Мин кэпсиир киһим 91 сааһыгар сылдьар ытык кырдьаҕас — үлэ бэтэрээнэ Мария Ивановна Игнатьева. Олоҕун устатын тухары араас ыарахан үлэҕэ эриллэн, мускуллан уһаарыллыбыта.
Бэйэтин сааһыгар сэргэх көрүҥнээх, билигин да таһырдьа хаамар, салгыҥҥа сылдьар, кэпсээнэ-ипсээнэ элбэх. Ордук уруккуну-хойуккуну үөрэ-көтө кэпсиир, киһи сөҕүөх, бу баардыы барытын төбөтүгэр тута сылдьар.
— Аҕам өттүттэн төрүттэрим, Амма Лээгититтэн төрүттээхтэр, Амма уонна Алдан икки ардыгар тыаҕа үөскээн олорбут дьоннор. Эбэм Хачыкаат тыатыттан, Буотаматтан, төрүттээх. Алта уол оҕолоох, үс кыыстаах эбиттэр. Аҕам Иван Александрович төрдүс уол. Биһиги бииргэ төрөөбүттэр уон оҕо төрөөбүтүттэн сэттиэ этибит. Булчуттар оҕолоро буолан сырыым киэҥ. Аҕам, убайдарым бары Амма, Алдан тыатынан бултууллара. Олору кытта батысыһан тыаҕа сылдьан бултуурга үөрэммитим. Уон үс сааспын туолбутум кэннэ ийэм аҕабар миигин сааланарга үөрэт, бултаан да айаҕын ииттиниэҕэ, диэбит. Оттон аҕам миигин оскуолаҕа биэриэн баҕарара, ол гынан баран ийэм тылыттан тахсыбатаҕа. Онон оскуолаҕа үөрэммэтэҕим. Ол күһүн аҕам дьэ сааланарга үөрэппитэ. Тииҥи бултуурга: хайдах суоллаан, ирдээн буларга, ытарга батыһыннара сылдьан үөрэппитэ. Улаатан эрэр кыыс онтон ылата дьэ бултуур буолбутум. Хомойуох иһин, аҕам ол кэнниттэн уһаабатаҕа, мин уон түөртээхпэр суох буолбута. Ол курдук, аҕам үөрүйэхтэринэн хойукка дылы сааламмытым. Саамай улахан булдум – кыылы өлөрбүтүм. Арҕахтан эһэни булар идэлээх этим. Ол саҕана булчуттарга оннук көҥүллэнэр этэ.
Убайдарым, эдьиийим Өлөөнө тус-туспа ыал буолан баран испиттэрэ. Ийэбитин кытта кыра убайым, мин хаалбыппыт. Туспа ыал да буолан баран, убайдарым син биир бултууллара. Бөдөҥсүйүү буолбута, колхуостар тэриллибиттэрэ. Убайдарым сэрии иннигэр Мэҥэҕэ колхуоска кадровай булчутунан киирбиттэрэ. Оччолорго онно отучча учаастак баара. Сэрии кэнниттэн колхуос улаатан, аны сайылыы киирэр буолбуппут. Мин сүүрбэччэлээх кыыс сайын окко үлэлиибин, тыраахтыр суох, атынан мустарабыт, оҕустарабыт.Онно барытыгар тэбис тэҥҥэ сылдьабын. Убайым Дьөппөн тыатыгар, Бэрэгэҕэ, киирэн сайылыыр, бостууктуур.
Эдьиийим Өлөөнө бэйэтэ, кэргэнэ Ньукулай ыалдьаннар 1963 сыллаахха Алдан үрэҕин баһыттан, Учуртан, дойдуга, Дьөппөҥҥө, киирэргэ күһэллибитим. Эдьиийим оҕолоро кыралара. Ол оҕолору көрө-истэ, дьиэ дьиэлии диэн.
Онтон ыла Дьөппөҥҥө олохсуйбутум. Бэйэм ыал буолбутум. Кэргэним Игнатьев Николай Дмитриевич Хачыкааттан төрүттээх, бииргэ 37 сыл олорбуппут, үс оҕоломмуппут. 1971 сылллаахха дьиэ туттубуппут. 1964 сыллаахха ынахтаммыппыт. Өр сылларга тыа ыалын сиэринэн ынах, сүөһү көрбүппүт, оттообуппут.
