2024 сыл Российскай Федерацияҕа Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас уонна Хаҥалас улууһугар Дьиэ кэргэн уонна Оҕо аймах сыллара биллэриллибиттэринэн, мин хоһуун үлэһит дьонноох I Дьөппөн нэһилиэгин Хоточчу сэлиэнньэтин сис ыалларын, Матвеевтар тустарынан сырдатарга холоннум. Тыа сиригэр Хаҥалас улууһа  Сахабыт сиригэр тыа хаһаайыстыбатыгар   сүрүн көрүҥнэригэр биэс иһигэр киирэр, бигэ туруктаах көрдөрүүлээх улуустарга киирсэр. Улууспутугар ситиһиилээхтик үлэлиир бааһынай хаһаайыстыбалар аҕыйаҕа суохтар.

Матвеевтар дьиэ кэргэн учуутал дьон, аҕалара Дмитрий Васильевич үлэ бэтэрээнэ, олохтоох оскуолаҕа физкультура учуутала, ийэлэрэ Зинаида Дмитриевна математика, информатика  учуутала, үлэ бэтэрээнэ, билигин да оскуолатыгар оҕону иитиигэ сыратын биэрэр. Түөрт оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр, улахан оҕолоро улаатан дьоҕус сиртэн киин сиргэ таласпыттар. Олох сайдара түргэтээн киһи онтон хаалсыбакка буола сатыыр кыһалҕата күүскэ турар кэмигэр, тыа сиригэр тардыһыы хайҕаллаах. Ол туоһутунан Матвеевтар дьиэ кэргэн кыра уоллара  Василий Матвеев буолар. Тыа сиригэр эдэр дьон олохсуйуута ханна да биһирэнэр.

Ыччат киһи Василий Матвеев сөптөөх суолу тутуспут. 2019 сыллаахха Дьокуускай куораттан дойдутугар Хоточчуга дьиэ кэргэнинээн көһөн кэлбит.

— Василий, билигин тыа сиригэр олорорго эдэр дьоҥҥо дьиҥинэн бэрт бөҕө буоллаҕа, суол-иис, интернет да баара. Эһиги туох санааттан Хоточчуга көһөн кэлбиккитий? 

— Дьоммут хаһаайыстыбаларын  ким эрэ тутуохтаах, салгыы сайыннарыахтаах буоллаҕа. Үрүҥ илгэ, ас-үөл бу тиэргэнтэн тахсар,  аймах бары мантан аһаан олоробут. Биһиги дьиэ кэргэн тыа сирин  сөбүлүүбүт. Куоракка олоро сылдьыбытым, ол эрээри Хоточчум тарда, ыҥыра-угуйа турар. Эдэр ыччат тыаҕа тахсара олох үчүгэй буоллаҕа дии. Холобура, бэйэ иҥэмтэлээх аһынан бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥин уонна аймахтаргын толору хааччынаҕын да хааччыйаҕын да буоллаҕа. Кэргэним Луиза Уулаах Аантан төрүттээх куоракка улааппыт, иитиллибит кыыс. Онон соһуччу манна Хоточчуга кэлсэн хаалбыта, төрөппүттэрин да  соһуппута. Кэргэним ханнык да үлэни көрөн турбат, хотоҥҥо да сылдьар,  ынах ыаһар, барытыгар көмөлөһөр.

— Быйылгы кыстык хайдах ааһан эрэрий, уопсайынан хаһаайыстыбаҕа төһө сүөһүлээххитий?

— 2019 сыллаахха көһөн кэлэн баран сыыйа хаһаайыстыбаны тутан, салгыы сайыннара сылдьабыт. Быйылгы кыстык этэҥҥэ ааһан иһэр. Ааспыт сайын от үчүгэйдик үүнэн, сүөһү аһылыга дэлэй. Билигин төрүөх саҕаланан саамай эппиэтинэстээх кэммит. Бэйэбит кыахпытынан аһы-үөлү оҥорууну баһылыы сылдьабыт. Билигин уопсайа 129 төбө сүөһүлээхпит, ол иһигэр  51 ыанар ынахтаахпыт, билигин 30 ньирэй төрөөтө. Сыспай сиэллээх сылгылары этэр буоллахха 2 атыыр, 30 биэ уонна 5 ат баар.

