Хаҥаласка хоһоонунан тыынар дьоһун да дьон, сэрии кэмин ааһан, үлэни өрө тутан, эйэлээх олоҕу түстээн олорон ааспыттара. Олортон биирдэстэрин өр сылларга мас үлэтигэр эриллибит «Бочуот Знага» уордьаннаах, хас да төгүл «Пятилетка кыайыылааҕа» бэлиэнэн наҕараадаламмыт 40-тан тахса сыл Хаҥаласка олорбут Афанасий Николаевич Тарасовы ахтан ааһыым.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр оройуонум дьоно кыттыытын туһунан элбэх кинигэ бу сыллар тухары мунньулунна, дөрүн-дөрүн наадыйар матырыйаалларбын ирдээн бэрийэн ааһааччыбын. Кыайыы күнүн көрсө «Кыайыы туһугар» диэн Бэрдьигэстээххэ 2005 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт Афанасий Тарасов кинигэтин булан ыллым. Дьэ, бу сэрии сылларын оҕото биһиги редакциябытын кытары сибээстэһэр буолара, хоһооннорун ыытара, олоххо көхтөөх, туруу үлэһит киһи этэ.
Кинигэҕэ Горнай оройуонун «Үлэ күүһэ» хаһыат редактора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Алексеев «Буораах сыта арахпат» диэн киирии тыла бэчээттэммит. Онно кини биир дойдулааҕын Афанасий Тарасовы истиҥник ахтан аһарар, Солоҕоон Силээнниттэн төрүттээҕин, оҕо сылдьан тулаайах хаалбытын, ситэ үөрэммэтэҕин, 11 саастааҕар аҕатын уҥуоҕун соҕотоҕун эргийбитин, уон биирдээҕэр 50 суотайы охсон күрэххэ кыттарын, 14-15 сааһыгар 60-70 суотайы охсор этин, кэлин звенону салайа сылдьыбытын, хотуу үлэһит буолбутун (Урут биһиги улуус горнайдары кытары биир Арҕаа Хаҥалас этибит). Афанасий Тарасов бэртээхэй мас ууһа этин ахтыбыт. Биирдэ күрэххэ тоҕус маһы чуумпурдуу суоран, атыттары барытын кэннигэр хаалларбытын, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан улахан кулуубу, оскуоланы Солоҕооҥҥо тутуспутун. Чахчы илиитигэр сэниэлээх киһинэн ааҕылларын, Чолбону-Күүстээх Лэгиэнтэйи кытта күрэстэспиттээҕин, 200 киилэ ыйааһыннаах кыраһыыннаах буочуканы оҥкучахтан үөһээ таһаарбыттааҕын, Покровскайга олорон төрөөбүт түөлбэтин олус ахтарын.
Ахтар да этэ, Силээннээҕин, бу үлэһит, көрсүө-сэмэй киһи. Хаҥаласка дьоһун олоҕу олорон ааспыта. Мин бииргэ үөрэммит кыыһым Елизавета Мальцева ийэтин, эргиэҥҥэ үлэлиир Марфа Мироновнаны кэргэн ылан, үлэтиттэн биир бастакынан үтүө үлэтинэн таас дьиэлэнэн дьоллоохтук олорбутун… Олус истиҥник саныыбын. Билигин үс ииппит кыыһыттан, төрөппүт уолуттан ыччаттар бааллар.
Бүгүн туруу үлэһит Афанасий Тарасов «Кыайыы туһугар» диэн кинигэтиттэн икки хоһоону бэчээттиибит. Дьиҥинэн, кини сэрии аас-туор сылларыгар биир дойдулаахтарыгар анаабыт «хоһоонунан кэпсээннэрим» диэн сэмэйдик ааттыыр айымньылара манна, ону сэргэ «Санаам ситимэ», «Киһини үлэ эрэ Киһи оҥорор» диэн, мин билэр кинигэлэрбэр элбэх. Билсиҥ, сэрии сылларын оҕотун тэттик хоһооннорун.
Буораах сыта
Буор муосталаах.
Балаҕан дьиэни
Ахта саныыгын,
Түүлгэр көрөҕүн.
Көмүлүөк оһох
Үөрэ умайара
Сырдыга, сылааһа
Харахпар элэҥниир.
Сэрии кэмигэр
Баар оҕолортон
Буораах сыта
Арахпат эбит.
Харах уутун
Хабархай амтана
Аныгы кэмҥэ
Ааһан биэрбэт.
Уоттаах сэриигэ
Уолун атаарбыт
Ийэлэр ытаһаллара,
Кулгаахпар иһиллэр…
Оҕону, кырдьаҕаһы
Байыаннай бирикээс
Кытаанахтык дьаһайара
Сүрэххэ хатаммыт.
Итинник иэдээннэр
Аны буолбаталлар,
Уотунан оонньооһун
Олоҕу аймаабатар.
Сураҕа суох сүппүт убайдарбар
Уоран түспүт
Улуу ньиэмэс
Уоттаах сэриитигэр
Убайдарбыт умсубуттара,
Сураҕа суох сүппүттэрэ,
Күл буолан көппүттэрэ…
Ийэлэрбит барахсаттар
Икки хараҥаны ыпсаран
Хотуулаахтык үлэлээбиттэрэ,
Харахтарын уутунан сууммуттара,
Күүстэрин-кыахтарын
Кыайыы туһугар биэрбиттэрэ.
Ол уодаһыннаах сэриини
Оччотооҕу кыра оҕолор,
Олох умнан быстыбаппыт…
Ол харах уулаах кэмнэри,
Хоргуйуу муҥа-соро
Хоонньоһон утуйарын.
Оннук дьулаан көстүүлэр
Орто туруу дойдубутугар
Олохпутун айгыраппатар,
Оҕолорбут, ийэлэрбит
Харахтарын көмүс уута
Халыйа сүүрбэтэр…
Людмила Мордовская.