Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар үлэлии сылдьар бастыҥ ыанньыксыттары, сылгыһыттары, зоотехниктары, осеменатордары, бэтэринээрдэри, технологтары, тыа хаһаайыстыбатын салайааччыларын уонна да атын идэлээхтэрин, үлэһит династиялары “Үлэ киһини киэргэтэр” диэн кинигэҕэ киллэрэн, кулун тутар 2 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга үлэ дьонун оскуолаҕа ыҥыран, хас биирдиилэригэр саҥа кинигэни бэлэх ууннубут.
Ол курдук 2023 сыл Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылынан биллэриллибитэ. Улуустааҕы оҕо түмсүүлэрин икки ардыларыгар сыллата ыытыллар улуус баһылыгын гранын күрэҕэр “Выпуск книги о работниках сельского хозяйста” бырайыакпыт кыайан, 50 тыһыынча солкуобайынан “Эрэл” оҕо түмсүүтэ наҕараадаламмыппыт.
Сыл устата нэһилиэк улахан хаһаайыстыбаларыгар экскурсияларынан сылдьан, сайылыктарга тахсан, билиҥҥи кэм геройдарын – биһигини минньигэс этинэн, үрүҥ илгэ аһынан хааччыйа олорор, биир да өрөбүлэ суох, кыһыннары-сайыннары үлэни өрө тутан үлэлии сылдьар дьоммутуттан 32 үөрэнээччи, 3 учуутал буолан интервью ылан, хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрэн, бөлөхтөрүнэн арахсан үлэлээтибит. Кинигэбит инники сирэйигэр 10 кылаас үөрэнээччитэ Даша Аммосова уруһуйа бэчээттэннэ.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс киһи кэлэн, үтүө тылларын оҕолорго эттилэр, махтаннылар.
Саҥа кинигэбит 84 сирэйдээх, 84 экземплярдаах, өҥнөөх хаартыскалардаах, ону сэргэ оҕолор уруһуйдара киирдилэр. 2-с Малдьаҕар нэһилиэгэ өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбата сайдыбыт нэһилиэгинэн биллэр. Онон бу кинигэ – үлэ дьонугар махталбыт бэлиэтэ буолар, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ – билиҥҥи кэм геройдара.
Санатан этэр буоллахха, “Эрэл” оҕо түмсүүтүн бу номнуо үһүс кинигэтэ. 2019 с. “Сэрии оҕолоро”, 2021 с. “Билии, сайдыы сарыала” кинигэни оҥорон нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр үйэлээх бэлэх оҥорбуппут.
“Эрэл” оҕо түмсүүтэ, медиакиин (салайааччы Надежда Громова).