга суруллубут. Былыргы түүрдэр тылларыгар «Тархан» диэн тыл «соло» (титул), Баһылык солото (титул Правителя) диэн өйдөбүллээх. Дархаҥ диэн монгол тылыттан төрүттээх тыл эбит. Бүрээттэргэ «дархан» диэн «тимир ууһа» диэн өйдөбүллээҕин биллим. Онон «Тарҕан» диэн сахалыы тыл былыр былыргыттан азиаттарга олохтоммут Баһылыкка сыһыаннаах төрүт тыл эбит.
Саха итэҕэлин көрүүтүнэн Быһылык, айылҕаттан ананан төрүүр буолан буолуо бука, былыргыны сылыктаатахха, оннук дьон ахсааннара сэдэх буолар эбит. Күн Күбэй ийэ сирбититтэн тэйбиппит ырааҕа бэрт, онон чугастааҕыны ырытыахха. Кытай үөрэхтээҕэ Лю Мао Цзай суруйуутунан саха аймах Алтайга олохсуйан иһэн, Аан Алахчыҥҥа олохсуйан, Байҕал күөл кытыытыгар өр кэмҥэ тохтоон, Өлүөнэ өрүс сүнньүгэр кэлэн мустубут балай эмэ уһун кэмигэр – 1462 сыл усталаах-туоратыгар, баара суоҕа сурукка-бичиккэ киирбит Баһылыгын ахсаана 40-ча эрэ буолбут. Итиччэ уһун кэмҥэ, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, хас эмит сүүһүнэн киһи саханы салайа сырыттаҕа. Ол аата аата-суола суох сүппүт салайааччыларбыт араас ньыманан алҕас былааска кэлбит буолуохтарын сөп эбит. Ол дьон Айыы итэҕэлин кэһэн, Кут-Сүр үөрэҕин үтүрүйэн былаастарын атыҥҥа туһанан олорбуттарын, дьон-сэргэ бэйэтиттэн туоратан, омук ыарахан кэмин толуга оҥортообута уос номоҕор киирбэккэ умнулуннахтара. Бэл биһигиттэн чугас кэм иһигэр дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хаалбыт дьоммут аҕыйахтар. Холобур, сүүс буккуурдаах-тэккирдээх, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх, өлүүлээх-сүтүүлээх, атахха туруулаах сылларга саха дьоно махтанан өйдөрүгэр-санааларыгар тутан хаалбыт дьоннорун ааттаатахха эмиэ тарбахха баттанар ахсаан тахсар: Максим Аммосов, Исидор Барахов, Платон Слепцов (Ойуунускай), Илья Винокуров, Семен Борисов, Гавриил Чиряев. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ биһиги кэммитигэр дьон тэҥинэн олороллоро даҕаны бу Баһылыктарбыт дьон туһугар олорбут олохторун туоһулуур.
Аныгы кэмҥэ мин Саха Сирин Баһылыгын Михаил Николаевы кытта 18 сыл бииргэ үлэлээммин кини ис-тас санаатын-оноотун, кыдьыгын, кыһалҕатын балай да итэҕэтиилээхтик арыйыахпын сөп. Кини саха дьонун олоҕун биир быыс кэмигэр айылҕаттан ананан кэлбит туоһутун хаста да илэ итэҕэйэн турабын. Бу сурукка биир түгэнинэн ону быһаарыахпын баҕарабын.