— Билиҥҥи кэмҥэ  элбэх сүөһүнү көрөргө-истэргэ хаһаайыстыба үлэтин дьаһайарга, оту-маһы тиэйэргэ тиэхиньикэтэ суох сатаммаккын.

— Оннук, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэр куонкурустарыгар кыттан ылбыт грант көмөтүнэн тимир көлөлөрдөөхпүт, саҥа тиэхиньикэлэрдээхпит. Ол иннинэ тэлиэгэлээх атынан, Т-16 шасси тыраахтарынан иҥин үүппүтүн таһар этибит. Оттуур ходуһалаахпыт, от -мас үлэтин барытын кыайар буоллубут. Сүрүн кыһалҕа  диэн билигин суоҕун кэриэтэ буолла. Тус санааҕын барытын ууран, туохха да аралдьыйбакка үлэлээтэххэ барыта оҥоһуллан, бүтэн-оһон, ситэриллэн толоруллан  иһэр. Ил Дархаммыт Айсен Николаев тыа сирин үлэһит дьонун өйүүрэ, өйдүүрэ, сүөһүгэ үлэлиир киһи үлэтэ сыаналанара олус үчүгэй. Дьоммутун-сэргэбитин олохтоох бэйэ аһынан хааччыйарбытыгар төһүү күүс буолар. Киһи үлэлиэн эрэ баҕарар.

—  Билигин биир күн өрөбүлэ суох үлэлиигин. Тыа сирин туруу үлэһитэ буолбуккун.

— Сүөһү иитиитигэр эдэр дьон үлэлиирэ-кыайыылаах хотуулаах. Ханна да үлэһит, сүрэхтээх киһи үүтү-хайаҕаһы булар, үлэлиир. Үлэҕэ сыстар киһи сыстар, баҕарар киһи үлэлиир. Кыра эрдэхпиттэн дьоммун, төрөппүттэрбин батыһан үлэлээбит буоламмын букатын ыарырҕаппаппын. Өрүү хамнана сылдьар буоламмын, өрүү сэргэх сылдьабын.

— Ыал дьоҥҥо, ыра-баҕа санааҕыт бэйэ дьиэлээх буолуута. Дьиэҥ тутуллуутун туһунан билиһиннэр эрэ.  

— «Эдэр ыаллар» диэн анал бырагыраамаҕа киирсибиппит. Манна кэлээт олохтоох дьаһалтаҕа тута уочаракка турбуппут. Нэһилиэкпит баһылыга Дмитрий Варламов, дьаһалта үлэһиттэрэ сүбэлээн-амалаан докумуон хомуйбуппут. Ити курдук дьиэбит тутулунна, сотору кэминэн ситэрэн-хоторон баран, алаһа дьиэбитигэр киириэхпит. Төлөбүрүн туһунан эттэххэ, 75 % Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ төлөөбүтэ, 25% Ийэ (Дьиэ кэргэн) хапытаалынан саппыппыт. Онон, судаарыстыба биһиэхэ дьиэ оҥорон биэрдэ, — диэн эдэр киһи Василий үлэтин -хамнаһын, дьиэтин билиһиннэрдэ.

Василий Матвеев кыра эрдэҕиттэн  төрөппүттэрин ийэлээх, аҕатын батыһан үлэлии үөрэммит буолан букатын ыарырҕаппат. Кини өрүү үлэ үөһүгэр сылдьар, кэлэр-барар, сүүрэр-көтөр. Дьэ, бу манна этэргэ дылы ыал ийэтинэн диэн бэргэн этии олус сөп түбэһэр. Эр киһи кыайыылаах-хотуулаах хорутуулаах үлэтин, сүрүн укулаатын табыллыытынан  дьиэ кэргэҥҥэ сылаас сыһыаны олохтооччу, амарах майгылаах истиҥ иһирэх киһитэ, үтүө сүбэһитэ, инники олоҕу түстэһээччи киһитэ кэргэнэ Луиза буолар.

