М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ Дьокуускай куорат биир бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатыгар сылдьан кэлбиттэрин туһунан санааларын үллэстэллэр.
Амалия Трофимова: “Биһиги Дьокуускай куоракка М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ФТИ, ИМИ, ИТИ, ИЕН үөрэх кыһаларыгар профориентационнай айаҥҥа сылдьан кэллибит. Хас биирдии институкка ханнык идэлэрбаалларын, ханнык идэлээх үлэһит буолан тахсыахха сөбүн туһунан сиһилии кэпсээтилэр”.
Артем Тимофеев: “Мин ордук ФТИ преподавателлэрэкэпсииллэрин сөбүлээтим. Кинилэр араас уопут, механизм оҥороллорун көрдөрбүттэрэ үчүгэй. Физика сокуоннарынбиллэххинэ, тугу баҕарар оҥоруоххун сөп дииллэр. БэйэмФТИ-га туттарсан көрүөм этэ”.
Валериан Лукин: “ФТИ-га күндү тааһы кырыылыырньыманы көрдөрбүттэрин сэҥээрдим. Араас киэргэлиоҥороллор эбит. Дизайнын эҥин айаллар. Ол гынан баран, ити үөрэххэ киирэргэ үчүгэйдик уруһуйдуохха наада эбит. Техническэй үөрэххэ туттарсарым буолуо”.
Илья Иванов: “ФТИ-ны уонна музейы интэриэһиргээтим. Музейга экскурсовод ханнык кыыллар сүтэн эрэллэринкэпсээбитин сонургуу иһитттим”.
Дархан Тихонов: “ИТИ-гэ бетон оҥороллорун көрдөрдүлэр, дьиэ каркаһын бэрэбиэркэлииллэр эбит. Мин ордук ититутуу өттүн интэриэһиргээтим”.
Кирилл Павлов: “Мин ФТИ-га эбэтэр онно сыһыаннаах үөрэххэ туттарсыахпын баҕарабын. Бары кылааһынан “Rostics” аһаан, урут бииргэ үөрэммит кылааспыт оҕолорун көрсөн күммүтүн сэргэхтик атаардыбыт”.
Женя Черемкин: “Мин ИТИ-ны кэпсииллэрин сөбүлээн иһиттим. Маннык сылдьар үчүгэй эбит. Өссө атынүөрэхтэри көрүөххэ сөп”.
Стас Громов: “Мин ИМИ-ны интэриэһиргээтим. Ханныкэкзаменнары туттарсан киирэрбитин, төһө баллаахбуоллаххына үөрэххэ киириэххэ сөбүн биллим. КФЕН-ҥа бастакыбын сырыттым”.
Вероника Федорова: “Мин туттарсар үөрэҕим бу сырыыгасуох этэ. Ол эрээри КФЕН-ҥа сылдьан, ФТИ-га МРТ аппаратын туһунан кэпсээбиттэрин интэриэһиргээбитим уонна чуучулалары хайдах оҥороллорун. Бэйэммедицинскэй үөрэххэ туттарсар баҕалаахпын”.
Милена Апросимова: “Устудьуон олоҕо хайдаҕын, устудьуоннар хайдах үөрэнэ сылдьалларын бары бииргэсылдьан көрбүппүт интэриэһинэй. Биһиги биир умнуллубаткүнү тэҥҥэ атаардыбыт”.
Туяра Осипова: “Дьокуускай куоракка кылааһынан барархаһан баҕарар интэриэһинэй. Кылааспыт салайааччытаРозалия Федоровна уонна психолог Екатерина Анатольевна илдьэ сырыттылар. Бу айаммыт биһиэхэ олус туһалаах буолла”.
М.Е.Васильева аатынан 2-c Малдьаҕар орто оскуолатын Медиакиинэ.