Икки тыһыынча сыллар кирбиилэригэр улахан уу иккитэ кэлэн Өлүөнэ өрүс халааннаан, мууһа харан үгүс нэһилиэктэри ууга ыыппыта, мас-от, дьиэ-уот, баай-дуол бөҕө урусхалланан, уунан устан улахан араллаан тахсыбыта бэйэтэ биһигини туохтан эрэ сэрэтэр курдуга. Ордук чуо Хаандыга уонна Ленскэй эчэйбиттэрэ бэйэтэ туспа таабырын. Михаил Ефимович тутаах боппуруостары быһаарар үрдүк сололоох аҕыйах киһини ылан, миигин ол дьон иһигэр киллэрэн, Өлүөхүмэҕэ тиийдибит. Муус харан уу таһымнаан аҕай турар эбит. Үөһэттэн көрдөххө дьон өрүс кытыытыгар кумах, буор таһан кымырдаҕас уйатын сүпсүргэнин курдук сүүрүү аҥардаах үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кыыллаах арыы ордук кутталлаах диэн рациянан эттилэр, үргүлдьү онно көтөр буоллубут. Кыыллаах арыытыгар түспүппүтүгэр МЧС тойонун солбуйааччы Бирисидьиэҥҥэ «Аҕыйах чааһынан бу арыы дьиэлэрин үрдүнэн биир миэтэрэ курдук үрдүктээх уу охсор кутталлаах, дьону уҥуоргу биэрэккэ күүспүтүнэн вертолетунан таһан куоттардыбыт, сүөһүнү, сылгыны хайдах быһаарарбытын билбэккэ турабыт», — диэтэ. Ыаллар баар-суох баайдарын — сүөһүлэрин, сылгыларын киһи дэбигис быһаара охсубата биллэр суол. Саараҥнааһын буолла. Арай түүн үөһэ арыы хоту өттүгэр турар уһук дьиэттэн биир киһи өрүс кытыытыгар киирэн тугу эрэ көрөн баран төттөрү таҕыста. Хайдах баҕайыный, дьону куоттарбыппыт диэбиттэрэ ээ дии санаан баран ол дьиэҕэ тиийдим. Торговкин диэн киһи эбит, миигин хаҕыс баҕайытык көрүстэ. Аа дьуо уу туһунан ыйыталастым. Киһим «Ленскэй» утары өрүс кыараҕаһа бачча, биһиэхэ хочо киэҥэ бачча, онно эбии өрүс сүнньүн дириҥэ оччо, туора барар үрэх дириҥэ оччо, онон уу бу арыыны ылбат, үйэ-саас тухары ылбатаҕа. Ыллаҕына да соҕуруу өттүн кытыытын эрэ ылыаҕа», — диэн кытаанах баҕайытык саҥарда.
Төннөн тиийэн Семен Назаровка эттим, киһим итэҕэйдэ. Манна улахан куттал суох эбит, Михаил Ефимовиһы Өлүөхүмэҕэ ыытыахха, улуус киинин хааччыйар бары тэрилтэлэрэ өрүс кытыытыгар тураллара быдан кутталлаах диэн сүбэлэстибит, биһиги манна кылгас кэмҥэ хаалыах диэн буолла. Аны муус Өлүөхүмэ алын өттүгэр эмиэ харбыт диэн сурах ол быһаарыыбытын чиҥэтэн Бирисидьиэммит барарга сөбүлэстэ. Арыыны уу ылбата. Өлүөхүмэҕэ дьон оҥорбут дамбатын уу нөҥүөлүүрэ икки сантиметр хаалбыт. Михаил Ефимович хара сарсыардаттан Өлүөхүмэ тутаах салайааччыларын мунньан мунньахтаан эрдэҕинэ харгы бэйэтэ арыллан уу куттала ааһан хаалла.
Салгыы Хаҥалас улууһун Кытыл Дьураа диэн дэриэбинэтигэр тиийдибит, муус харан уу тахсан аллара турар дьиэлэр ууга барбыттар, суол-иис уунан туолбут. Түһэммит уу туругун саҥа билсэн эрдэхпитинэ харгыбыт тоҕо баран дьон-сэргэ ыгылыйбыта ааһа оҕуста. Тойон Арыыга дьон мустан Бирисидьиэннэрэ туох быһаарыы ылынарын күүтэн олороллоругар тиийдибит, кэпсэтэ олордохпутуна уубут намтаан киирэн барда. Салгыы көттүбүт. Рациянан намнарга муус харан улахан уу тахсан аймалҕан улахан диэн буолла. Хаҥалас тумуһаҕын аһары түһээппитин кытта чахчы уу халыйбыта киэҥэ-куоҥа, дьиэлэр ууга тураллара, өрүһүнэн дьиэлэр, оҥочолор, араас мал-сал муус быыһынан устан эрэрэ көрөргө амырыын. Ону көрөн олорон туох эрэ улахан сүтүктэнииһибит дуу диэх санаа үүйэ тутта … Аны санаатахха Айылҕа барахсан иҥсэ-обот даххаһыйыан өтө көрөн сэрэппит быһыыта эбит.
