Хотойдорбутун наука күүһүнэн көмүскүүр кыахтанныбыт

Хаҥалас Ытык сирдэрин хотойдоро үйэлэри уҥуордаан көҥүл дайа көттүннэр, эдэрдэргэ эйэни түстээн, ыччакка ыраас ыраларын ыйан, сырдыкка сирдээн

Учуонайдары кытта ыкса үлэлиирбит 2023 сылга олоххо туһалааҕа ырылыччы көһүннэ.

«Эллэйээдэ» экспедиция аныгы үйэ сайдыыта олус түргэнник биһиги олохпутугар кэлэр, ону кытта тэҥҥэ, айылҕаны харыстааһын, туризм үчүгэй уонна мөкү өрүттэрэ сэргэ хардыылыыллар.

Ытык сирдэрбитин көмүскүүргэ куруук бэлэмнээх буолуохтаахпытын 2023 сыл көрдөрдө.

Хаҥаластар киэн туттар хотойдорбутунан улууспут гербэтигэр киэргэппиппит, ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһуйабыт.

2006 сыллаахтан научнай салайааччыбыт биология наукаларын дуоктора Н.Г. Соломонов  «эллэйээдэлэри» хотойдору үөрэтэргэ туһаайбыта, анал идэлээх Эдьиэй Дуораны кытта билсэр буолан анаан-минээн кэпсэтэн, алгыс ылан бу ытык көтөрдөр олохторун чинчийиигэ туруммуппут.

Көтөрдөрү чинчийии олохтоох булчуттар, сылгыһыттар эрэ көмөлөрүнэн кыаллар. Сүүрбэччэ сыл тухары чинчийиибит салҕанар уонна дьэ үтүө түмүктэрдээх буолуох курдук.

2023 сыл сайыныгар «Эркээни-Тур» диэн тэрилтэ  тэриллэн үлэбитин билсиһэ кэлэ сылдьыбыта. Ол онно Эркээни бырааннарыгар «Уһук Илиҥҥи гектарга» сир ылан анал базалары тутарга граннанан үлэлээн эрэллэрин соһуччу билбиппит.

Туризм уонна ытык сирдэр

Биллэн турар, туризм сайдыахтаах, улэ миэстэтэ тахсыахтаах диэни биһиги утарбаппыт. Ол гынан баран Айылҕаны уонна Ытык сирдэри кэлэр көлүөнэ бэйэтэ көмүскүүргэ үөрэниэхтээх диэн өйдөбүлүнэн олоххо сирдэтиниэхтээхпит.

Ытык бырааннарбытын, кэрэ айылҕабытын уонна олохтоох төрүт дьон интэриэстэригэр наука эрэ күүһүнэн көмүскүүр кыахтаахпытын бу 2023 сыл көрдөрдө.

Улууспутуттан  депутат Афанасий Владимиров көҕүлээһининэн  Ил Түмэн депутаттарын уонна  ИБПК СО РАН учуонайдарын тэрээһининэн  «Ытык сирдэри уонна айылҕабытын көмүскүүр суоллар» диэн төгүрүк остуол тэриллибитин түмүгэр Эркээни ытык сирдэрин көмүскүүр үлэлэр 2024 сылга былааннаахтык барыахтаахтар диэн хайысха инники күөҥҥэ турда. Сөптөөх сокуоннары ыларыуонна Хаҥалас сиригэр бу сокуоннар үлэлииллэрин аан бастакыннан олоххо киллэрэн Саха сирин бүттүүнүн айылҕатын көмүскүүргэ сокуон ылыллыытын ситиһиэхтээхпит.

Бу сокуоҥҥа хотойдору тэҥэ сэдэх уонна туһалаах үүнээйилэрбит үүнэр сирдэрин кытта күүстээх көмүскэлгэ ылыахтаахпыт, ас-үөл баар буолара сиртэн тутулуктааҕынаноттуур сирдэр уонна мэччирэҥнэр саамай көмүскэнэр сирдэр буолалларынан туризм уонна тутуулар иннилэригэр  тутуллуохтаахтар. Ол аата олохтоох дьон  олохторо-дьаһахтара  көмүскэллээх буолалларын ситиһиигэ сокуоннары айан уонна ону тутуһалларын Ил Түмэн ирдиэхтээх.