Аҕалара Дмитрий Васильевич сүрүн өйөбүлү оҥорор. Тыа сиригэр дьон олоҕун аныгылыы тэрийэргэ сөптөөх суол булулунна. Хас биирдии тыа ыала кэтэх хаһаайыстыбатын табыгастаахтык оҥостон, олоҕун тупсарынаары дьаныардаахтык үлэлиир-хамсыыр.

— Кыра уолуҥ Василий туһунан билиһиннэр эрэ.

— Баҕалаах буоллаххына, санааҕын ууран кыһалыннаххына – туох барыта кыаллар, сатанар. Тыа сиригэр хаһаайыстыбалаах буолуу – дохуот, оҕолоргор, сиэннэргэр хаалларар баайыҥ буоллаҕа. Василийбыт биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай кыра оҕобут буолар. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн дьиэ ис-тас үлэлэриттэн саҕалаан, от-мас үлэтигэр сыһыарбыппыт, такайбыппыт. Ол кинилэр күннээҕи эбээһинэстэрэ буолбута. Ол эбэтэр сүөһү көрсөллөр, ынах ыаһаллар, сааҕын таһаараллар, оту бэлэмнииллэр, аһаталлар этэ. 4 оҕо көмөлөөннөр улахан күүс-көмө буолаллар. Ол курдук оҕо үлэҕэ сыстыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалар.

— Билиҥҥи ыччаты тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр хайдах сыһыарыахха сөбө буолла?

Ыччаты тыа сиригэр олохсутарга мин санааларым манныктар. Кэнники сылларга  олохпут укулаата тосту-туора уларыйан хааллылар. Билигин оҕолор дьиэ үлэтигэр-хамнаһыгар үлэлээбэт-хамнаабат буоллулар, тэйдилэр, барыта бэлэм буолла. Наар үксүн аҕа-ийэ үлэлиир, сүөһү-ас көрүүтэ суох буолан хаалла. Дьон сүөһүтүн эһэн кэбистэ. Ыарахан диэн ыарахан ханна баҕарар баар. Өй үлэтэ буоллун, хара үлэ буоллун ханнык баҕарар үлэ ыарахан, туох барыта уустуктардаах. Ону ыарахан, чэпчэки диэбэккэ оҕону үлэҕэ сыһыардахха, ханнык баҕарар үлэни сатыыр, кыайар, үлэлиир буолар. Биһиги эмиэ кыра, оҕо эрдэхпититтэн үлэлии үөрэммиппитинэн тоҕо эрэ барытын, ыарахан диэбэппит ээ. Ол гынан баран биһигини саас ылан иһэр. Киһи ону бэйэтэ билэр буолар эбит, кэм -кэрдии кэлэн иһэр буоллаҕа дии. Оттон бу эдэр дьону маннык  тыа сиригэр үлэлэтэргэ үчүгэйдик үлэлиир дьоҥҥо сыһыаран сүбэлиэххэ-амалыахха, үөрэтиэххэ, үлэлэтиэххэ наада. Саҥа эдэр үлэһиттэри үөрэтээччи,  сүбэһит диэн баар буолуохтаах. Атын да ыал оҕотун үөрэтиэххэ сөп дии саныыбын.

— Урукку, Сэбиэскэй кэмҥэ оҕону хайдах үлэҕэ үөрэтэллэр этэй?

