БарыБииргэ*

*«Уопсай көмөттөн ким да туора турбата…”*

Бүгүн Хаҥалас улууһуттан байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастарга анаммыт гуманитарнай көмөнү тиксэрэр массыына ыраах айаҥҥа турунна. 1-кы Дьөппөн нэһилиэгин олохтоохторо улуус дьаһалтатын көмөҕө кыттыһарга ыҥырыытын быһа гыммакка, биир да киһи туора турбакка, биир дойдулаахтарыгар ааттаан-суоллаан, аадырыстаан баһыылка оҥорон ыыттылар. Туох көмө оҥоһуллубутун туһунан Тиит Эбэ олохтооҕо Тамара Яндреева иһитиннэрдэ:

— Нэһилиэкпититтэн 7 уол билигин байыаннай дьайыы зонатыгар сулууспалыы сылдьар. Кинилэргэ хас биирдиилэригэр олохтоох дьаһалта «Булчут» диэн спальнай мешок, ардахтан хаххалыыр плащ, олбох, саха быһаҕа уонна нэһилиэнньэттэн хомуллубут харчынан «Чоккай ас» диэн фирма оҥорон таһаарар 10-нуу хаа бэлэм аһын, биирдии ыыһаммыт халбаһы, мүөт, 10-нуу наскы, эмп уонна 6 харыстанар сетка, 1-дии нашлемник бэлэмнээн ыыттыбыт. Эбии Анна Скрябина алгыска туттуллар наборун, Алексей Жигалов тайах муоһуттан, Татьяна Борисова салалтатынан санаторнай оскуола оҕолоро оҥорбут сиэлтэн, Вера Ильина сиэпкэ угуллар үөрэ оттон харысхалларын, уһуйаан, оскуола оҕолоро оҥорбут 3-түү чүмэчилэрин, Хоточчу дьахталлара оҥорбут 2-лии хаа умуллубат испиискэлэрин уктубут.

Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги өссө олунньу ыйтан “Шелкопряды Якутии” общественнай түмсүү аахсыйатыгар кыттыһан харыстанар сеткалары өрөн саҕалаабыппыт. Онуоха олохтоох эр дьон 5-тии сетка, нашлемник араамаларын оҥорон биэрбиттэрэ. Аны туран, нэһилиэнньэттэн ыйга кырата 300 солкуобай харчынан көмөнү хомуйан саҕалаабыппыт. Ол харчыбытын сетка өрүллэр матырыйаалын, чүмэчи парафинын, тус гигиенаҕа туттуллар тэриллэри, ас-үөл, эмп-том уо.д.а. ыларга туһанныбыт. Билигин харчы хомуйуутун тохтоттубут. Түгэнинэн туһанан, үбүнэн-харчынан, үлэнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар, биир дойдулаахтарбытыгар улахан махталбытын биллэрэбит! Бары доруобай, чөл туруктаах, иллээх-эйэлээх, бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ!, — диэн Тамара Ивановна махталын тиэртэ.

Ольга Гермогенова.