Үрүйэлэргэ, от үрэхтэргэ биһиги, тыа дьоно, сүрүн мэччирэҥнэрбит баалларын бары өйдүүбүт. Ол гынан баран ардыгар кэнэмсийэн, дьаһанарга бытаан уонна информация суох буолан бу дойдубут хорук тымырдарын араас тутууларынан бүөлээн эрэллэрин аан бастакынан сокуонунан тохтотуохтаахпыт. Сылгы, сүөһү мэччийэр, дьон сылдьар сирдэригэр көҥүлэ суох стрельбищелар бобуллалларын күүскэ туруорсуохтаахпыт.

Тыа сиригэр сынньанар, көр-нар тэрийэр тутуулар эмиэ бобуулаахтарын бука бары билиэхт ээппит. Саха сиэринэн уонна сокуон туруорсуутунан көтөрдөр уонна кыыл-сүөл үөскүүр, сымыыт баттыыр кэмнэригэр ким даҕаҥы айылҕаны уйгуурдар бырааба суох.

Быйылгы сылга ытык сирдэрбитигэр уонна мэччирэҥнэри, оттуур сирдэри харыстыырга бэйэбит турунан сөптөөх суруктаах-бичиктээх бэлиэлэри туруоруохтаахпыт. Аныгы дьон, дьиҥинэн, сокуону тутуһар, сөптөөх бобууну өйдүүр. Олохтоох дьон эһиги эмиэ сынньанар ыраас, чөл сирдээх буолуохтааххытын олох умнумаҥ. Былыргыттан ытык сир өйдөбүлэ баар буолан баччаҕа кэллэхпит уонна сахабын,мин эрэ диэн өйдөбүл тылынан эрэ, ытык сиргэ уонна айылҕаҕа сүгүрүйэ эрэ буолбакка, дойдубутугар  дьиҥкөмүскэли ирдиэхтээхпит.

Хомпоруун хотойу ытыктаан

Хотойу ытыктааһыҥҥа былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит  номохторунан иитиллэн кэллэхпит. Мындыр сахалар хотойго сүгүрүйүүнү дьиҥ-чахчы олохторугар олус туһалааҕын, билэн ылыннахтара.

Хотой уонна саас кэлиитэ биир өйдөбүл. Хотой аан бастакыннан былыр даҕаны, билигин даҕаны саас кэлиитин билгэһитэ буолар, тымныы тыйыс айылҕалаах кыһыннаах сиргэ олорор сахалар, биллэн турар, хотойдор эрдэ кэлэн саас эрдэлиирин билгэлииллэрэ.

Хотой уонна тыа сирин тутула

Хотойдор бастаан хаардаахха, эрдэлээтэҕинэ, олунньу бүтэһигэр кэлэллэр. Онтон хойутаатаҕына хара хапсыыр курааны билгэлиир сайын кэлиитин туоһута буолар.

Куобах мэнээгэр Саха сиригэр хотой үөскүүр-ууһуур. Онтон бу бүтэһик 30 сылга куобах мэнээгэ тохтоон хотойдорбут үс хочоҕо уйаланар буоллулар. Сүрүн аһылыктара дьабара буоларын бары билэбит, аһылыктанар хотойдор кини олус үөскүүрүн тохтотор уонна айылҕа тутулун тэҥниир күүстээхтэр.

Дьабара кумах былааһыктаах өрүс эҥэрдэригэр уйа хастарга кураанах сиргэ үөскүүр. Бу маннык сирдэр Өлүөнэ,  Бүлүүөрүстэр хочолоро, биһиэхэ өссө Кэҥкэмэ үрэх сүнньэ, хоту Дьааҥы өрүстэрин хочолоро.

Илин Эҥэргэ дьабара үөскээбэтэ биллэр. Манна ирбэт тоҥолох кырыстан чугас муустаах буолан бу кыыл уйа хастарыгар мэһэйдиирэ — ону билигин дьон барыта илэ көрөр, алаастар булгунньахтарын иһэ килэгир муус.

