Историяны сэгэтэн
Ааспыт бээтинсэҕэ Саха тыйаатырыгар эдэр драматург Утум Захаров саҥа айымньыта — «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» испэктээкил ситиһиилээхтик туруорулунна.
Хаҥаластар сахалар ааттарыттан Улуу Россия ыраахтааҕытыгар бастакы дипломат быһыытынан тиийбит киэн туттар киһилэрин Тыгын сиэнэ, Бөдьөкө уола Маһарыны историческай докумуоннарга олоҕуран билиһиннэриэх баҕа санаалара туолла.
XVII-с үйэҕэ саха уустарын түс-бас дьоно хас да төгүл олус ыарахан усулуобуйаҕа олороллорунан, ону сэргэ түһээн түһүүтэ күүскэ кыһарыйан, атаҕастаныы-баттаныы дириҥник киирэн дойдулаах омук быһыытынан баар буоларга куттал суоһаан империя үрдүкү салалтатыгар хаста да балаһыанньаны тупсарыыга көрдөһөн сурук суруйбуттара биллэр. Ол эрээри 40 сыл эрэ буолан баран ыраахтааҕыттан дьэ ыҥырыы сурук туппуттара биллэр. Көрсүһүүгэ уопсай сүбэнэн үс сүрүн улуус баһылыктара, Намтан Мыымах сиэнэ, Ньыыкка уола Нохто, Мэҥэттэн Быйаҥ Төҥүлү сиэнэ Өксүрэй уола Тирэх, Хаҥаластан Маһары тойон барар буолбуттара.
Бу саҥа испэктээкилгэ биһиги бэрэстэбиитэллэрбит алта ыйдаах уһун айаҥҥа араас харгыстары күүстээх санаанан этэҥҥэ туораан күн ыраахтааҕыга тиийэллэрэ уонна өркөн өйдөрүнэн туруорсар боппуруостарын ситиһиилээхтик быһаартаран дойдуларыгар (хомойуох иһин, Нохтолорун сүтэрэн) эргиллэллэрэ көстөр. Режиссер Сергей Потапов, драматург Утум Захаров уонна тыйаатырбыт салайааччыта Петр Макаров айар кэлэктиип историческай хабааннаах айымньылары туруорар үтүө үгэстэрин салҕаатылар. Оччотооҕу атааннаах-мөҥүөннээх олох очурдарын, уруккуну ардыгар кыһыйа-хомойо санаһан ааһыыны норуоттарын олоҕо сайдарын туһуттан чулуу дьоммут киэр илгэн, сомоҕо буолууну өрө тутан, сахалыы киэҥ толкуйунан салайтаран саха омук дьылҕатын бэйэлэрэ быһаартарар кыахтаах дьон буолан төрөөбүт сирдэригэр нуучча бэрдин кытта тэҥҥэ чиҥник сиргэ үктэнэн төннөллөр.
Кыраайы үөрэтээччибит Прокопий Ноговицын сыаналаабытын курдук, «Саха тыйаатыра историческай испэктээкиллэри туруорар үтүө үгэстэрин салҕааччы быһыытынан айар суолу тутуһара олус хайҕабыллаах уонна эр санаалаах хорсун быһыы. Саха дьоно Саха тыйаатырыттан историческай хабааннаах испэктээкиллэринэн аан бастаан иитиллэр-такайыллар үгэстээхтэр, дьиҥ-чахчы киэн туттар дьоннорун сөҕө-махтайа билэн санаалара, олоххо тардыһыылара күүһүрэр. Бар дьон биир сиргэ мустан биир тыынынан сүдү өбүгэлэрин туһунан олоҥхо курдук көрөн-истэн күүс ылынара — бу буолар биир сомоҕо норуот буоларын өйдүүр сүдү түгэнэ. Бу буолар тыйаатыр норуот дьылҕатыгар күүһэ… Дьоммут Москубаҕа баралларыгар мин хаҥаласпын, мин Нам баһылыгабын, мин мэҥэлэр ааттарыттан баран иһэбин диэн ис санаалаах бараллар уонна төннөллөрүгэр сахаларбыт, биир дьылҕалаах сомоҕолоһуулаах норуот буолабыт диэн санааланан кэлэллэр. Бу быһаарыы Лев Гумилев этиитин кытта алтыһар: «На Куликово поле пошли рати москвичей, владимирцев, суздальцев и т.д. А вернулась рать русских, отправившихся жить в Москву, Владимир, Суздаль и т.д. Это было началом осознания ими себя как единой целостности — России». Бу буолар «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» испэктээк илин ис хоһооно».
Маһары норуоппут дьылҕатыгар сүдү оруолун Бастакы президеммит Михаил Николаев улаханнык суолталаан «Сахалар саамай саҕаланар кэммит этэ» диэн эппиттээҕэ. Онтон бу киэһээ артыыстарбыт саха чулуу дьоно киэҥ көҕүстэнэн, кэскили ыраланан өбүгэлэрин кэриэстэрин толорон кэлэллэрин тыйаатыр сыанатыттан итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Саастаахтартан эдэрдэригэр тиийэ оруолларын олус бэркэ тиэртилэр. Хаҥалас кинээһин Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Макаров, Нохтону СӨ норуодунай, Россия үтүөлээх артыыһа Петр Баснаев, Тирэх кинээһи Николай Протасов дьоһуннук толордулар. Эдэр артыыстар араас көрүдьүөстээх оруолларга көтөн-тэйэн мээчиктэнэн көрөөччүлэри сэргэхситтилэр. Чуҥкуйан олорооччу букиэһээ суох буолла, ытыс тыаһа хабыллан олордо. Испэктээкил иннинэ мустубут дьону тыйаатыр уус-уран салайааччыта РФ норуодунай артыыһа Андрей Борисов истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кини ааспыт 118 сезоҥҥа Саха тыйаатырыгар 46 тыһ. киһи сылдьыбытын, ол иһигэр Пушкинскай каартанан 5,5 тыһыынча ыччат саха айымньыларын билсибитин, история чахчыларыгар тирэнэн чулуу дьоммут, умнуллубат түгэннэрбит туһунан туруоруулары кэрэхсиирин астына кэпсээн аһарда, кэлэр көлүөнэни норуоппут үтүө үгэстэригэр иитэргэ искусство оруолун бэлиэтээтэ.
Испэктээкил түмүктэниитэ саҥа айымньыны арыйбыт артыыстарбытын, испэктээкил туруутугар кыттыспыт бары үлэһиттэри саала атаҕар туран уруйдаата. Улууспут баһылыга Олег Иринеев хаҥаластар ааттарыттан махтанна, тыйаатыр коллективыгар 300 тыһ. солкуобайдаах сертификаты бэлэх быһыытынан утары уунна. Утум Захаров кылааһынньыктара, Таатта дьоно, кэлэннэр ааптары эҕэрдэлээтилэр. Олус истиҥ киэһээ буолла. Элбэх омук тоҕуоруһан олорор Сахабыт сирэ инники сайдыытыгар өссө сырдык духуобунай муоста уурулунна, хаҥаластар Маһарыбыт ытык аата дьоһуннук ааттанна.
Людмила АММОСОВА.