Покровскайга Михаил Николаев туруорсуутунан тутуллубут «Биһик» ийэ-оҕо киинэ 25 сылын туолла. Бу тухары төһөлөөх ыал быычыкайкаан оҕотун илиитигэр ылар дьолун билбитин статистика тиһэн эрдэҕэ.
— 1998 сылга саҥа дьиэ үлэҕэ киирэн кыһыл лиэнтэни быс-пыппыт, — кэпсиир оччолорго саҥа сэбиэдиссэйинэн анаммыт, билигин СӨ үтүөлээх бырааһа гинеколог Матрена Шестакова. — Олус да куһаҕан усулуобуйаҕа бу иннинэ үлэлээн сылдьыбыппыт. Оччолорго сылга 800-чэкэ дьахтар оҕолоноро. Кыһалҕаттан кыракый роддоммутуттан лаборатория эргэ дьиэтигэр кытары көһөн үлэлээбиппит. Киин балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Трофимов бу боппуруоһунан ылсан туран дьарыктаммыта. Михаил Ефимовичпыт ону бэйэтинэн өйөөн бу саҥа дьиэбитин үс сыл иһигэр туттаран, бары оборудованиенан, тэриллэринэн хааччыйан улаханнык көмөлөспүтүгэр күн бүгүҥҥэ диэри махтанабыт.
Мин бастаан оройуоҥҥа үлэлии кэлэрбэр Мохсоҕол-лооххо гинекология салаата баара-суоҕа биэс эрэ миэстэлээҕэ. Онно суһаллык киирбит ыарыылаахтары эмтиирбит. Оҕо, дьахтар консультациялара Орджоникидзе уулуссатыгар эргэ дьиэҕэ үлэлииллэрэ. Билиҥҥигэ киһи тэҥнии да барбат. Аны барыта үрдүттэн, биир дьиэҕэ, оттон туттар матырыйаалларбыт биирдэ туттуллан баран быраҕыллаллар, урут испириистэрбититтэн бырастыынаҕа тиийэ оргутар буоларбыт. 1985 сыллаахха аан маҥнай УЗИ аппарата кэлбитэ, кып-кыра А4 кумааҕытын саҕа экраннааҕа. Ол да үөрүү этэ. Мин тута Хабаровскайга УЗИ-га үлэлииргэ үөрэнэ барбытым. Дьахталлар ити кэмҥэ учаастактааҕы балыыһаларыгар учуокка тураллара. Ыараханнык оҕолонор түгэннэригэр кыһын буоллун, сайын буоллун суһал көмө массыынатынан, санавиациянан кэлэр буолаллара… Дьиэбит арыллыан иннинэ Покровскай тэрилтэлэрэ субуотунньуктаан көмөлөһөн хомунуу, суунуу-тарааныы бөҕө буолбуппут. Саҥа дьиэбитигэр көспүппүт умнуллубат түгэн этэ. Үлэһиттэр эбиллибиттэрэ — акушеркалар, техническэй үлэһиттэр. Сабыс саҥа оборудованиелары анал исписэлиистэр кэлэн таҥан туруорбуттара. Усулуобуйабыт тупсубута, эмтиир кыахпыт улааппыта. Араас эпэрээссийэни оҥорор кыахтаммыппыт, оҕо төрүөн иннинэ патологиятын быһаарар буолбуппут, диагноз туруоруу биллэ тупсубута, — диэн кэпсиир уопуттаах быраас.
«Биһик» диэн сүрэхтэммит дьиэҕэ аны атын улуустартан кытары оҕолоно кэлэр буолбуттара. Маннык усулуобуйа улуус аайы баар буолбатаҕа. Матрена Андреевна манна өссө саҥа төрөөбүт оҕо доруобуйатын тута көрөр неанатолог-быраас дуоһунаһа олохтоммутун, онно Татьяна Неустроева кэлэн үлэлээбитин ахтан аһарда: «Гинеколог-быраас икки киһи олоҕор эппиэтинэһи сүгэр — ийэҕэ, оҕоҕо. Биһиги 2000 сылтан ийэ оҕолоноругар кэргэнэ эбэтэр ийэтэ, чугас киһитэ, аттыгар баар буолуутун тэрийэбит.
Билигин роддом салайааччытынан быраас Анисия Ефремова, патология салаатын Сардаана Неряева салайан үлэлии сылдьаллар. Телемедицинэ киирбитэ, видеоконференц-сибээһинэн Дьокуускайдааҕы Перинатальнай киини кытары консультациялары ыыталлар, ураты патологиялаах дьахталлары куоракка утаараллар, генетиктары кытары сибээһи туталлар.
Олох биир сиргэ турбат. Билигин эдэр эмчиттэр кэлэн үлэлии сылдьаллар. Кинилэргэ Матрена Шестакова курдук уопуттаах быраастар настаабынньыктарынан буолаллар. Хас биирдиилэригэр бу Михаил Ефимовичпыт туттарбыт «Биһик» дьиэтиттэн оҕо көтөҕүүлээх дьиэтигэр тахсар эдэр дьону көрөр үөрүүлээх уонна долгутуулаах түгэн буолар.
Билигин дойду салайааччыта Владимир Путин дьаһалынан Национальнай бырайыактар көмөлөрүнэн усулуобуйа, хааччыллыытупсара үөрдэр.
Саргылана ИЛЬИНА.