“Азия оҕолоро” VIII Оонньуулар түмүктэннилэр

2024 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Саха Сиригэр бу cылга сөп түбэсиһэр саамай бэлиэ уонна чаҕылхай түгэнинэн “Азия оҕолоро” VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуулар тэрилиннилэр. Оонньуулар аҕыс cыл кэнниттэн төрүт сирдэригэр төннөн, Дьокуускайга, бэс ыйын 26 күнүттэн от ыйын 6 күнүгэр диэри спорт сайыҥҥы көрүҥнэригэр ыытыллыннылар.

“Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларын төрүттээһиҥҥэ, ыытыыга уонна киэҥ таһаарыыга өҥөтүн иһин СӨ Бастакы Президенэ Михаил Николаевы бу Оонньуулары төрүттээччи быһыытынан билинниллэр.

24 дойду — Таиланд, КНДР, Монголия, Сирия, Индия, Ливан, Пакистан, Афганистан, Бангладеш, Бахрейн, Иран, Кытай, Корея, Лаос, Палестина, Тайбэй Кытай итиэннэ Беларусь, Узбекистан, Казахстан, Азербайджан, Кыргызстан, Таджикистан, Армения, Грузия эдэр спортсменнара кэлэн кытыннылар. Россия Федерациятын эрэгийиэннэриттэн 4, Саха сириттэн 2  хамаанда кытынна. Барыта 239 мэтээл оонньонно. Оонньууларга 30 хамаандаҕа 3000 спортсмен кытынна, 700 судьуйа, 1900 волонтердар үлэлээтилэр.

“Азия оҕолоро-2024” факелын 37000 км усталаахэстафетата сир аайы спортивнай бырааһынньыкка кубулуйбуттара. “Туймаада” стадиоҥҥа оонньуу умайа кыыһар факелын боксаҕа Россия алта төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, XXIX Олимпийскай оонньууларга боруонса мэтээли ылары ситиспит Георгий Балакшин уматта.

Быйылгы күрэхтэһиилэр 24 араас спорт көрүҥүнэн ыытылыннылар. Маннык үрдүк таһымнаах  күрэхтэһиигэ кыттан оҕолорго уопут ылалларыгар кыах бэриллибит. Урут бачча элбэх көрүҥҥэ күрэхтэр буола иликтэрэ. Бу сырыыга бырагыраамаҕа спорт эбии көрүҥнэрэ киирбиттэр: үҥкүү спорда, саахымат, ГО, кик-боксинг, стендэҕэ ытыы. Ону таһынан, “демонстрационнай көрүҥнэр” диэн статустаах очуоска ыттыы (скалолазание) уонна алыш (киргизтэр национальнай курдаһан тустуулара) киирбиттэр.

«Азия оҕолоро” VIII Оонньууларын уопсай түмүгүнэн Узбекистан оҕолорун сүүмэрдэммит хамаандата 88 мэтээли (36 кыһыл, 31 үрүҥ көмүс, 21 боруонса) илдьэ барда, барыларыттан чорбойон таҕыста. Сибиирдээҕи федеральнай уокурук уопсайа 94 мэтээллээх (31 кыһыл, 31 үрүҥ көмүс, 32 боруонса) хамаанданан иккис буолла. Азия оҕолорооонньууларыгар аан бастаан кыттыбыт Беларусьсүүмэрдэммит хамаандата 78 мэтээли ылан (27 кыһыл, 21 үрүҥ көмүс, 30 боруонса) хамаанданан үһүс буолла. Саха сирин оҕолорун бастакы сүүмэрдэммит хамаандата 81мэтээллээх (25 кыһыл, 26 үрүҥ көмүс, 30 боруонса) төрдүс буоллулар.

Уон бастыҥ хамаанда иһигэр маннык хамаандалар киирдилэрМосква – 64 мэтээллээх (25 кыһыл, 19 үрүҥ көмүс, 20 боруонса), Ураллааҕы федеральнай уокурук – 70(22 кыһыл, 23 үрүҥ көмүс, 25 боруонса), Казахстан — 107 (17 кыһыл, 31 үрүҥ көмүс, 59 боруонса), Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук – 67 (16 кыһыл, 13 үрүҥ көмүс, 38 боруонса), Таиланд 22 (8 кыһыл, 9 үрүҥ көмүс, 5 боруонса), КНДР – 8 (7 кыһыл, 1 үрүҥ көмүс, 0 боруонса).

Саха сирин иккис хамаандата – 25 (3кыһыл, 7 үрүҥ көмүс, 15 боруонса) мэтээли ылла, уон төрдүс буолла.

“Азия оҕолоро” VIII спортивнай ооннньууларга Хаҥалас улууһуттан боксаҕа Арий Иванов-Казахстан боксерыгар 5:0 хотторон, салгыы киирсибэтэ.  Көҥүл тустууга Арылхан Кононов уонна Дьулустан Капитонов биирдии эргиир туһуннулар. Чэпчэки атлетикаҕа Полина Пшенникова сүүрдэ. Хапсаҕайга 62 киилэ үөһээ Айхаан Кривошапкин (Саха-1) үһүс миэстэҕэ киирдэ. Художественнай гимнастикаҕа Лиана Семенова (Саха-2) спорт маастарыгар кандидат, ахсыс миэстэҕэ таҕыста. Тхэквондоҕа Даниил Моисеев уонна Ньургун Львов бэһис миэстэ. Дзюдоҕа Антон Шадрин кытынна. Стендовай ытыыга Өктөм ортооскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Саян Константинов Скиткөрүҥҥэ үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Кини Өктөм нэһилиэгиттэн сылдьар тренер Аркадий Андреевка дьарыктанар.

Быйылгы Оонньуулартан кынаттанан биһиги эдэркээн сулустарбыт улахан спорт аанын эрчимнээхтик арыйыахтара, инникитин Сахабыт сирин былааҕын муҥутуур улахан күрэхтэһиилэргэ күөрэтиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, Покровскай к.