Улуус Мунньаҕын үһүс сессията буолла

Манна аҕыс боппуруос көрүлүннэ. Бастакыга Ринат Динарович Жангиров РС сэттис ыҥырыытын дьокутаатынан буолбутун бигэргэттилэр. Иккискэ – оройуон 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн бырайыагын чуолкайдааһынын быһаардылар. Бэйэ дохуота 22222.85 тыһ. солк. иһитиннэрдилэр, ол иһигэр физическэй сирэйдэртэн 20413.88 тыһ. солк. Сир учаастактарын түүлэһитинэндохуот 1808,96 тыһ. солк. улаатта. Бүддьүөт ороскуоттаах чааһа 22222,9 тыһ. солк. элбээтэ, ол эбэтэр 4945052,7 тыһ. тэҥнэстэ. 

Ороскуот чааһа улаатара атын хайысхаларга бастакынан ирдэнэр социальнай суолталаах сыалга туттулларга туһаайыллар. Муниципальнай тус сыаллаах программаларга 42310,5 тыһ. солк. улаатар, ол оннугар программаларга киирбэтэхтэртэн 20087,7 тыһ. солк. көҕүрүүрэ күүтүллэр. Үһүс боппуруоска дьокутааттар СӨ олохтоох бэйэни салайыы уорганнарын үлэһиттэрин хамнастыыр бэрээдэги бигэргэттилэр.

Икки оскуолаҕа учууталлар ааттарын иҥэриини биһирээтилэр. Ол курдук, Покровскай 2 №-дээх орто оскуо-латын кэлэктиибэ үөрэх кыһатыгар ССРС үөрэҕириитин туйгуна, «Бочуот знага» уордьан кавалера, СӨ үтүөлээх учуутала, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Зоя Ивановна Ксенофонтова аатын иҥэрэргэ суруктарын өйөөтүлэр. «Тумул нэһилиэгэ» МТ мэктиэтинэн Тумул оскуо-латын кэлэктиибин мунньаҕын, сельскэй сход быһаарыыларын боротокуолун биэрбит мэктиэлээһиннэринэн Орто Кытыл оскуолатын бастакы учууталын Родион Алексеевич Христофоров аатын иҥэрэри дьокутааттар өйөөтүлэр.

Маны сэргэ сессияҕа доруобуйа харыстабылыгар саҥа хамыыһыйа салайааччытынан Артур Павлович Протодьяконовы, солбуйааччытынан Ирина Александровна Кобзеваны куоластаан таллылар.

Дарья ПОЛИКАРПОВА.

Хаартыска интернет ситимиттэн.