— Үлэҕэ үөрэтии үөрүйэҕэ урут-уруккаттан баар. Холобура,  урут сопхуос саҕана бу биһиэхэ Хоточчуга мин аҕам да кэпсииринэн, бэйэм да көрбүппүнэн куорат оҕолорун наар тыаҕа таһаараллар этэ, аймахтарыгар. Ол эбэтэр бу отчут-масчыт тыа дьонугар сыһыараннар, үлэҕэ үөрэтэллэрэ-такайаллара. Туох да аймаҕа да буолбатаҕын иһин, төрүт дойдулаах дьоннор куоракка киирэн олохсуйдахтара дии. Оҕолорун таһааран бу дьоҥҥо туттараллар. Окко звеноҕа сылдьан оттууллар, үлэҕэ үөрэнэллэр, буһаллар-хаталлар. Онно оҕолор киһилии майгылара сайдар. Оҕолор куоракка суй-сай сылдьыбакка, тыа сиригэр хара үлэҕэ үлэлээннэр сыстаннар, тугу барытын кыайар-хотор буола улааталлар. Оннук үлэҕэ сыстыбыт оҕолор элбэхтэр. Төрөппүттэрэ аҕабар олуһун махтаналлар этэ. Ол дьон билигин сааһыран олордохторо буолуо.

— Дмитрий Васильевич удьуор сылгыһыт киһи уолаҕын, дьөһөгөй оҕотун иитиигэ туох санаалааххын?

— Сылгым туһунан эттэххэ, билигин  икки үөрдээхпин. Оттон мин сыспай сиэллээххэ, Дьөһөгөй оҕотугар ыалдьарым диэн эһэбититтэн, абаҕаларбытыттан  саҕалаан төрүкү сылгы куттаах дьоммут.  Уолбар үлэ миэстэтин таһаараары кинини сүөһүгэ сыһыардым. Ийэм өттүнэн сүөһү куттаахтар. Эһэтин туйаҕын хатарыаҕа. Сылгы куттаахтарга мин эмиэ сиэннэрбин да такайыахпын баҕарабын. Ол быһыытынан инникитин сылгыбын эмиэ көтөхпүт киһи диэн саныыбын. Баҕа санаабар биир эмит эдэр уолу сыһыарбыт киһи диэн санаа баар.

— Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Сахабыт сиригэр Оҕо саас уонна улууспутугар Дьиэ кэргэн уонна Оҕо аймах сыллара. Мантан сиэттэрэн оҕо аймахха сыаллаан тугу этиэҥ этэй?

— Президеммит Владимир Путин быйылгы сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ мээнэҕэ буолбатах, мин кини ыытар үлэтин өйүүбүн. Кэнники кэмҥэ оҕоҕо улахан болҕомтону уурар буоллулар. Оҕо диэн, оттон киһи оҕото буоллаҕа дии. Итиини-тымныыны билэн улаатыахтаах. Ханнык көлүөнэ үөскээн ааспытын, ол олугун үктээн иһиэхтээх. Онон оҕоҕо олус улахан быраабы биэрэр табыллыбат. Оҕо улахан киһини хараҕынан көрөн үөрэнэр, амсайдаҕына билэр. Эрэйи-буруйу, кытаанаҕы, кыһалҕаны биллэҕинэ уһуйуллар. Онон, сөптөөх бэлиитикэ дьэ кэллэ. Оҕону үлэҕэ-хамнаска сыһыарыахха диэн буолла. Билигин куйаар ситимигэр ылларбыт ыччаттарбытын үөрэтэр-такайар уустук боппуруостардаах буолла. Сахалыы саҥарбат, нууччалыы саҥара сылдьар  да оҕолор, онноҕор биһиги кыракый Хоточчубутугар баар буоллулар.

Оҕо-аймах норуот кэскилэ диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оҕону хайдах иитэртэн омук инникитэ тутулуктаах. Оҕо айылҕаттан аналын  таба көрөн, тус уратытын аахсан, онтуката сөптөөх хайысханан муҥутуурдук сайдарыгар көмөлөһөн, оҕону кыра эрдэҕиттэн иитии-такайыы, эт-хаан өттүнэн эрчийии, кинини күүстээх, тулуурдаах, туруорбут соругун ситиһэргэ дьүккүөрдээх, кыайыгас-хотугас, хотоойу санаалаах буоларыгар олук уурар. Итинник иитиллибит оҕо – олох бары эриирин-мускуурун туоруур, санаатын түһэрбэт, инникигэ дьулуурун сүтэрбэт, сынтарыйбат майгылаах буола улаатар  дии саныыбын.

