Саҥа үөрэх дьыла
А.Д. Широких аат. Төхтүр орто оскуолатыгар уопсайа 124 оҕо үөрэнэр. Саҥа таас толору хааччыллыылаах оскуола дьиэтэ 2004 сыллаахха тутуллубута. Манна 15 үөрэнэр кабинет, остолобуой, спорт саалата, мастерской, компьютернай кылаас, библиотека баар. Бу күннэргэ оскуолаҕа өссө биир үөрүүлээх тэрээһин буолла — «Точка роста» үөрэхтээһин киинэ арыллынна.
«Точка роста» «Аныгы оскуола» федеральнай барылын чэрчитинэн тэриллэн дойдубутугар 2019 сыллаахтан аҕыйах нэһилиэнньэлээх оройуоннар үөрэх кыһаларыгар киирэр. Саҥа үөрэх дьылын көрсө өрөспүүбүлүкэҕэ бу күннэргэ 64 маннык киин арыллар.
Бу бырайыагынан Төхтүр оскуолатыгар үп көрүллэн биология, химия уонна физика кабинеттара саҥардылыннылар. Аныгы цифровой оборудование, лабораториялар, ноутбуктар, робототехника конструктордара оҕолорго үөрэнэллэригэр, тиэхиньикэни баһылыылларыгар, билим эйгэтин кытта билсэллэригэр төһүү күүс буолуохтара.
Yөрүүлээх тэрээһиҥҥэ, «Точка роста» киинэ арыллыытыгар аалай лиэнтэни оскуола дириэктэрин Г.И. Игнатьевы кытары 9-скылаас туйгун үөрэнээччитэ Айгылаана Колесова кырыйдылар:
Тэрээһин арыллыытын кэнниттэн тута учууталлар цифровой лабораториялары туһанан олус кэрэхсибиллээх маастар—кылаастары ыыттылар. Манна оҕолор бэйэлэрэ уопут оҥорон көрдүлэр, көстөр чахчылары сонуннук, атын өттүттэн көрөн сөхтүлэр. Бу курдук саҥа арыллыбыт “Точка роста» үөрэх кииннэрэ оҕолорбут сайдалларыгар кыаҕы биэрэ турдуннар.
Татьяна Владимирова