Булгуньахтаах орто оскуолатын 1961 сыллаахха 26 буолан бүтэрбиппит. Ол сыл «Оскуола-Үлэ-Үрдүк үөрэх» бачыымы өрөспүүбүлүкэ орто ос-куолатын бүтэрээччилэр ортолоругар бастакынан көтөхпүппүт. Сарсын биһиги ол кэмтэн 63 сыл ааспытын кэнниттэн, үөрэммит оскуолабыт 125 сааһын бэлиэтиир түгэнигэр мустабыт. Бу бэлиэ историческай түгэнинэн туһанан бука барыгытын эдэрдии эрчимнээхтик, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир күммүт үүннэ!
Оскуола олоҕо салҕанар, история хатыланар түгэннэрэ итинник бара турар. Билиҥҥи эдэр ыччат ааспыт көлүөнэлэр суолларын, үлэнэн оҥорбут хоһуун быһыыларын, сорохтор, омсолоох өттүттэн эрэ көрө, сыаналыыр буоллулар. Ол оччотооҕу историческай быһыыны-майгыны кытары аахсыбат уонна билиммэт буолуу. Булгунньахтаах оскуолатын бүтэрээччилэр дойду үрдүнэн үлэһит илии аҕыйаабытыттан, ханан даҕаны күүс-көмө тиийбэт буолбутугар, партия ыҥырыытын өйөөннөр, төрөөбүт оройуоннарын биир хаалыылаах колхоһун өрө тардаары үлэлии хаалбыттара. Икки сыллаах дьүккүөрдээх үлэ түмүгүнэн оччотооҕу «Правда» колхоһа хаалыыттан төлө көтөн өрүттүбүтэ, оттон оскуоланы бүтэрээччилэр үлэлээбит «Аартык» ыччат-комсомольскай биригээдэлэрэ, бастыҥнар кэккэлэригэр тахсыбыта уонна көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамянан бэлиэтэммитэ. Түөрт бастыҥ үлэһит өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Грамотатын ылбыта.
Биһиги, оччолорго оройуон, дойду ыарахан күчүмэҕэйдээх күннэригэр, ыарахаттартан толлубакка, ити икки сылбытын кэрэйбэккэ, күүс-көмө буолбуппут, дойдубут иннигэр төлөнүөхтээх иэспитин чиэстээхтик толорбуппут! 26 бүтэрээччиттэн 17-бит дойду араас муннуктарыгар үөрэнэн үрдүк үөрэҕи ылбыппыт, иккибит үрдүк үөрэххэ сылдьаннар тохтоппуттара, сэттэбит орто анал үөрэхтэри бүтэрбиттэрэ. Биһиги ортобутуттан СӨ түөрт үтүөлээх үлэһиттэрэ, улуус түөрт Бочуоттаах гражданнара, СӨ Государственнай бириэмийэтин, Россия улахан литературнай бириэмийэтин лауреаттара бааллар. Эһиги барыгыт иннигитигэр билигин даҕаны этиэх тустаахпыт: «Биһиги, оччолорго даҕаны, комсомол, партия ыҥырыытынан эрэ буолбакка, сүрэхпит ыҥырыытынан, суобаспыт этэринэн үлэлии хаалбыппыт!». Оттон сүрэхпит уотун, биллэн турар, биһиги кылаастарбыт салайааччылара Анна Тимофеева уонна Елена Григорьева, дириэктэрбит Арсентий Андросов сахпыттара!
Биһиги оччотооҕуга таһаарбыт бачыыммыт хатыланар кэмнэрэ иккистээн эргиллиэн сөп. Ол эрээри аныгы ыччат биһиги көрсүбүт ыарахаттарбытын: илии күүс үлэтин даҕаны, тымныы хотону, тымныы олорор дьиэни билиэхтэрэ суоҕа. Кинилэр хантараагынан, чаастаах үлэнэн, үгүөрү хамнаһынан, булгуччулаах сынньалаҥынан туһаныахтара, үлэлэрин техника, компьютер солбуйуоҕа. Киһи-аймах олоҕо история хас саҥа эргиирин ахсын итинник үрдүк таһымҥа тахсан иһэр. Билигин өссө биир уратыгытынан буолуоҕа, бэйэҕит историяҕытын сурунар кэмҥит үүннэ. Үөрэммит оскуолаҕыт үгэстэрин үтүө өрүттэрин салҕааһын уонна үксэтии эһиги ытык иэскит буолар. Төрөөбүтү, үөрэммити төлүүр иэс диэн итинник улахан ирдэбиллээх.
Ииппит, үөрэппит, киэҥ аартыкка таһаарбыт оскуолабыт, учууталларбыт иннигэр тураммыт, өрүүтүн махтанарбытын уонна сүгүрүйэрбитин эрэ билэбит! Тапталлаах оскуолабыт, 125 сыллаах үбүлүөйүгүнэн! Күннэтэ, сыллата киэркэйэ, үүнэ уонна сайда эрэ тур!
Павел ХАРИТОНОВ-ОЙУКУ, саха норуодунай суруйааччыта.