Улуус хаһыатын суруналыыстара Хачыкаакка сырыттыбыт

Бэчээккэ сурутуу саҕаланна

Чэппиэргэ Бэчээккэ сурутуу саҕаламмытынан уонна үлэни-хамнаһы билсэ Хачыкаат нэһилиэгэр сылдьан кэллибит. Махтанабыт улууспут дьаһалтатыгар, массыына биэрэн көмөлөспүтүгэр!

Хачыкаат нэһилиэгэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ болҕомтото туһаайылларын билэҕит. Манна  дьоһун пилотнай бырайыак гаас киириитигэр үлэлиир. Быйыл хачыкааттар гаастаналлар дуо, сатаннаҕына сүрүн утахтан тэйиччи сытар нэһилиэнньэллээх пууннар эмиэ харахпытын өрө көрүө этибит диэн  кэтэһии баар. Балаһыанньа хайдаҕый диэн биһиги эмиэ сурастыбыт, туох үлэ барарын харахпытынан көрөн, дьону кытары кэпсэтэн кэллибит. Биир-икки сылынан быһаарыллыбат дьыала. Быйыл манна гаас ыалларга кыайан киирбэт, ол эрээри күүстээх үлэ барар — тыраасса салгыы тардыллар, хочуолунайга  саҥа технологияҕа көһүү үлэтэ салҕанар, эһиилгигэ дылы тулуйан көрөбүт диэн буолла. Бастакы хардыылар балысханнар. Бу туһунан биһиги сиһилии хаһыаппытыгар суруйуохпут.

Дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыт   национальнай бырайыак хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматынан Хачыкаакка икки  таас  дьиэ үлэҕэ киирээри турар. Ону сэргэ дьон икки нэһилиэнньэлээх пуунунан саҥа дьиэлэри, гараастары, тусүлэ эбийиэктэрин туттан, ынах-сылгы иитэн, от оттоон, бурдук үүннэрэн, суолу-ииһи саҥардынан олороллор, олох күөстүү оргуйар. Хочуолунайдар тэрилтэлэргэ,  олорор дьиэлэргэ сылааһы толору кэмигэр биэрэн  олороллор. Оннооҕор Кыһыл Үрүйэ 100 бырыһыан киин хочуолунайтан сылытыллыбыта хайҕаллаах дьыала. Бу улахан үлэ, сөптөөх, кэскиллээх дьаһаныы түмүгэ буолар.

Биһиги, олохтоох суруналыыстар, Хачыкаакка  ааҕааччыларбытын кытары көрсүстүбүт, тугу эрэйэллэрин, тугу кэрэхсииллэрин билистибит, инники үлэбитин торумнаатыбыт. Былырыын ыыппыт  күрэхпитигэр Хачыкаат нэһилиэгэ улууска хаһыаппытын саамай  элбэх сурутааччылааҕынан ааттаммытын махтана санатабыт.  Бу күн дьаһаллаах баһылык Ирина Оболкина ханна сылдыахпытын баҕарарбытынан маршрут оҥорон элбэх информацияны ылан кэллибит – икки сэлиэнньэнэн оскуолаҕа, култуура тэрилтэлэригэр, Дьиэ кэргэн сылынан элбэх оҕолоох ыалларга сырыттыбыт, ону  сэргэ бэтэрээннэри, дьоһун дьарыктаах дьону кытары көрүстүбүт уонна, биллэн турар, бородууксуйаны оҥорон таһаарар сүрүн үлэ кэлэктииптэригэр ыалдьыттаатыбыт. Көрсүһүүлэртэн сыыйа суруйуулары таһааран иһиэхпит.

Тыа сиригэр,  ханна да курдук, Хачыкаакка даҕаны  кыһалҕа элбэх. Киһи барыта баҕатын хоту улахан хамнастаах үлэнэн хааччыллыыта кыалла илик. Сытан эмтэнэр балыыһа баара буоллар, дьоҥҥо табыгастаах буолуо этэ дииллэр. Гаас киирдэр эбии үлэ миэстэтэ тахсыа, тус дьыаланан дьарыктанар дьон производствоны кэҥэтиниэ этилэр диэн буолла. Ол эрээри бэйэ дьыалалаахтар билигин да бааллар, талааннаах, дьаныардаах уус  киһи элбэх.  Үчүгэйэ диэн бу нэһилиэк икки оскуолатыгар учуутал толору баар, олорор усулуобуйалара тэриллэн турар. Олох салҕанар.

Людмила Аммосова.