Үөдэйдэр эрэллээх тыыл буолаллар

Бары бииргэ

Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн үгүс киһи дойдубутун көмүскүү барбыта. Улууспут биир уһук сытар, 400-чэкэ эрэ киһи нэһилиэнньэлээх дьоҕус 4-с Малдьаҕар нэһилиэгэ да ойдон хаалбатаҕа – 2022 сыл күһүнүгэр биир олохтоох уонна Үөдэйтэн төрдүлээх-уустаах сэттэ уол быстах хомуурга ыҥырыллыбыттара. Хомойуох иһин олортон Сергей Емельянов быйыл сайын геройдуу олоҕун толук уурда…

Нэһилиэк дьаһалтата, олохтоохторо, дойду бүттүүнүгэр да курдук, байыастарга араас таһымнаах көмөнү тиһигин быспакка оҥороллор. Биир бастакынан дьахталлар Сэбиэттэрин көҕүлээһининэн үөдэйдэр 2022 сыл сааһыгар байыастарга анаан таҥас-сап, тус туттар тэрил хомуйан ыыппыттара. Онтон күһүн быстах хомуурга ыҥырыллыбыт уолаттарга нэһилиэнньэ бүттүүнэ ким төһө кыалларынан харчынан кыттыһан, уопсайа 60 тыһыынча солкуобайы хомуйан, биир дойдулаах уолаттарын тус суоттарыгар ыыппыттара. Онтон саҕаламмыта амарах санаалаах дьон дойду көмүскэлигэр барбыт уолаттарга ситимнээх көмөлөрө. Бу туһунан «Кулуһун» дьахталлар Сэбиэттэрин салайар Галина Скрябина кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм.

Нэһилиэкпит дьахталлара бары ийэлэрбит-эбээлэрбит, онон дойдуга бүрүүкээбит балаһыанньаны өйдөөн, байыастарга өйөбүл-тирэх буолар санааттан тугунан эмэ да көмөлөһөргө соруммуппут. Өйдүүргүт буолуо, аан бастаан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аптечка тигиитигэр хамсааһын саҕаламмытын. Онуоха биһиги эмиэ тутатына кыттыспыппыт — ким баҕалаах үлэ кэннэ кулууппутугар мустан, дьиэбититтэн иистэнэр массыыналарбытын соһон аҕаламмыт иистэммиппит. Барыта 44 аптечканы бөҕө-таҕа гына тигэн эминэн-томунан толорон ыыппыппыт. Онтон аны саа уоһугар чехол тигиитэ буолбутугар  456 устууканы тигэн турабыт. Үөдэйгэ аһымал-кэнсиэр тэрийбиппит, онно уопсайа 68 биир дойдулаахтарбыт кыттыбыттара, 15 800 солкуобай харчынан көмө киирбитэ. Уопсайынан, хас ыытар аахсыйаларбытыгар, тэрээһиннэрбитигэр тэрилтэлэр, биэнсийэҕэ олорооччулар бары олус көхтөөхтүк кытталлар. Холобура, оскуола оҕолоро «Новогодняя открытка» диэн аахсыйа чэрчитинэн 29 аккырыыкканы бэйэлэрэ оҥорон саллааттарга ыыппыттара. «Тепло наших рук» аахсыйа биллэрэн байыастарбытыгар анаан наскы баайбыппыт. Былырыын баһылыкпыт Николай Осипов байыаннай дьайыылар ыытыллар сирдэригэр командировкаҕа барарыгар эмиэ нэһилиэнньэ бүттүүнүн көмөтүнэн 111 тыһ. солкуобай харчы хомуйан Үөдэйтэн төрдүлээх биир дойдулаахтарбытыгар аадырыстаах баһыылкалары бэлэмнээн ыыппыппыт. Онно илиибит сылааһын иҥэрэн сылгы сиэлиттэн угунньуктары тигэн, үрүҥ көмүс харысхал атыылаһан, араас наадалаах эмп-том (хирургическай инньэтигэр тиийэ) укпуппут. Бары уолаттарбыт баһыылкаларын тутан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Бу сэтинньи 2 күнүгэр, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн чэрчитинэн, иккис аһымал-кэнсиэрпитин тэрийдибит. Манна уопсайа 31300 солкуобай үп киирдэ. Бу курдук, «норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” дииллэринии биир санаанан анал байыаннай дьайыы толоонугар сылдьар ыччаттарбытыгар эрэллээх тыыл буолабыт, — диэн Галина Петровна кэпсээтэ.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар 4-с Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Николай Осипов улуус дэлэгээссийэтин састаабыгар киирсэн байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр командировкаҕа сылдьыбыта. Онно улуустан уопсайа 2 туонна гуманитарнай көмөнү илдьибиттэрэ. Бу күннэргэ Николай Николаевич Дьокуускайга баар «Боевые шелкопряды» волонтердар ыстааптарыгар тиийэ сылдьан харысхал сиэккэни баайыыга маастар-кылааска сылдьан кэлбит.