 

Ханнык баҕарар омук үүнэн-үрдээн тахсарыгар, кини хас биирдии ыала төһүү буолуохтаах. Быйылгы сылга дьиэ кэргэҥҥэ ураты болҕомто ууруллар, элбэх оҕолоох, хаһаайыстыбалаах ыалларга судаарыстыба өттүттэн өйөбүллэр оҥоһулаллар.

Зинаида Дмитриевна элбэх оҕолоох тыа ыалын Далбар хотуна, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн батыһыннара сылдьан үлэҕэ үөрэппит.

— Васяҕыт кыра эрдэҕинэ, туох эмит түбэлтэ буола сылдьыбыта дуо?

— Биһиги 4 оҕолоохпут, Васям кыра эрдэҕиттэн миигин батыһа сылдьааччы. Хотоҥҥо таҕыстахпына хотоҥҥо тахсар, сиэттиһэн оскуолаҕа барабыт. Кыра сырыттаҕына биирдэ борооскобутун ойбоҥҥо түһэрбиппит. Мин куттаныа, ыксыа дии санаабытым, онно олох уолуйбатаҕа. Хата, этэҥҥэ көмөлөөн хостоон таһаарыбыппыт.

— Оҕолоргут кыра эрдэхтэриттэн оттууллара дуо?

— Оттуу барарбытыгар эдьиийинээн үрүксээккэ аспытын уган бараммыт, кытылга эһээбитигэр баран көмөлөһөбүт, от мунньабыт. Оҕолорум сайыҥҥы каникул аайы от оттууллар, ол саҕана көлө-илии звенолара диэн буолара. Эһэбит кырдьыар дылы, атынан мустарар-оҕустарар этэ. Уолаттарым киэһэ хойут 11 чаас саҕана, “Ийээ, биһиги оттоон кэллибит, биһиги хаһан сынньанабытый?”- диэн  ыйытан тураллар.  Оччолорго дьон  инньэ балаҕан ыйыгар дылы оттууллара. Билигин Вася оҕолорун кыраларыттан батыһыннара сылдьан, үлэҕэ үөрэтэр.

—  Үлэ үөрүйэҕэр бука эһэлэрэ оруоллааҕа буолуо?

— Оҕолорум үлэҕэ сыстаҕастар, бары ынах ыыллар, от үлэтигэр мэлдьи сылдьаллар. Дьиэ ис-тас үлэтин этэ да барбаккын. Тыа сирин оҕолоро барытын сатыыллар, тоҕо диэтэххэ оҕо төрөппүттэрин батыһа сылдьан, көрөн, илиитинэн тутан-хабан үөрэнэр. Икки улахан сиэттэрбит сайын, ньирэй көрөллөр үлэлэрэ элбэх.  Быйыл саҥа окко сыһыарыахтаахпыт.  Оттон биһиги оҕолорбут иитиилэригэр, эһэбит Василий Дмитриевич Матвеев улахан оруоллаах. «Эһээ турда, турдубут, бардыбыт”,- диэн буолла да кутугунаһан бараллара. Эһээбит, Василий Дмитриевич оҕолорбутун дьиэ ис-тас үлэтигэр, от-мас бэлэмэр уонна да үгүскэ үтүө сүбэлэринэн такайбыта, төрүт үгэһи, сиэри-туому тутуһуннара  үөрэппитэ.

— Зинаида Дмитриевна оҕону иитии туһунан санааларгын үллэһин эрэ.