Үөһэнэн харгыны үөрэтэ эргийэ көттүбүт, ол сырыттахпытына харгыбыт төлө барда, уубут түһэн киирэн барда. Аны Хаандыгаҕа алдьархай ааҥнаата диэн буолла. Үөһэттэн көрдөххө чахчы урусхал улахан эбит. Биир дэриэбинэни муус олоччу сотон ааспыт, улахан бэйэлээх самоходкалар, баржалар түҥнэстэн, үлтү анньыллан түгэхтэринэн үөһэ көрө сыталлар. Хаандыга бүһүөлэгин администрациятын таһынааҕы болуоссакка араас омук дьоно бөҕө тоҕуоруспут, сирэй-харах олоруута мөлтөх, бэйэҕэ эрэл ааһан кэтэһии-манаһыы майгыннаах, быыһыыр-абырыыр тылга-өскө, дьаһалга эрэ эрэнэллэрэ өтө көстөр. Маннык быһыыга-майгыга хайа да Баһылык дьоҥҥо-сэргэҕэ этэр тыла, быһаарар, дьаһайар, ыйар-кэрдэр кыаҕа иннэ үүтүн саҕа буолара саарбаҕа суох. Ол да буоллар Михаил Ефимович, биһигини кытта кылгастык сүбэлэһэ түһэн баран, трибунаҕа таҕыста. Саҥатын саҥа саҕалаан эрдэҕинэ харгы аһылынна диэн МЧС-тар рациянан биллэрдилэр, барыбыт санныттан ыар таһаҕаспыт түһэн «һуу-у» диэн үөһэ тыынан налыйан хааллыбыт.
Мин ити сырыыбытын испэр улаханнык сөҕөн-махтайан, дьиибэргээн, сэрэнэн Дьокуускайга кэлэн, анаан-минээн көрбүөччүлэри булан, өрүс майгытын сиһилии кэпсээн ыйыталаспытым, туоһуласпытым. Икки, бэйэ бэйэлэрин билсибэт ичээн дьонум: «Айылҕаттан ананан кэлбит Баһылык буолан айылҕа бэйэтэ көмөлөспүт», — диэн мин сабаҕалаабыт санаабын толорон Баһылыкпыттан өссө биирдэ астынан турардаахпын. Чахчы да оннук быһыылаах. Кини үлэлиир кэмэ сүрдээх күчүмэҕэй кэм этэ. Россияҕа туох барыта ыһыллар-тоҕуллар кэмигэр, атын сир дьонноро аат эрэ харата хамсыыр кэмнэригэр, сахалар, Баһылыктарыгар эрэнэн, Аан дойдуну тилийэ сүүрбүттэрэ, кэлэн-баран, билэн-көрөн, ону ааһан бэйэлэрэ онно-манна биллэн-көстөн киирэн барбыттара, ааттаах-суоллаах дьоммут биллэ элбээбиттэрин бары да бэлиэтии көрбүппүт. Онон омук олоҕо, кини туруга, инникигэ тардыһыыта, көҕө бүүс бүтүннүүтэ Баһылык дьүһүнүттэн-бодотуттан, туттарыттан-хаптарыттан, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэр тылыттан-өһүттэн, дьон кыһалҕатын билэриттэн-көрөрүттэн, ылынар баҕа санаатыттан, быһаарар дьаһалыттан, дойду үрдүкү тойотторун, сирин-уотун, дьонун-сэргэтин туһугар, өйдөрүн сүүйэн дойдутугар булан-талан аҕалар баайыттан-дуолуттан улахан тутулуктаах. Ол ситиһиитин олоҕо айбыт Айылҕабытыгар, Айыыбыт итэҕэлигэр, Куппут-Сүрбүт үөрэҕэр таҥыллан тарҕаммытын Таҥара диэн ааттаан итэҕэйэбит. Онон, быыс кэми охсуһуута-этиһиитэ, өлүүтэ-сүтүүтэ, сэриитэ суох, ол оннугар бэйэбитин билинэн инникигэ эрэл үөскэтэн этэҥҥэ ааспыт махтал санаабытын толорон, Баһылыкпыт Михаил Николаевка 85 сааһын туолбутунан, «ТАРҔАН» диэн аат-суол биэрэн кэлэр үйэлэр көлүөнэ ыччаттарыгар холобур оҥорон, саха туһугар туруулаһар дьону иитэргэ олукта охсуоҕуҥ диэн санааны бар дьоммор тиэрдэбин. Омугуттан тутулуга суох бука барыбыт олоҕо Саха сирин Баһылыгын дьонугар-сэргэтигэр сыһыана истиҥиттэн, сырдык ыра санааны булар тобуллаҕас өйүттэн-санаатыттан, чулуулары таһаарар булугас-талыгас майгытыттан улаханнык тутуллар. Онон ыччат дьоммутугар бас-көс дьоммут холобуругар салайааччыны иитэр үлэ ыыттахпытына суол-иис тэлэр кыахтаах чулуу Саха Сирин Баһылыга иитиллэн тахсыа этэ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Баһылыгы кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын.