На конкурс творческих работ “Семья – основа общества” (номинация “Сельская семья”)
Мин кэпсиир ыалым Раиса уонна Иван Кириллиннэр 1 Дьөппөҥҥө эйэ-дэмнээхтик олорбуттара 44 сыл буолла. Раиса Васильевна РФ үлэ бэтэрээнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, “Хаҥалас улууһа сайдыытын иһин” бэлиэлээх. Дьон-сэргэ итэҕэлин ылан, олохтоох Сэбиэт депутатынан иккиһин талылллан үлэлии сылдьар. Иван Дмитриевич СӨ үлэ бэтэрээнэ.
Орто Сайылык диэн түөлбэҕэ олохсуйан олорбут дьиэлэрэ уурбут-туппут курдук тупсаҕай тутуулаах, оҥоһуулаах. Кэлин арыый кыра кыһыҥҥы дьиэ туттубуттар. Тиэргэн иһин араас үүнээйи, сибэкки эгэлгэ оҥоһуулаах иһиттэргэ киэргэтэллэр. Оҕуруот өлгөмнүк үүнэ турар.
Иван Дмитриевич аҕата Дмитрий Иванович Кириллин РСФСР уонна Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала,Аҕа дойду уонна Япония сэриитин кыттыылааҕа. Ийэтэ Борисова Прасковья Ивановна үксүн биэс оҕотун көрөн-харайан олорбут.
-Раиса Васильевна, бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.
—Мин төрөөбүт дойдум Кыһыл Үрүйэ — Булууһунан аатырар кыра дэриэбинэ. Бары барыта өлгөмнүк үүнэр сирдээх, өрүс бу турар буолан, сөтүөлээн биэрэр этибит.
Ийэм Мария Ивановна Игнатьева, үйэтин тухары ыанньыксыттаабыта. Урут күҥҥэ үстэ ынахтарын ыыллара. Оҕо эрдэхпиттэн ийэбэр үлэтигэр көмөлөһө улааппытым. Аҕам Василий Иванович пенсияҕа тахсыаҕар дылы сельпоҕа маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлээбитэ. Иккиэн саастарын ситэн, ийэм 86-гар, аҕам 80-гар дылы олорбуттара.
Иван Дмитриевич Кириллинныын 1980 сыллааха ыал буолбупппут. 3 уоллаахпыт, 6 сиэннээхпит. Оҕолорбут бары үлэһиттэр, туспа дьиэ-уот тэринэн олороллор. Улахануолбут Станислав Жатайга олорор, “Сибойл” нефтебаза үлэһитэ. Кэргэнэ Владлена Ньурба Маарыттан төрүттээх, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр остолобуойга кассирынан үлэлиир. Орто уол Святослав Намҥа олорор, кэргэнинээн иккиэн быраастар, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуннара. Кийииппит Ольга МэҥэХаҥалас Хаптаҕайыттан төрүттээх. Кыра уолбут Димабэйэбитин кытта 1—Дьөппөҥҥө баар. Кэргэнэ Мария Мэҥэ Хаҥалас Майатыттан төрүттээх. Уолбут тыраахтырдаах, таһаҕас таһар массыыналаах буолан араас үлэҕэ сылдьар. Билигин бу Дьөппөҥҥө саҥа дьиэ тутта сылдьар.
Мин 1976 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран манна үлэлии кэлбитим. Онтон ылата наар оҕуруокка үлэлээбитим. Бастаан иккиэн “Октябрь 50 сыла” совхозка үлэлээбипппит. Ол кэнниттэн совхоз уларыта тутуллан КП “1 Дьөппөн” диэн буолбута. 10 сыл хаппыыстаны үүннэриигэ биригэдьиирдээбитим. Кэлин бары-барыта ыһыллан, уларыйан, орто оскуолаҕа киирэн 10 сыл хаһаайыстыбаннай чааска директоры солбуйбутум. Ол кэнниттэн бэйэм талан ылбыт идэбинэн дьарыгыраары кыра уолбунаан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, хаппыыста ыһыытынан дьарыктаммыппыт.
Кэргэним Иван Дмитриевич Дьөппөнтөн төрүттээх, Өлүөхүмэтээҕи техникумун бүтэрэн үйэтин тухары механиктаабыта. Оҕуруокка өр сылларга үлэлээбитэ.
Билигин сааспыт да ыраатан иккиэн сынньалаҥҥа олоробут. Өр сылларга сүөһү туппуппут, былырыыҥҥаттан тохтоппуппут. Билигин куурусса иитэбит, сибиинньэ да тутааччыбыт.
-Уолаттаргытын хайдах ииппиккитий? Уол оҕону иитиигэ санааларгыт.
— Урут биһиги күнү быһа үлэҕэ буолан оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн дьиэлэригэр бэйэлэрэ олорон, барыга-бары сыстаҕас буоларга дьаһана үөрэммиттэрэ. Сүөһүлээх-астаах буоламмыт, уолаттарбыт куруук тэҥҥэ оттуур, мастыыр этилэр. Аралдьыйаллара диэн кинигэ ааҕаллар этэ. Уол оҕоҕо аҕалара биир үксүн холобур буолар. Аҕаларын батыһа сылдьаннар, араас үлэлэҕэ эрчилиннэхтэрэ. Оттон уонна эһээлэрбит, эбээлэрбит оҕо иитиитигэр-такайыытыгар көмөлөрө, өҥөлөрө элбэх буоллаҕа.