— Оҕону иитии дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах. Дьиэ кэргэн бэйэтэ туспа үтүө сиэрдээх, оҕолорго, сиэннэргэ бэриллэн иһэр үгэстэрдээх буоллаҕына, ыччаттара ону утумнууллар. Ол үөрэҕи утумнааммыт биһиги билигин, бэйэбит эбээ, эһээ буолан олорон, сиэннэрбит сайын аайы сайылыы кэллэхтэринэ, “Эһиги биһиэхэ эһээлээх, эбээҕэ кэллигит онон сахалыы саҥарыахтааххыт”, -диибин. Ол быһыытынан куораттан кэлэр сиэннэрбит сахалыы саҥараллар. Ол гынан баран, биһиги истибэппитигэр оҕолор бэйэлэрин икки ардыларыгар нууччалыы кэпсэтэн ылаллар. Сахалыы дьоһуннук толкуйдуур, саҥарар-иҥэрэр ыалга төрөөбүт, улааппыт оҕо үтүө майгылаах, сиэрдээх киһи буола улаатар дии саныыбын.

— Саха сахатынан кэрэ дииллэр. Ол аата саха оҕото хайаан да сахалыы саҥарыахтаах диэн буолар. Манна эн санааҥ хайдаҕый?

— Уопсайынан билигин саха оҕотун, сахалыы майгыга-сигилигэ иитиэххэ наада. Билигин куоракка эрэ буолбакка, тыа сиригэр эмиэ оҕолор нууччалыы саҥарар буоллулар. О5ону сахалыы саҥара үөрэтэргэ эһээ, эбээ оруола олус улахан. Биир дьайымтыалаах дьарыгынан сүөһү иитиитэ буолар, тыа сирин дьонун олоҕун укулаатын быһыытынан оҕолору олох сүөһү иитиитигэр сыһыарыахха наада дии саныыбын. Тыа сиригэр хороҕор муостаах ынах, сыспай сиэллээх сылгы баарын тухары саха тыла сүппэт. Ити сахалыы үөрэтиигэ, билиигэ эргиччи туһалаах эрэ буолар, -диир эбээ Зинаида Дмитриевна.

Матвеевтар дьиэ кэргэн эһэлэрин ыччат наставнигын, аатырбыт сылгыһыт Баһылай туһунан сылаастык ахталлар, саныыллар. Этэргэ дылы дьоммут-сэргэбит халбаҥнаабакка тутуһар үгэһинэн- кырдьаҕас киһилэригэр, эһэлэригэр ытыктабыллаах, сүгүрүйүүлээх сыһыаннара буолар. Дьиэ кэргэн экэниэмикэтин сайыннарыыга төһүү буолбут киһилэрин үйэтитэн, бэйэтин кэмигэр ыччат наставнигар, сүүрүк аттарынан ситиһиилээхтик дьарыктаммыт, аатырбыт сылгыһыт эһэлэригэр Василий Матвеевка анаан, өссө 2022 сыллаахха дьоһуннаах кинигэни бэчээттэтэн таһаарбыттара киэҥ аймаҕы түмэн, удьуордарын утумнатар.

Утумнааһын олуга ууруллан бигэ тирэхтээх, эйэлээх дьиэ кэргэн кыралара Василий билигин хас да оҕолоох ыал аҕата – дойдубут кэскилин, сайдыытын мэктиэлиир улахан хаһаайыстыбаны дьаһайар-салайар киһи буола үүннэ. Оҕо киһи улаатан ытыктабыллаах эһэтин,  сылгыһыт Василий Дмитриевич Матвеев эһэтин толору аатын сүгэн,  Матвеевтар аймахха өбүгэлэрин үтүө аатын үрдүктүк тутар, үлэнэн олоҕу сүрүннүү сылдьар сүүнэ эппиэтинэһи чиэстээхтик илдьэ сылдьар.

Дьиэ кэргэн этэргэ дылы — олох төрдө, омук кэскилэ буоллаҕа. Быйылгы бэлиэ сылга, бүтүн ыалынан дьиэ кэргэн экэниэмикэтин бөҕөргөтөллөр. «Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэнчээри оҕоҕуттан көрүн», — диэн бэргэн этиини, Матвеевтар дьиэ кэргэннэрин холобурдарыгар көрөбүн…

Уйбаан УЙГУУРАП,

хаартыскалар: Матвеевтар тус архыыптарыттан туһанылыннылар.

 

 

Читайте дальше