Уустук, эмиэ аан дойдуга киһи-аймах сүрүн сыаннастарын билиммэт буолуу тыҥааһыннаах кэмигэр, ааспыт көлүөнэ дьоммут хорсуннук турууласпыт кырдьыгын аныгы ыччаттарбыт анал байыаннай дьайыыга сылдьан ситиһэр быһаарыылаах сылларыгар.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Хаҥалас улууһуттан 1134 киһи бас-таан Дьокуускайдааҕы, онтон оройуоннааҕы байыҥкамаатынан ыҥырыллан барбыта диэн сыыппара баарэрээри, дьиҥинэн, итиннэ атын сирдэртэн фроҥҥа барбыттар киллэриллибэккэ сылдьаллар. Ким эрэ ити кэмҥэ үөрэнэ, аармыйаҕа сулууспалыы, ким эрэ Саха байыаннай оскуолатыгар үөрэнэ, атын оройуоннарга араас үлэҕэ сылдьыбытынан дойдуларын дьонун көрсүбэккэ да сэриигэ аттаммыттара баар этэ. Кэлин биһиги редакциябыт “Хаҥаластар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр” диэн иккис кинигэтин бэлэмнии сылдьан нэһилиэктэр сурукка киллэрбиттэринэн, мин 2194 киһи барбытын ааҕан турабын. Мантан 1134 биир дойдулаахпыт дьиэтигэр эргиллэр дьолу билбэтэҕэ.
Быйылгы улууска үбүлүөйдээх сылга оннооҕор тыылга үлэлээбиттэрбит, Сэриисылларын оҕолоро диэн ааттанар дьоммут ахсаана биллэ аҕыйаата. Саҥа дьыл иннинэ өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар Туһаайыы этиитигэр бу 13 тыһыынча Саха сирин бэтэрээннэригэр араас кээмэйдээх үбүнэн көмө оҥоһулларын этэн турар.
Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэри сир-сир аайы, биллэн турар, ыытыахпыт, улууспут салалтатын анал дьаһала тахсаары турар. Ол эрээри, улуустааҕы Кыайыы пуондата билигин олус чараас эбитин мин бу кэмҥэ сэбиэти салайа сылдьарДанил Аргуновтан иһиттим. Онон Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар кэннилэриттэн бупуонданы хаҥатыыга дьоһуннаах үлэ барыахтаах. Хас биирдиибит ким да умнуллубутын, туох да умнуллубатын туһугар күүс-көмө буоларбыт эрэйиллэр.
Людмила МОРДОВСКАЯ.