И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх оскуола интэринээтин иитиллээччилэрэ, иитээччилэрэ уонна үлэһиттэрэ айылҕаҕа күүлэйдии, сынньана тахса сырыттыбыт. Күүлэйдээбит сирбит — Покровскай куорат паарката.

Бу маннык айылҕаҕа тэрээһин быйылгы үөрэх дьылыгар араас нэһилиэктэртэн, улуустартан кэлбит оҕолор бииргэ алтыһан, оонньоон билсиһэллэригэр, ыраас салгынынан тыыналларыгар, сынньаналларыгар, хамсаналларыгар ананна.

 

Пааркаҕа тиийээт, бары күһүҥҥү кэрэ көстүүлээх айылҕабытыгар хаартыскаҕа түстүбүт, элбэх оонньууну астына оонньоотубут. Бу күн олус туһалаахтык уонна үөрүүлээхтик ааста. Мин эмиэ бу күнтэн олуһун астынным, үөрдүм-көттүм.
Бу кэннэ мин маннык санааҕа кэллим. Киһи хайа да дьыл кэмигэр ыраас салгынынан тыыныахтаах. Ол киһи доруобуйатыгар олус туһалаах дии саныыбын. Онон күһүҥҥү сылаас күннэри баттаһа айылҕалыын алтыһыҥ, сибиэһэй салгынынан тыыныҥ.

Аман Еремеев, И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх оскуолатын 8 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, суруналыыһа.