Учуонай, тэрийээччи Никита Соломонов

Соломонов Никита Гаврилович Аан дойду үрдүнэн биллиилээх учуонай, талааннаах наука тэрийээччитэ, көҕүлээччитэ уонна биһиги Сахабыт сиригэр хас даҕаны көлүөнэ наука үлэһиттэрин, биология учууталларын, айылга харыстабылыгар сыһыаннаах дьону иитэн таһаарбыт киһиннэн буолар. Кини харамайдары чинчийэр үлэлэрин ааспыт үйэ 50-с сыллар ортолоругар саҕалаабыта уонна бастакы научнай ыстатыйатын 1958 сыллаахха суруйбута. Ол кэннэ Никита Гаврилович бу сиртэн барыар диэри 55 сыл устата уһулуччу элбэх үлэни таһаарбыта. Ону туоһулууллар бэйэтэ уонна кэллиэгэлэрин кытта суруйбут 620-тэн тахса научнай ыстатыйалара уонна 18 монографията, 2 үөрэх пособията.

Мин Никита Гавриловичтыын 1988 сылтан ыла билсэн (ити сыл кини миигин аспирантураҕа ыҥырбыта) өр кэмҥэ кини салайыытынан үлэлээбитим. Аспирантура кэннэ Никита Гаврилович көҕүлээһининэн тэриллибит хайахарамайдарын экологиятын үөрэтэр (кэлин Субарктика уонна хайа экосистемаларын үөрэтэр) лабораториятыгар үлэҕэ киирэн Саха сирин үгүс улуустарын кэрийбитим, көтөрүн-харамайын үөрэппитим. Кини мин кандидатскай үлэм салайааччыта уонна дуоктара билимин ылбыт үлэм консультана буолбута. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ Никита Гавриловичтыын көтөрдөр тымныыга адаптацияларын чинчийиигэ уонна тыҥырахтаах көтөрдөр экологияларын үөрэтиигэ ыкса бииргэ үлэлээбиппит. Былырыын ахсынньы ый бүтүүтэ, балыыһаҕа бүтэһиктээҕин киириэн эрэ иннинэ, Улан-Удэ куоракка буолуохтаах конференцияҕа кинини уонна эдэр чинчийээччи Вячеслав Габышевы кытта бииргэ бэлэмнээбит үлэбитин ырыппыппыт. Ол үлэбит хайдах Саха сиригэр тыҥырахтаах көтөрдөрү инники кэмҥэ үөрэтии барыахтааҕын туһунан толкуйдары быһаарсыбыппыт, кэриэһин кэриэтэ эппит санааларын киллэрбиппит.

Мин Никита Гаврилович экологияҕа, биологияҕа, медицинаҕа уонна атын салааларга чинчийиилэрин, ытык кэрэ сирдэр систематын оҥорууга үлэтин, айылга харыстабылын пропагандалааһына уонна атын хайысхаларга үлэлэригэр туох ситиһиилээҕин туһунан бу кыра ыстатыйаҕа барытын сырдатар кыаҕым суох. Кини наукаҕа, айылҕа харыстабылыгар, үрдүк үөрэҕэриигэ сыаналаах кылаатын өйдүүргэ туспа улахан чинчийии кэнниттэн эрэ барытын сырдатыахха сөп. Аҥаардас Никита Гавриловичсаха экологтарын уонна зоологтарын научнай оскуолатын тэрийэн уонна уһун кэмҥэ салайааччытынан үлэлээбит түбүгүн көрдөххө, киһи сөҕөр. Кини үөрэнээччилэринэн буолаллар биллиилээх учуонайдар И.И. Мордосов, Н.И. Гермогенов, Ю.С. Луковцев, З.З. Борисов, И.М. Охлопков уо.д.а. Барыта кини научнай оскуолатыгар 17 наука дуоктора уонна 30 наука кандидаттара киирэллэр. Кинилэр харамай популяционнай экологиятын, Саха сирин чыс климаппытыгар адаптацияларын, экологическай уонна кыыллар физиолого-биохимическэй кыһыҥҥы утуйууларын параметрдарын, хотугу экосистемалар тутулларын уонна уларыйыыларын, айылҕа харыстабылын үөрэтиитинэн дьарыктаналлар.

Никита Гаврилович кэлэр көлүөнэ иитиитигэр улахан суолтаны биэрэрэ. Кини көҕүлээһининэн1986 сыллаахха Ой оскуолатыгар тэриллибит «Эллэйаада» диэн оҕолор экспедициялара кэлин Саха сирин үрдүнэн улахан хамсааһыны таһаарбытаҮөһээ Дьааҥыга «Верхоянье-Полюс холода», Томпоҕо «Юный натуралист Томпо» уо.д.а. барыта 30-ча оҕо экспедицията уонна лааҕыра. Бу манна аҥардас Никита Гаврилович тэрийээччи быһыытынан талаана эрэ буолбакка бэйэтин үтүө сиэрдээх личноһа, өркөн өйө оруолу оонньообута. Кини оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо дьайыыта киһини сөхтөрөр этэ. Бары Никита Гавриловиһы кытта алтыспыт дьон барыкини эппитин толору ылыналлара, сүбэлээн биэрбитин хайаан даҕаны оҥоро сатыыллара уонна улаханнык ытыктыылларын көрдөрөллөрө.

Кинини билбиталтыспыт, киниэхэ үөрэммит дьон барыбыт сүрэхпитигэр Никита Гаврилович Соломонов туһунан сырдык өйдөбүл хаалыаҕа.

Аркадий Исаев, биология билимин дуоктара, Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларыгар институтун сүрүн научнай үлэһитэ.

Хаартыскалар:

1. Н.Г. Соломонов, А.П. Исаев уонна П.С.Федотов Өктөм оҕолорун кытта сайыҥҥы үлэлэр былаанннарын кэпсэтэ олороллор. 2009 с., ыам ыйын 4 күнэ.
2. Аллараа. Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Д.П.Латышев, краевед А.А. Филиппов, академик С.В. Рожнов, Н.Г. Соломонов, уо.д.а. Ой-Мураҥҥа «Аһаҕас халлааҥҥа түмэл» таһыгар. 2022 с., атырдьах ыйын 1 күнэ.