Дойдуга көһөн киирэрбэр табалардаах кэлбитим, онтуларбытын тыаҕа туппуппут. Эдьиийим эмиэ бэйэтэ табалардааҕа. 60-с сылларга Дьөппөҥҥө колхуоска уопсай табалардаах этилэр. Бүтэһик 12 табабын 2-с Дьөппөҥҥө эти астыыр тэрилтэҕэ туттаран, оҕонньорбор «Буран» ылан биэрбитим. Кэргэн да тахсан баран бултуурбун бырахпатаҕым. Кэргэним Ньукулай табаларбытын көрөрө, кыралаан эмиэ бултуура.
Дьөппөҥҥө олохсуйан баран 30 сааспыттан араас тэрилтэлэринэн үлэлээбитим:оҕо саадыгар, санаторнай-интэринээт оскуолаҕа, ол кэнниттэн оҕуруокка. Көтөҕөртөн, сүгэртэн куттаммаппын, үөрүйэхпин. Илиинэн биэдэрэнэн күөлтэн уу баһан кутарбыт. Икки сайын үлэлээбитим кэннэ оҕуруоппут ууга барбыта. Ол кэнниттэн аны үүт собуота аһыллыбытыгар онно ыҥырдылар. Оччолорго илин эҥэр үүтэ барыта кэлэрэ: Хачыкааттан, Кыһыл Үрүйэттэн, 2-с Дьөппөнтөн, Хоточчуттан, 1-кы Дьөппөн 2 хотонуттан. Ол саҕана күнүскүлүүллэр, онон үүтү собуокка ыам кэнниттэн аҕала тураллара. Үлэ да үлэ. 40 киилэлээх бөтүөннэри илиинэн көтөҕүү. Хас да сыл үлэлээн баран, ыарытыйан тохтообутум. Ол кэнниттэн промтоварнай маҕаһыыҥҥа харабылынан киирбитим. 1973 сыллаахха үһүс оҕобун оҕолонуохпар дылы мас хайытан, икки оһоҕу оттон, түүннэри маҕаһыыммын харабыллаан сылдьыбытым. Уолум 5 ыйдааҕар бородуукта маҕаһыыныгар харабылынан киирбитим. Онтон маҕаһыыҥҥа иһирдьэ ылбыттара. Ыйааһыҥҥа турбутум, аһы быһан, ыйаан биэрэбин, бэрэдэбиэс атыылыыр. Бүтэһик үлэлээбит сирим — бэкээринэ. Араас үлэни барытын ааспытым.
— Маайа, иистэнэргин хаһан саҕалаабыккыный?
— Кыра эрдэхпиттэн ийэбит такайыытынан эдьиийбинээн иистэнэр этибит. 1962 сыллаахха быыстапкаҕа диэн бастакы үлэбин Учурга көрдөөн ылбыттара. Онно табаҕа баайыллар малы угар иһит (бүрүчүүн диэн) таһын тикпитим. Иһитин маһынан оҥороллор, таһын таҥаһы тигэн араастык киэргэтэн биэрэллэр. Онтон 1967 сыллаахха биир үлэм Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар барбыта. Онно сарыы этэрбэһи тикпитим, быысабайдаан киэргэтэн биэрбитим.
Дьэ ол кэнниттэн дьон иистэнэрбин билэннэр, түүлээхтэн таҥаһы сакааска тиктэрэр буолбуттара. Ол курдук 86 сааспар дылы иистэммитим. Хамсыкка ыалдьаммын, хараҕым мөлтөөн, тохтообутум. Сахалыы иис көрүҥнэрин барытын баһылаабытым. Улахан быыстапкаларга ыҥырыы туппутум да, оҕолорум кыра буолан кыайан кыттыбатаҕым. Эдьиийим Өлөөнө ыалдьан Иркутскайга балыыһаҕа эмтэнэр кэмигэр, икки дьиэнэн оҕолору көрөрүм.
Уруккутугар кулуупка ыҥырыллан, иистэнэргэ сүбэ-ама биэрэрим, элбэх дьахтарга үтүлүк, кээнчэ, этэрбэс выкройкатын кырыйарым. Элбэх киһи туһанарыттан астынарым.
— Бу эн маннык сааскар дылы чэгиэн сылдьаҕын. Эйиэхэ туох көмөлөспүтэй, сабыдыаллаабытай?