Уолаттардаах эдэр ыаллар, оҕону үлэҕэ сыһыарыахха, үөрэтиэххэ наада. Үлэ буоллаҕа дии саамай оҕону иитэр күүстээх, суолталаах.
Улахан сиэммит Артур 18 сааһын туолла. Түөрт сайын тухары куорат оҕото манна, Дьөппөҥҥө, үүт собуотугар үлэлээбитэ. Аны быйыл 14 саастаах иккис сиэммит Мичил Намтан кэлэн онно үлэлии сылдьар. Кэлэктиибин олус сөбүлүүр. Сиэммит сарсыарда 6 чааска бэйэтэ туран барар. Итинник үлэ оҕону эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр. Мичил билигин бырааттарыгар, балтыларыгар холобур буолар киһи.
Оҕону үлэлээтэҕинэ хайҕыахха наада. Кыралары киһиргэтэн биэрдэххэ, өссө үчүгэйдик үлэлииллэр. Билигин сорох эдэр төрөппүттэр сайын оҕону босхо ыытан кэбиһэллэр. Оннук сыыһа диибин. Оҕону бэрээдэккэ үөрэтиэххэ наада, эрдэ бириэмэтигэр сытыаран, туруоран. Түүнү быһа төлөпүөнү биэрэн кэбиһэр сыыһа. Мин сиэннэрим төлөпүөннэрин утуйалларыгар ылан тэйиччи ууран кэбиһэбин.
-Дьиэ кэргэҥҥит туох үтүө үгэстэрдээҕий?
-Биһиги үлэни өрө туппут дьоммут. Уруккутугар өссө хотонноох эрдэхтэн сарсыарда 5 чаастан турабыт. Тыаҕа үлэ бүппэт. Мин оҕуруотунан дьарыктанабын. Саас буолла даҕаны кулун тутартан үлэм саҕаланар. Муус устарга рассада олордон саҕалыыбын. Хаппыыста, оҕурсу рассадатын олохтоохторго атыылыыбын. Ону таһынан рассадабын Хачыкааттан, Кыһыл Үрүйэттэн, Хоточчуттан, Күөрдэмтэн хамаҕатык кэлэн ыланнар, түргэнник бүтэн хаалар. Рассадам үчүгэйдик үүнэн, өлгөм ас биэрэн, дьон махтала баһаам. Мин онтон үөрэбин эрэ.
Кэргэним иллэҥсийдэ даҕаны, техниканы хасыһар. Иккиэн кинигэ, хаһыат ааҕабыт. Хаһыат арааһын урут-уруккуттан суруйтарабыт. Иван Дмитриевич ыал буолуохпутуттан күн аайы күнү-дьылы бэлиэтээн суруйан иһэр. Ол интэриэс аҕатыттан киниэхэ бэриллибит дии саныыбын. Эһэбит эмиэ наар кичэллээхтик уһун сыллар тухары оннук бэлиэтээһиннэри оҥорор этэ. Ону таһынан кэргэним дьиэбитигэр туох хаһан буолбутун барытын суруйан тиһэн иһэр. Ону эһиилигэр тэҥнээн көрөбүт, ырытабыт.
-Эһиги араас кэмнэргэ үлэлээн кэллэххит. Ол туох уратылардааҕый?
— Биһиги, сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт, үлэлээбит дьон, урукку кэмҥэ киһи барыта үлэлээх, дьарыктаах этэ диибит. Үлэҕэ олус эппиэтинэстээх буоларга үөрэммиппит. Сарсыарда 8-тан киэһэ 6 чааска дылы оҕуруокка биир күн өрөөбөккө үлэлиирбит. Үлэбит сезоннай буолан, кыһыныгар 30 күн уоппускаҕа олорон баран, хотоҥҥо үлэлии тахсарбыт. Бороон да көрөр, ыанньыксыттыыр да этибит.
Билиҥҥи кэм мөкү өрүтэ — дьон наһаа көҥүл барда. Үлэ суох диэччи олус элбэх, аныгы дьон аһара бэлэмҥэ үөрэннилэр. Барыта харчы интэриэһэ буолла, кыра харчыны сыаналаабаттар. Урукку дьоҥҥо суобас диэн улахан оруолу оонньуура.
Билигин урукку курдук хааччах суох, баҕалаах эрэ буолларгын бэйэҥ дьыала тэринэн үлэлээ, баһаалыста. Ол эмиэ үчүгэй.
-Ыал буолан өр олоруу кистэлэҥэ тугуй? Эдэрдэргэ сүбэҕит.
— Эдэрдэргэ бэйэ-бэйэҕитин өйдөһүҥ, ситэрсэн биэриҥ, убаастаһыҥ, көмөлөсүһүҥ диэн сүбэлиэ этибит.
-Инники соруккут.
—Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр көмө, тирэх буолуу. Сыл аайы дьарыкпытын кыайарбыт тухары бырахпакка тута сылдьыахпыт.
Дьэ, итинник Тиит Эбэ биир тутаах ыала Кириллиннэр өссө биир сайыннара оҕолордуун, сиэннэрдиин туһалаахтык, үлэ-хамнас, күннээҕи дьиэ түбүгэр ааһан эрэр. Баҕарыам этэ бу иллээх улахан дьиэ кэргэҥҥэ чэгиэн туругу, үлэҕэ-үөрэххэ үтүмэн ситиһиилэри, нус-хас байылыат олоҕу.
Сардаана Кириллина, Покровскай к.