Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сыллардаахха Хаҥалас улууһуттан 2194 киһи сэриигэ туруммуттар, онтон 1134 киһи дойдутугар төннүбэтэҕэ биллэр.
Хаҥаластан барбыт элбэх саллааттар Тверскай уонна Орловскай, Ленинградскай уонна Вологодскай уобаластарга улахан уоттаах сэриини түөстэринэн көрсөн билбиттэрэ. Элбэх биһиги биир дойдулаахтарбыт Илин Бугааттан Одерга, Балтийскай муораттан Карпат уонна ньиэмэс сиригэр охтубуттара.
Биһиги улуустан сорох ыалтан хастыы эмэ киһи барбыта биллэр. Холобур, Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн алта бырааттыы Петровтар (Матвей, Михаил, Николай, Иван, Григорий, Федор), үс бырааттыылар Слепцовтар (Петр, Алексей, Александр), Тойон Арыыттан 5 ини-бии Соколовтар (Роман, Григорий, Николай,Михаил, Илья), Еланкаттан алта бырааттыы Соколовтар (Разум, Илья, Василий, Иван, Николай, Егор) уонна да элбэх аймахтыы дьон барбыттар.
Сэрии ыар сылларыгар дойдуларыгар хаалбыт дьон фронт фондугар оччотооҕу харчынан 5 мөл.солк. тахса суумаҕа көмө ыыппыттара. Сэрии сылларыгар эҥкилэ суох үлэлэринэн чулуу дьоммут мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара, билигин ол дьонтон ахсааннаах хаалла.
Ийэ дойдуну көмүскээбит биһиги биир дойдулаахтарбытыгар Кыайыы күнүгэр эрэ буолбакка өрүү сүгүрүйэбит. Кинилэр албан ааттарынан киэнтуттабыт!
Влада СЛЕПЦОВА.