Хотой олоҕо дьиэ кэргэн тутулугар үтүө холобур

Маны өбүгэлэрбит кэтээн көрөн  олохторугар барытыгар киллэрэн, сиэр-майгы быһыытынан көмүскэлгэ ылан сүгүрүйүү үгэһин киллэрбиттэрэ саха култууратын үйэлээх туоһута. Үйэлээх үгэс диэн бу билиҥҥи култуурабыт өйдөбүлэ. Култуура диэн тылы сахалыы хайдах тылбаастыахха сөбүй? Бу киһи олоҕор, кэлэр кэскилин кэнчээри ыччатын иитэригэр туһанар ньымата, үйэлээх үгэһэ уонна ону олоҕор туттарыгар айар дьоҕурунан ыччатыгар сөпкө тиэрдиитэ буолар.

Хотойдор олохторун кэтээн көрөн чинчийдэххэ, өбүгэлэрбит санаалара өйдөнөн барар.

Хотой хаардаахха көтөн кэлэн хас эмит сыллар тухары туппут  уйатын (сороҕор сүүһүнэн сыл тутуллар уйалар) бэс күөх лабаатынан бэлиэтиир ол аата биһиги кэллибит төрүт уйабытыгар диэн атын эдэр хотойдорго этэр. Онтон дьэуйатын хаардыыр хаарын тэбиир, онтон аны харалыыр ол аата уйаҕа хаалбыт хаары күн сыралыгар ууллараары сылгы сааҕын уонна кыра лабаалары быраҕар. Манна даҕатан эттэххэ, сылгы сааҕа сылытар куустээҕин аныгы дьон билэр уонна теплицатыгар туттар. Эрдэ уйа оҥостор уонна сымыыттыыр, кыстыыр суордарбыт маны эмиэ бэркэ туһаналларын билэргэ өссө Өктөм оскуолатын эдэр орнитологтара бастакыннан ылсан, кэтээн көрөн,дакаастаан эрэллэрэ учуонайдарга улахан арыйыыны оҥороллоругар олук буолан эрэр.

Кэтээһининэн көрдөххө, хотойдор оҕолоро сымыыттан ыам ыйын уонун диэки быгаллар. Онтон хотой сымыытын 40-н хонук баттыыр диэн наука этэр. Ол аата хотой бу биһиэхэ Эркээни хочотугар муус устар бастакы күннэригэр икки сымыыты уйатыгар уурар уонна быстала суох баттыыр, сымыыттарын аҕыйах даҕаны кэмҥэ сыгынньах хаалларыа суохтаах. Дьэ бу кэмтэн саҕалаан оҕолоро көтүөр диэри ол аата балаҕан ыйыгар дылы хотой уйатын уйгуурдар көҥүллэммэт, бу маны ити бар дьоммутугар өйдөтөбүт, туризмыт эрийээччилэри сэрэтэбит.

Ийэ хотой (тыһы хотой) бу 40 хонук устата уйатыгар, дьэ сымыыттарын баттыыр кэмигэр, атыыр аҕа хотой уйаҕа ас таһар. Ийэ хотой атыырынааҕар быдан улахан буолар, ол аата быдан сабардамнаах уонна өр кэмҥэ этин-силигин аһа да суох тутар ыйааһыннаах, биирдэ аһыырыгар элбэҕи сиэхтээх. Онтон атыыр хотой сүрүн булчут, дьабара, ардыгар көтөр да түбэһиэ, саһыл даҕаны , оннооҕор биирдэ эмэ били ыыппыт хоректарын да тутан аҕалыа. Саас хаардаахха, дьабара өссө быга илигинэ, саһылы тутар уонна туртаһы быраантан да суулларарын көрбүттэрэ. Кычым кэмҥэ тыһы хотой тулуура, ити эппитим курдук, улахана уонна ыйааһыннааҕа көмө буолар.