Галина Петровна кэпсээбитин курдук нэһилиэкпитигэр бэйэбит көмө пуондалаахпыт. Харчы хомуйуутун биир көхтөөх общественникпыт, урбаанньыт Сардаана Филиппова тэрийэр. Күн бүгүн 60-тан тахса тыһыынча үп киирбитинэн харысхал сиэккэҕэ наадалаах матырыйаал атыыластыбыт. Онон «Вечерка» Култуура киинигэр общественниктарбытын түмэммит харысхал сиэккэлэри баайан саҕалаатыбыт. Сиэккэни өрөр анал арааманы олохтоох эр дьон Винокур Асекритов, Евгений Лугинов оҥорон биэрдилэр, Култуура киинин дириэктэрэ Евдокия Асекритова испэсэлиистэринээн сиэккэ өрүүтүгэр үөрэннилэр, онон ким көмөлөһөр баҕалаах кэлбиккэ ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрэллэр. Сэтинньи бүтүүтэ улуус дьаһалтатын дэлэгээссийэтэ командировкаҕа барарынан төһө кыалларбытынан сиэккэлэрбитин өрөн бүтэрэн ыытыахпыт. Бу курдук технологиянан аны нашлемник баайыыга оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыһыахтара.

Күн бүгүн байыаннай дьайыыга биир дойдулаах түөрт уолбут сылдьар. Кинилэр төһө да үлэлиир, олорор сирдэрэ атын буоллар, төрөппүттэрэ Үөдэйгэ олороллор. Онон кинилэргэ төһө кыалларынан көмө-өйөбүл буолабыт. Ол курдук, бырааһынньыктарга бородуукта тарҕатабыт, олохтоох тэрилтэлэр үлэһиттэрин күүстэринэн мас-муус тиэйэн биэрэбит. Тыа сиригэр тиэргэн иһинээҕи түбүк элбэх, онно барытыгар илии-атах буола сатыыбыт.

Үөдэй олохтоохторо байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан быһа холоон 300 тыһ. солкуобай харчынан көмө оҥордубут. Ону таһынан хас кыбаартал аайы улуус уопсай пуондатыгар тэрилтэлэрбит үлэһиттэрэ биир күннээҕи хамнастарын ыыта олороллор. Үөдэйдэр урут уруккуттан барыга-бары көхтөөхтөр, уопсай дьыалаттан хаһан да туора турбаттар, куруук биир киһи курдук бары ыҥырыыны ылыналлар, ис сүрэхтэриттэн көмөҕө бэлэмнэр. Онон нэһилиэгим дьонугар маннык уопсай дьыалаҕа кыттыһалларын иһин дьаһалта аатыттан махталым улахан, — диэн баһылык Николай Осипов нэһилиэк иһигэр көмөнү билиһиннэрдэ.

Ольга Гермогенова.