Быйылгы үөрэх дьылыгар оҕо уһуйаана Г.В. Ксенофонтов аат. Тиит Арыы орто оскуолатыгар көһөн таҕыста. Сайын устата күүстээх үлэ күөстүү оргуйан «Кэнчээри» уһуйааммыт киэҥ, сырдык, ыраас оскуола таас дьиэтигэр холбоһон, оннун булан үлэтин саҕалаата. Ону тэҥэ, норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама (ППМИ) чэрчитинэн, оскуолабыт олбуоругар саҥа оҕо оонньуур былаһаакката тутулунна.
Былаһаакка арыллыытыгар ыҥырыылаах ыалдьыттарынан нэһилиэкпит баһылыга Григорий Дмитриевич Лукин уонна бэтэрээн учууталларбыт буоллулар. Тэрээһини ырыанан-хоһоонунан уһуйаан оҕолоро киэргэттилэр. Аалай лиэнтэни оскуолабыт дириэктэрэ Эльвира Петровна Абрамова уонна кырачаан оҕолорбут кырыйдылар. Тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста.
Саҥа былаһааккабыт оҕо дьоллоох үөрүүтүнэн, сылаас мичээринэн туоллун!
Арина Сеялова, Г.В. Ксенофонтов аат. Тиит Арыы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, юнкор.