Дьэ туран ыам ыйын бастакы аҥарыгар кып-кыра чоппууска саҕа мап-маҕан оҕолор тахсаллар, олору ийэ хотой эрэ сатаан аһатар, тумсунан дьабара этин быыкаа тооромоһун тумсун төбөтүнэн ылан оҕолорун аһатар. Аҕа хотой итинник аһатар дьоҕура суох, аҕалан дьабараны тириилэри быраҕан ааһар. Итинник сарт-сар көтөрдөргө эмиэ баар,бары сиэмэх көтөрдөр оннуктар. Ол туоһутунан биһиги видеоҕа уһулүүбут буолта. Оскуолабыт таас уораҕайын үөһээ өттүгэр кугас кырбыйдар уйаланар этилэр, онно видеолнаблюдение туруоран көрбүппүт уонна уһулбуппут. Онно эмиэ кып-кыра маҕан оҕолоругар атыыр кырбый улахан кутуйаҕы аҕалан быраҕар, ону кырачааннар тоҥсуйа сатаахтыыллар, онтон дьэ ийэ кырбый көтөн кэлэн атыырын үүрэн баран тумсун төбөтүнэн оҕолорун аһатар. Итивидеоны научнай салайааччыбыт Н.Г. Соломонов олуһун диэн хайҕаабыта бу научнай чахчыны илэ көрүү буолар,урут тылынан суруйан научнай ыстатыйаҕа учуонайдар дакаастыыллара диэн.

Дьэ итинник сайын устата хотойдор уйаларыгар икки оҕону аһатан-сиэтэн улаатыннаран бараллар. Күһүн диэкки оҕолоро бэйэлэринээҕэр улахан көрүҥнэнэллэр, биир улахана өссө кыратыттан соҕотоҕун былдьаан аһыыр буолар, биир аһааһыҥҥа бүтүн дьабараны соҕотоҕун да сиир. Кэтээн көрбүппүтүнэн кырата эрдэ көтөргө үөрэнэр уонна чугас маска ордууланар. Ол онно кэлэн дьэ төрөппүттэрэ кинини аһаталлар. Сайын уйаларыгар сахсырҕа бөҕө мустар, оччоҕо төрөппүттэрэ аны бэс лабаатын аҕалан онтон көмүскүү сатыыллар.

Хотой хас да уйалаах буолар, биир сиргэ сүүһүнэн саһаан сиргэ икки уйалаах буолуон сөп эбэтэр балачча ыраахларыта сылдьан уйаланаллар, уонна чугастааҕы уйаларыгар төрөппүттэрэ даҕаны сынньанар уйалара буолар).

Балаҕан ыйыгар оҕо хотойдор дьэ көтөллөр уонна бырааннар үрдүлэринэн оонньуурөрүлүүр буолаллар,дьээбэлэнэн уонна көтөргө үөрэнэн суордары, элиэлэри кытта эккирэтиһэ оонньууллар бу эмиэ барыларыгар үөрэхэргийэн тыҥырахтарынан утары тутан көмүскэнэ үөрэнэллэр.

Саха дьахталларын мааны таҥастарыгар

Хотойго сүгүрүйүү уонна маарынныыр гына дьүһүннээһинсаха итэҕэлигэр таҥаска кытары баар. Хотойдоох сон көхсүгэр (ойуута барытын холбуу көрдөххө, биир кэлимсэ буолар, ойуута уонна сиэхтэрэ биир кэлимсэ хотой дьүһүнэ),оннооҕор кутуругун хара хаймыытын кытта хайаан да тигиэхтээхтэр уонна кутуругар баар дьаҕыл ойуута суох олох сатаммат, хайаан даҕаны ону дьэ көрдөрүөхтээхтэр,итэҕэл ирдэбилэ дьэ оннук.

Саха дьахтарын дьабака бэргэһэтэ эмиэ биир кэлимсэ хотой төбөтүн көрдөрөр. Чопчууруттан санныгар хотой моонньун түүтүн курдук санныгар намылыйа түһүөхтээх, тумсун моһуона иннигэр эмиэ түҥ  былыргы көрүҥнэргэ чопчу көстөр, итинник таҥас дьэ ийэ хотой курдук аргыый нуоҕалдьыйан хаамарга  эрэ аналлаах.

