— Манна олус элбэх археологическай суолталаах былыргы төрүттэрбит олоро сылдьыбыт сирдэрэ баар, ситэ үөрэтиллэ иликтэр, — кэпсиир чулуу учуутал, Михаил Николаев стипендиятын биир бастакынан туппут Прокопий Ноговицын.
— Куллаты, Эбэ Быраан, Уһун Быраан ытык сирдэргэ киириэхтээхтэр, тыытыллыа суохтаахтар. Аны өссө манна аан дойдуга ханна да суох, отой сүтэн эрэр үүнээйилэр үүнэллэр, хамныыр-харамай баар. Бу барыта тутуу баран, туристическай эбийиэктэр кимэн киириилэрин түмүгэр суох буолар кутталлаах. Аҥардас ити Куллаты муостата алдьархайы оҥорон эрэр, эгэ дьиэ-уот тутулуннаҕына бу дойду имири эстэр, ону кытары от-мас, сибэкки, үөн-көйүүр… Куллаты харыстанар сирдэрин итинэн сибээстээн кэҥэтиэххэ наада. Докумуоннар учуонайдарбытынан оҥоһуллан тураллар, ыксыаххайыҥ! — диэн туруорсар кыраайы үөрэтээччи.
Дьэ манна олохтоох былаас дьаһайсыан наада, сири мээнэ босхо гектарга биэрэн айбардаппат гына. Саҥа талыллыбыт Улууспут мунньаҕын дьокутааттара болҕомтоҕо ылан көмүскэнии эрэйиллэр. Ытык Хаҥалас тэпсилгэҥҥэ барыа суохтаах.
Людмила АММОСОВА.