— Айылҕаҕа сылдьан бултааммын, онно эриллибитим, хаампытым туһалаатаҕа. Ыарахан үлэттэн, тымныыттан куттанар сыыһа дии саныыбын. Уруккутугар бу тарбахтарым кыһын алта-аҕыс сыарҕаны кэлгийэргэ, өтүүлүүргэ, баайарга, балаакка тардарга тугу да билбэт буолуохтарыгар дылы тоҥон хаалаллара. Атаҕым, илиим, тобуктарым тыаҕа олус тоҥоллоро. Сыарҕаҕа атаҕы сынньа-сынньа олорсон иһэр буоларбыт. Ыстааммыт чараас бааталаах, халыҥ буоллаҕына хаамарга, туттарга мэһэйдиирэ. Тыаҕа наар хамсана, хаама сырыттахха эрэ быыһанаҕын. Билигин дьиктиргии саныыбын, кыаҕын таһынан сылдьан бараннар, сүһүөхтэрим билигин этэҥҥэлэр.
— Билиҥҥи булчуттары туох дии саныыгын?
— Аныгы булчуттар урукку булчуттарга тэҥнэспэттэр. Булт албастарын элбэҕи билбэттэр, үтүктүһэн эрэ сылдьаллар. Бүтүннүүтэ тиэхиньикэ буолла.
— Билигин булт дьарыктаах киһи аймахтаргар баар дуо?
— Кыра убайым уола Томмокка баар, бултуур. Бэйэм уолум Игнат Намҥа олохсуйан олорор. Идэтинэн электрик, биир кыыстаах. Булдунан дьарыктанар, тыаҕа сылдьарын сөбүлүүр.
Дьэ бу курдук сэргэх кэпсээннээх кырдьаҕас буолла Маайа. Мария Ивановна иистэнэрин таһынан бэйэтэ ырыа айан ыллыыр этэ уруккутугар. Ол дьоҕурун интэриэһиргээн, урут Дьокуускайтан тыл фондатыттан үлэһиттэрэ кэлэ сылдьан араадьыйаҕа, телевидениеҕа устан турардаахтар.
Ааспыт сайын ыһыахха олоҕун анаабыт Дьөппөнүгэр бэлиэ түгэн буолбута. Кулууп үлэһиттэрин, олохтоохтор тэрийиилэринэн баар суох иистэнньэҥ киһилэрин Мария Ивановна Игнатьева 90 сааһыгар анаан кини аатынан саха таҥаһыгар иистэнньэҥнэр күрэхтэрэ тэриллибитэ. Онно элбэх иистэнньэҥ кыттаннар, көрөөччү сэҥээриитин ылбыттара. Күрэх кыайыылааҕынан Акулина Кириллина буолбута. Кыайыылаахха Мария Ивановна оҕолорун, сиэннэрин бэлэҕэ туттарыллыбыта. Мария Ивановна урут Акулиналыын бииргэ бэкээринэҕэ үлэлээбитин, тугу да сатаабат эдэр кыыс үтүлүктэн саҕалаан ииһэ саҕаламмытын ахтан кэпсээтэ. Оттон Акулина Мария Ивановнаҕа махтала баһаам, олус да элбэххэ үөрэппитэ, такайбыта диир. Билигин Акулина Ильинична тарбахха баттанар бастыҥ иистэнньэҥ.
Мария Ивановна үс оҕо, сиэннэр, хос сиэннэр истиҥ сыһыаннарыгар, болҕомтолоругар угуттанан дьоллоохтук олорор. Кыра кыыһа Наталья Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин кылаабынай буҕаалтыра. Маайа билигин улахан кыыһыгар Валентинаҕа Покровскай куорат киинигэр саҥа таас дьиэҕэ олорор. Дьэ хайдах эбитий бу маннык аныгы дьиэ диэн сураспыппар, хаайыы курдук диэн күлэр. Кырдьык даҕаны, куруук салгыҥҥа сылдьыбыт, хаама үөрэммит кырдьаҕас таас дьиэ эркинигэр хаайтарара, тэһийбэтэ биллэр буоллаҕа. Ол да буоллар, ким да көмөтө суох үһүс этээстэн түһэн дьиэтин тула хаалыктаах хаамар. Сорох ардыгар кыыһын, сиэннэрин кытта пааркаҕа тахсаллар. Сайын Дьөппөнүгэр сайылыыр, дьиэ таһыгар, оҕуруотугар хамсанар, бэрийэр, тыаҕа сылдьар.
Кэлэр сыл ыам ыйын 7 күнүгэр ытык кырдьаҕас киһибит 91 сааһын туолуоҕа. Ытыктыыр, убаастыыр киһибитигэр чэгиэн туругу, нус-хас олоҕу баҕара хаалабын.
Сардаана Кириллина, Покровскай к.