Сиинэ дьахталларын сэбиэтин нэһилиэк биир көхтөөх киһитэ, хайа да саҕалааһынтан туора турбат Ульяна Степанова салайар. Бу күннэргэ түмсүү кыттыылаахтара мустан мунньахтаатылар, инники үлэ былаанын торумнаатылар.
— Мунньахха, бастатан туран, сэтинньи 25 күнүгэр Ийэлэр күннэрин хайдах-туох тэрийэн ыытары сүбэлэстибит. Нэһилиэкпит кыһалҕаҕа түбэспит дьахталларын, ийэлэрин кытта профилактическай үлэни ыытарга диэн участковай инспектор Игорь Курчатовы кытта кэпсэттибит.
Иккиһинэн, биир улахан сорукпутунан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарга көмө оҥоруу буолар. Ол курдук, биһиги, биир сүбэнэн, убаһа кутуругунан атах таҥаһын иһинэн кэтиллэр угунньук (стелька) оҥорорго быһаарынныбыт. Бу угунньук оҥорору Дьокуускай куорат дьахталларын түмсүүтэ көрдөспүтэ. Онон, кинилэр көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, кыттыһарга сананныбыт. Дьиҥэр, угунньук оҥорууга кыл-сиэл ордук барсар эбит эрээри, кыл мээнэ көстүбэтинэн кутуругунан да өрөн холонуохпут.
Билигин идэһэ үгэнэ, онон элбэх сылгылаах ыалтан кутурук хомуйдубут. Бу үлэбитин хас да түһүмэҕинэн ыытыахпыт диэн быһаарынныбыт.
Субуотаҕа, номнуо, нэһилиэк дьахталларын сэбиэтэ уонна олохтоохтор култуура киинигэр мустаммыт 25 убаһа кутуругун ириэрэн, сүлэн, сууйан-тараан
Дьокуускайдааҕы көмө оҥорор түмсүүгэ ыытаары бэлэмнээтибит. Нэһилиэк дьахталлара биир дойдулаахтарбыт кыһыҥҥы тымныыга тоҥмотторун-хаппаттарын туһугар кыахпыт тиийэринэн көмө, өйөбүл буолабыт», — диэн түмсүү салайааччыта Ульяна Степанова кылгастык кэпсээтэ.
Ольга Гермогенова.