Спорт
Олимпийскай эрэллэргэ Покровскайдааҕы илиҥҥи бойобуой искусстволарга оҕо спортивнай оскуолатын тхэквондоҕа 13 иитиллээччилэрэ Хабаровскай муниципальнай оройуон баһылыгын кубогар күрэхтэһиигэ баран ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
— Бу хас да күннээх күрэхтэһиигэ Покровскайтан спортсменнары кытары Дьокуускайтан уонна Уус Алдан улууһуттан оҕолор кытыннылар, — кэпсиир «хотойдору» илдьэ сылдьыбыт тириэньэр Иван Самсонов. — Покровскай спорстменнара тоҕус мэтээли Хаҥаластарыгар аҕаллылар. Ол курдук, Артур Васильев, Ньургун Сидоров, Коля Гермогенов бастаан кыһыл көмүс мэтээллэри иилиннилэр. Данил Васильев, Айыына Львова, Саша Анисимов, Эрэл Максимов, Санаайа Никифорова иккис, Настя Ягнышева үһүс миэстэлэри ылан туһааннаах мэтээллэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар. Маннык таһымнаах күрэхтэһиилэр оҕолорго олус туһалаахтар, төһө бэлэмнээхтэрин тургутуу буолар. Инникитин кыайыыларга дьулуһууга кынаттыыллар — уопут элбэх күөн көрсүһүүлэртэн кэлэр,- диэтэ кини. Оҕолор ону сэргэ тимир суолунан айаннаан, сонун куораты көрөн, элбэх саҥа доҕоттордонон астынан кэллилэр.
Санатан эттэххэ, бу «Хотой» спортивнай кииҥҥэ тхэквондонан 50-тан тахса оҕо дьарыктанар. Билигин спорсменнарбыт сэтинньи 7-8 күнүгэр ыытыллыахтаах Покровскай куоракка 54 ыйааһыннарынан саастарынан үс бөлөххө бастыыр иһин күрэхтэһиигэ кыттарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Людмила Аммосова.