Бигэ-чиккэ киһибит Иннокентий Заморщиков ытык саастанна

90 саас диэн, дьэ кырдьык эргиччи өттүнэн ытык саас буоллаҕа…

Бу болдьоххо илэ өйүнэн, бэйэ кыаҕынан тиийдэххэ, улуу дьолго тэҥнэһэрэ дуу? Күтүөппүт Хаҥалас уонна Горнай улуустарын ытык киһитэ. Маалтааныттан төрүттээх Заморщиков Иннокентий Петрович бүгүн сэтинньи 21 күнүгэр 90 сааһын томточчу туолбут. 1958 сыллаахтан күндү күтүөт буолбут ытыктыыр аймаҕым туһунан бэрт кыратык суруйан көрүүм.

Үтүө киһи үтүө буолара кыра сааһыттан биллэн барар диэн сылы кэтии баар

Кеша Заморщиков оҕо эрдэҕиттэн боччумнаах, дьоһун оҕоннон биллэрэ, холобурга сылдьар пионер, хомсомуол, үөрэх удаарынньыга этэ. Орто оскуоланы бүтэрээт пединститукка история салаатыгар үөрэнэ сылдьан доруобуйатын туругунан кэтэхтэн үөрэххэ көһөр уонна оройуон общественнай-политическай олоҕор актыыбынай кыттыыта саҕаланар. Иннокентий Заморщикову оройуон комсомолецтара 1955 с. райком бастакы сэкэритээринэн талбыттара элбэҕи этэр. Бу 22 саастаах эдэр киһини аны партия кэккэтигэр ылаллар уонна Булгунньахтаах орто оскуолатыгар дириэктэринэн аныыллар. Эдэр эрчимнээх дириэктэр, икки сылга дьон хараҕын далыгар сылдьан оскуола кэлэктиибин түмэн, үлэ бөҕөтүн үлэлииллэр. 1959 с. партия Орджоникидзевскай оройуонун пленумугар И.П. Заморщиковы сэкэритээринэн, онтон икки сылынан 1961 с. — иккис сэкэритээринэн талаллар. 26 сааһыгар Орджоникидзевскай курдук улахан оройуоҥҥа партия райкомугар сэкэритээринэн талыллыы диэн сэдэх түбэлтэҕэ киирсэрэ дуу?

Салайар үлэҕэ эриллии

Иннокентий Петрович учууталтан партия райкомун сэкэритээринэн тиийэ үүнүүтүн ол кэмнэрдээҕи партийнай актыып улаханнык өйөөбүтүн быһаарар. Н.Е. Едисеев, Г.А. Ефремов, П.И. Докторов – райком бастакы сэкэритээрдэрэ, Н.Д. Гордеев, Г.П. Багынанов, Е.А. Яковлев райисполком бэрэсэдээтэллэрэ эдэр киһини үүнүү-сайдыы суолугар киллэриигэ улахан үтүөлээх салайааччыларынан буолаллар. Иннокентий Петрович аҕа табаарыстарыгар махтала муҥура суох. 1963 с. И.П. Заморщиковы ССКП Саха сиринээҕи обкомугар үлэҕэ аныыллар, онтон икки сыл буолан баран 1965 с. партия Горнайдааҕы райкомун бастакы сэкэритээринэн талан үлэлэтэллэр.

Саҥа талыллыбыт бастакы сэкэритээр дьолугар, диэххэ дуу, 1965-1967 сыллар Горнай оройуонугар өҥ дьылларынан буолбуттара…Тыа хаһаайыстыбатынан олорор оройуоҥҥа өрө көтөҕүллүү, үөрүү тыына биллэн киирэн барбыта. Холкуостаахтар барахсаттар кыралаан даҕаны буоллар дохуот аахсар буолбуттара. 1966 сылтан Бэрдьигэстээххэ «Якутскэнерго» тэрилтэ уоту биэрэр буолуоҕуттан, үүнүү-сайдыы тэтимирбитэ.

Аны туран, бадараан-маар дойдуга Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри таас суолу оҥоруу саҕаламмыта. Оройуон салалтата бу үлэни Саха АССР сайдыытын биэс сыллаах былааныгар 1966-1970 сс. киллэрэри ситиспитэ. Сайдыы-үүнүү икки хорук тымыра – элэктэриичистибэ уонна суол тутуута Горнай улууһугар өрө көтөҕүллүүнү, улахан сайдыыны аҕалбыттарын, ама ким мэлдьэһиэй. Аны туран, Горнай оройуонугар 1965-1966 сс. тутуунан дьарыгырар анал икки улахан тэрилтэ –  «Якутсельстрой» уонна «Якутмежколхозстрой» ТМУ учаастактара тэриллэн хонноохтоохтук, далааһыннаахтык үлэлээн барбыттара.

Партия салайыытынан

Иннокентий Петрович уонна кини олоҕун аргыһа Евдокия Михайловна, үлэлээбит сылларын олус амарахтык ахталлар, дьоно-сэргэтэ дьиҥ сахалыы майгыларыгар махталларын этэллэр.

Сайдыы барар, олох тупсар, үөрэх үрдүүр. Саха обкомун уурааҕынан 1967 с. алта эппиэттээх партийнай үлэһити ССКП КК иһинэн үлэлиир Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэттэрэ ыыталларыгар И.П. Заморщиков бу чулуу дьон ортолоругар баара.

