Быйыл Хаҥалас улууһун Төхтүр нэһилиэгэр бастакы кылааска 8 кырачаан оскуола боруогун атыллаата. Манна уопсайа 124 оҕо үөрэнэр. Үөрэх дьылын улахан өрөмүөн кэнниттэн саҥардыллыбыт оскуола оҕолору үөрэ көрүстэ.

Бу оскуола таас дьиэтэ 2004 сыллаахха тутуллубута. Манна 15 үөрэнэр кабинеттардаах, остолобуой, спорт саалата, мастарыскыай, компьтернай кылаас, бибилэтиэкэ баар, дьиэ толору хааччыллыылаах. Ол да буоллар бу сыллар тухары оскуола саҥардыллар кэмэ кэлэн, быйыл улахан өрөмүөн үлэтэ ыытылынна.

— Муус устартан саҕалаан » АркСтрой» ХЭУо бэдэрээтчит быһыытынан хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытан үөрэх дьылын көрсө оскуолабытын бэлэмнээтэ. Ол курдук, оскуола дьиэтин хоруобуйатын уларыттылар, истиэнэтин эпсиэйдээтилэр, ааннарын, түннүктэрин, муоста билиитэлэрин барытын уларыттылар. Маны таһынан канализация, ититии уонна уот ситимин саҥартылар. Өрөмүөнҥэ уопсайа 21 мөл. 900 тыыһынча солкуобай көрүллүбүтэ. Онтон эбии саҥа миэбэл, мал-сал, араас тэрил ыларга өссө 4 мөл. 300 тыыһынча солкуобай барда. Оҕолор ып-ыраас, саҥа миэбэллээх дьиэҕэ кэлэн күө-дьаа буолан, үөрүүнү кытта чуорааннарын чугдаартылар.

Күндү мааны оҕолорбун, ытыктыыр, өрүү өйөбүл буолар төрөппүттэрбин самаан сайыммыт ааһан, балаҕан ыйа тиийэн кэлбитинэн, билии аартыгын аана тэлэччи аһыллар күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Саҥа үүммүт үөрэх дьыла өссө да саҥа үктэллэргэ, ситиһиилэргэ кынаттаатын диэн сахалыы сайаҕас алгыспын ыытабын! — диэн А.Д. Широких аат. Төхтүр орто оскуолатын дириэктэрэ Георгий Игнатьев эҕэрдэтин ыытар.

Татьяна Владимирова