Хотой куорсуна күүстээх ымыы

Буллаххына үөрүү уонна хайаан да утары бэлэх ууруу ирдэниллэр. Аны ылан баран бу куорсуну сөптөөхтүк кичэйэн харыстыы сылдьыахтааххын.

Хотойу атаҕастааһын, үргүтүү улахан аньыы — ону бу кэмҥэ дылы тутуһан кэлэн бар дьоммутугар аргыый тиэрдии буолар.

2006 сыллаахха Н.Г. Соломоновтан сорудах ылан баран анаан-минээн Эдьиэй Дуоралыын сэлэһэн турабыт. Онно кини Хаҥалас уонна саха буоларгытынан хотой туһунан сөптөөх билиини наука күүһүнэн үөрэтиэхтээххит диэбитэ уонна алҕаабыта, иитэр номохтору уонна саха итэҕэлин аныгылыы чинчийииннэн сайдыахпыт диэн. Билигин бу суруйуу онно ананар.

Хас даҕаны анал научнай ыстатыйалар таҕыстылар ол суруйуулар кэмигэр тахсан билигин хотойдорбутун наука күүһүнэн көмүскүүр кыахтанныбыт.

2006 сыллаахха кэмигэр сөптөөх сорудах уонна сүбэ ыламмыт, эрэх-турах санааланан 2019 сыллаахха Маалтааны Ытык сирдэригэр баар уйалары үксүлэрин булан, чинчийэн орнитологучуонайдар  Ураты харыстанар Айылҕа түөлбэлэрэ» диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ыйааҕа тахсыбытын бигэргэтэр улэ барар. Ол аата Маалтааны сиригэр сылгысүөһү иитии көҥүллэнэр, онтон промышленнай уонна хотой уйалаах сирдэргэ мас кэрдэр бобуллар буолар ону сөпкө өйдөөн аны бигэргэтии үлэ барарыгар олохтоохтор бары көмөлөһүөхтээхпит.

Маалтааны сирэ уонна Эркээни хочото аны хотойуйаланарын уонна ууһуурун көмүскүүр биир кэлимсэ уратыхарыстанар түөлбэ буоларын ситиһии буолар.

Прокопий Ноговицын, «Эллэйаада» экспедиция салайааччыта.

 

Хаартыскаларга көрүҥ

Саас кулун тутартан балаҕан ыйыгар дылы хотой уйатын ыраахтан биноклынан эрэ кэтиир көҥүллэнэр, ол иһин эдэр чинчийээччилэргэ маннык быраҕыллыбыт уйаларын эрэ көрдөрөбүт — эмиэ ыраахтан биноклынан кэтээн баран.

Балаҕан ыйыгар бырааннарга маннык хаппыт кураанах тииттэр чомоҕойдоругар хотойдор олорон аһыыллар,ол мастар анныларыттан астарын тобоҕун көрдүүбүт — ол онно үксүн уҥуохтары, «погадка» диэн туулэри уонна унгуохтары кытта сиэбит астарын төттөрү кулгуйбуттарын хомуйабыт -ол ону исписэлиистэр үөрэтэллэр, тугу бултаан аһыылларын. Үксүгэр дьабара уонна хаһан эмит саһыл,туртас уҥуохтара көстөллөр, куобах уҥуоҕа бу кэнники 20-30 сылга олох сэдэх да буоллар, көстөр.

Эркээни тыатыгар биирдэ эрэ хотой аһыыр маһын анныттан американскай хорёк  чөмчөкөтө тириилээх көстүбүтэ, бу олус сэдэх көстүү….американскай хорёгы анаан-минээн эксперименнаан ыыппыттара эстэ сыһан баран бу өссөдаҕаны баар эбит диэн туоһута уонна хотойго, бука,дьабараны тута сылдьан мордьуттаан түбэспит. Кыра сиэмэх кыыл хотойго мээнэ туттарбат уонна хотой тута сатаабат эбит.

Саян Терентьев 3 сыл хотой майгытын бу маннык ньыманнан үөрэтэр, быйыл кини 8-с кылааска үөрэнэр.

2023 сыл балаҕан ыйыгар эдэр орнитолог Мичил Ноговицын хаартыскаҕа түһэриилэрэ.