Хаҥалас улууһугар Уһун үйэлэнии уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэриини «Утум» диэн киинигэр араас нэһилиэктэриттэн кэлэн 10 күн олус үчүгэйдик, туһалаахтык сынньанныбыт.
Бу иллээх кэлэктиип салайааччылара Лена Моисеева уонна Александра Павлова биһиги дуоһуйа сынньанарбытыгар туох баар күүстэрин, билиилэрин, сатабылларын уурдулар. Ол курдук кэрэхсэбиллээх экскурсияларга сырыттыбыт. Бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев-киин архыып-бибилэтиэкэтигэр ыалдьыттаатыбыт, Булгунньахтаах бибилэтиэкэтин үлэтин билистибит о.д.а. Минньигэс астаах поварбыт Валентина Соколова мичилийэ күндүлээтэ.
Көрү-нары, имигэс тарбахтарынан баян тимэхтэрин баттаталаан, былыргы эдэр сааспытын санатан кэрэ-нарын куолаһынан ыллаан-эйээрдэн Петр Саввинов саататта. Уруһуй кэрэ эйгэтигэр кыра да бириэмэҕэ былыргыны санатан уруһуйдатан өҥү-дьуһуну наардыырга билиититтэн бэристэ.
Ыраас чэбдик салгыннаах дьиэбитин куруук мичээринэн мичилийбит кэрэ бэйэлээх Нина Егорова сууйан-сотон ыраастаан санаабытын көтөхтө. Сымнаҕас илиилээх сиэстэрэлэрбит Ньургуйаана Тобохова уонна Ольга Петрова доруобуйабыт тупсарыгар сүрүн күүс-көмө буоллулар. Барҕа махтал бу иллээх, эйэлээх эдэр кэлэктиипкэ!
Махтанабыт сылаас сыһыаҥҥыт иһин! Дьоҥҥо-сэргэҕэ болҕомтоҕут намыраабатыгар, ситиһиигит үрдүү-үксүү турарыгар, кииҥ—ҥит кэҥээн, чэчирээн иһэригэр баҕарабыт.
Сынньанааччылар ааттарыттан Надежда Татаринова
(12 киһи илии баттаабыт).