Улуу судаарыстыбаны салайар дьону үөрэтэр, үрдүкү оскуолаҕа үөрэнии диэн улуу дьолго тиксии буоллаҕа. Иннокентий Петрович бастакы үрдүк үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбитэ, Москваҕа үрдүкү партийнай оскуоланы эмиэ кыһыл дипломунан бүтэрэн, дойдутугар обкомҥа 4 сыл эппиэттээх үрдүкү үлэҕэ үлэлээбитин кэннэ, кинини профессиональнай техническэй үөрэхтээһин Саха сиринээҕи управлениетын начаалынньыгынан анаабыттара.

Ис дьиҥин ыллахха, мин санаабар, анал идэлээх үлэһиттэр дойду таһымыгар даҕаны, олус улахан, киэҥ далааһыннаах үлэни толорбут, үлэлээбит улуу үтүөлэрин ситэ сыаналыы иликпит ээ. Күн бүгүнүгэр диэри тымныыга — сылаас дьиэҕэ, куйааска – сөрүүн дьиэҕэ бүкпэтэх, саспатах дьоннор диэн кинилэр этэ дии, хара үлэни үлэлээбит туруу үлэһиттэрбит. 1973-1987 сылларга И.П. Заморщиков үлэлиир кэмнэригэр Саха АССР профтехучилище ахсаана 18-тан 32-гэ тиийэ элбээбитэ, курсант ахсаана үс төгүл эбиллибитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ анал техническэй үөрэхтээх 53 тыһ. эдэр дьон үлэлии кэлбиттэрэ.

Управление салайааччыта И.П. Заморщиков таһаа-рыылаах, сатабыллаах үлэтэ уордьанынан, мэтээлинэн бэлиэтэммитэ. Иннокентий Петрович үөрэхтээһин бу эйгэтигэр үлэлээбит 14 сылын күчүмэҕэйдэрдээх, ыарахан сылларынан ааҕар эрээри, кэлин уһугар үтүө түмүктэрдээх буолбутун астынар, биир бурҕалдьыга сылдьыбыт дьонугар махтанарын этэр.

И.П. Заморщиков үтүө аата Саха сиригэр профтехническэй үөрэхтээһин историятыгар кыһыл көмүс буукубаннан сурулларыгар саарбахтааһын суох. Профтехүөрэхтээһин салалтата Иркутскайга баар эрдэҕинэ, сэрии кэннинээҕи ыарахан сылларга бу эйгэҕэ улаханнык үлэлэспит салайааччынан фронтовик-офицер, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин түөрт төгүллээх дьокутаата, саха саарына, киһи кылааннааҕа, ааттыын даҕаны Абытай киһи Брызгалов Р.И. – Абытай Арамаан буолар. 1987 с. И.П. Заморщиков доруобуйатын туругунан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэитигэр үлэҕэ көһөрүллэр. 1990 с. Саха АССР бастакы нолуок сулууспатын салайааччыта И.Г. Сухомясов ыҥырыытынан тэрийэр, хонтуруоллуур отдел начаалынньыгынан, онтон коллегия сэкэритээринэн уонна Управление начаалынньыгын көмөлөһөөччүтүнэн ананан үлэлиир. Эттэххэ, суруйдахха, дөбөҥ курдук. Ис дьиҥэр киирдэххэ, саҥа сулууспаны тэрийэн үлэлэтии диэн иһэ истээх, улахан иһит салааһыннаах буоларыныы элбэх күчүмэҕэйдэрдээх, тардыылыктаах соҕус дьыала буолуохтаах диэн сэрэйиэххэ сөбө буолуо. Иннокентий Петрович холку-сымнаҕас майгылаах, култууралаах, өр сылларга норуоту кытта үлэлээбит, дьоҥҥо сирдэрбэтэх, ытыктанар салайааччы буолан, саҥа дьыаланы-сулууспаны атаҕар туруорууга кырата суох сыратын-сылбатын уурбут салайааччы буолан – бастакы рангалаах судаарыстыбаннай советник диэн үрдүк ааты иҥэрдэхтэрэ.

И.П. Заморщиков Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, РФ нолуогун сулууспатын бочуоттаах үлэһитэ, Неболсин Н.Г. аатынан бириэмийэ лауреата уонна ведомственнай элбэх наҕараадалардаах туруу үлэһит.. И.П. Заморщиков дьиҥ-чахчылаах Хаҥалас улууһун патриота. Кэргэнинээн үтүөлээх учууталлыын, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнинээн Е.М. Заморщиковалыын уонна «Хаҥалас» хаһыат редакторынаан Л.Д. Аммосовалыын «Трудовая слава Земли Хангаласской» диэн бастыҥ, туруу үлэһиттэри үйэтитиигэ анаммыт кинигэни бэлэмнээн таһаарыыга ааптардарынан буолаллар. Хаҥалас чулуу дьонун үтүө ааттарын үйэтиигэ уонтан тахсар ахсааннаах кинигэни суруйуста, бэлэмнэстэ. Күтүөппүт уонна эдьийбит дьоллоохтук, соргулаахтык 57 сыл бииргэ олорон 4 оҕону уонна элбэх сиэни, хос сиэни төрөтөн, иитэн улаатыннардылар.

Ытыктыыр күтүөппүт И.П. Заморщиков биэрбит тылын кэспэт, бигэ-чиккэ киһи. Ол курдук коммунистическай баартыйа кэккэтигэркиирэригэр биэрбит тылын дьиҥнээх коммунистыы толордо, коммунист аатыттан аккаастаммата – «Жить-то надо» диэбэтэ, үтүө аатын түһэн биэрбэтэ диэн, өрө көтөҕүллэн бэлиэтиибин уонна ытык-мааныкиһибитигэр бары үтүөнү, үйэлээҕи баҕарабын.

Ермолай СКРЯБИН.