Россияҕа көрбөттөр обществоларын 70 сылыгар
Хаҥалас улууһугар биир олоххо көхтөөх үлэлээх общественнай тэрилтэнэн 1999 сылтан Ольга Владимирова салайар көрбөттөр обществолара буолар. Харахтарынан мөлтөх дьон олох, күн сырдыга диэн төһөлөөх күндүтүн билэллэр, туох кыалларынан уопсай дьыалаҕа кытта сатыыллар, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Билигин общество 70 чилиэннээх. Бу дьонтон үгүстэрэ дьиэ түөрт истиэнэтигэр хаайтаран сыппакка оннооҕор оҕону, ыччаты кытары үлэлииллэр. Олортон биирдэстэринэн Нөмүгүгэ олорор музыка алыбыгар ылларбыт биэс оҕолоох, алта сиэн диэн минньигэһин билбит Павел Яковлев буолар. Кини Ой орто оскуолатын 1982 сыллаах выпускнига, Нөмүгү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Билигин үөрэммит оскуолатыгар, отой көрбөт да буоллар, эбии үөрэх тээһиҥҥэ бэйэтин баҕатынан кыттан оҕолору музыкаҕа дьарыктыыр. Бу үлэтин биир дьоһун ситиһиитэ – 2021 сыллаахха нэһилиэгэр бастыҥ салайааччы ааттаммыта булар.
Павел Павлович «Ой дуораана» оҕолор вокальнай- инструментальнай ансаамбылларын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин алта төгүл, онтон инбэлииттэр «Ымыылаах ыллыктар» фестивалларын бэһис төгүлүн тэрийэн ыытта.
Ольга Владимирова миэхэ Карина Трофимова, Ой оҕолорун вокальнай-инструментальнай ансаамбылыгар сылдьар кыысчааны билиһиннэрдэ:
— Павел Павлович салайар ВИА-тыгар мин үһүс кылааска сайыҥҥы лааҕырга сылдьанкэлбитим, сэттис сылбын дьарыктанабын, билигин онуска үөрэнэбин, — үөрэ-көтө кэпсээтэ кыысчаан. — Гитараҕа оонньуурга үөрэнэ киирбитим. Бу тухары биэс бөлөххө оонньоотум, билигин ансаамбылбыт «Хоһуун хотойдор« диэн ааттаах. Манна биэспит: Александрова Амина — соло гитара, Матвеев Никита — бас гитара, Сулус Романов — ударнайдарга, Стручкова Лилия — синтезаторга оонньооччубут, мин ритм-гитараҕа оонньуубун, солистыыбын. Павел Павлович оҕолору музыкаҕа уруккуттан үөрэтэр, дьарыктыыр. Мин маҥнай кэлэн баран олус соһуйбутум, хайдахманнык көрбөт киһи оҕолору итинник үчүгэйдик үөрэтэрий диэммин. Кырдьык, бэркэ үөрэтэр, оҕолорго сыһыана олусүчүгэй! Инструменнары барытын бэйэтин харчытыгар атыылаһар, сыл аайы өрөспүүбүлүкэтээҕи ВИА куонкуруһун ыытар. Онно кэргэнэ Виктория Ивановна көмөлөһөр. Мин санаабар, кини баар буоланараас тэрээһиннэргэ кыттан кэллибит. Холобур, бу сылга биһиги Майаҕа, Хатаска уонна нэһилиэкпитигэр күрэхтэргэ кытта сылдьыбыппыт. Учууталбыт олус үчүгэй киһи. Киниэхэ дьарыктанан баран музыка эйгэтигэр үөрэххэ киирбит оҕолор элбэхтэр. Мин даҕаны олоҕум тухары музыкаттан тэйбэтим буолуо. Онон Павел Павловичка, Виктория Ивановнаҕа олус махтанабын! —диэтэ.
Мин хайаан да Павел Яковлевы көрсөн кэллэхпинэ сатанардиэн дьиэтигэр тиийэ сырыттым. Син урут да үгүстүк көрбүт, фестивалларыгар сылдьыбыт, биир бириэмэҕэ кэпсэтэн да ылбыт киһи буолларбын. Эмиэ да соһуйдум, хаһааҥҥыттан көрбөт буолбуккунуй¸ урут көрөр этиҥ дуо диэн сахалыы малтаччы ыйытааччы буоллум, син сырдатынар ини диэн эрэх-турах санааммын. «Кырдьык, олох мэлийэн турабын, хабыс хараҥа…» диэтэ.
— Музыкальнай үөрэхтээххин дуо? Оҕолору кытарыхайдах дьарыктанаҕын? — диэн ыйыттым.
— Ситэтэ суох үөрэхтээхпин. Урут мин тустар этим, элбэх күрэхтэһиилэргэ, хомуурдарга сылдьарым. Инньэ гынан педучилищебын бүтэрбэтэҕим, онтон ыалдьан хаалтым. Урут көрөр этим. Диабет эбиллэн харахпыттан маппытым. Биирдэ улаханнык сүнньүбэр эчэйбитим, ол харахпар дьайда буолуо… Оҕолору кытары син тапсан үлэлиибин, үчүгэйдик истэр буоллаҕым. Баҕалаах оҕо элбэҕэ үөрдэр! Саамай тулуурдаахтара, баҕалаахтара хаалаллар.
— Мин биирдэ Нөмүгүгэ кулуупка «Ой дуораана» күрэххитигэр, уонна Покровскайга пааркаҕа ыытыллыбыт рок-музыка фестивалыгар, ону сэргэх аста даҕаны Улахан Ааҥҥа Айыы Уолугар ыытыллар ырыа күрэхтэригэр эһиги оҕолоргут ансаамбыллара оонньуулларын астына көрбүтүм. Ситиһиилэргит үгүс буоллаҕа.
— Элбэх. Мэҥэ Хаҥаласка Майаҕа, Табаҕаҕа, Хатаска, Өктөмҥө «Сардаалаах Аартыкка» хаста даҕаны кыттыбыппыт. Мин уһуйбут үөрэнээччилэрим сорохторо олохторугар музыканы идэ быһыытынан талбыт тарыттан астынабын. Холобур, Адамова Күннэй, Пермякова Алгыстана билигин музыкальнай училищега үөрэнэ сылдьаллар, Айталина Осипова, Сахаяна Карпова о.д.а. бүтэрбиттэрэ, үлэлии сылдьаллар. Онтон Рада Никифорова, Настя Артамонова, Мукучу Унаар Егоров атын, үрдүк үөрэххэ да буоллар, музыкаттан тэйбэттэр, — диэтэ Павел Павлович.
Павел Павловиһы кытары үгүһү кэпсэттибит. Кини оҕолору кытары бэйэтин дьиэтигэр дьарыктанарыттан сөхтүм. Кулуупка анал хос суох буоллаҕа, онтон оскуолаҕа тоҕо миэстэ көстүбэтэҕэ буолла диэхпин баҕардым… Карина Трофимова эппитинэн, инструменнары бэйэтэ атыылаһар эбит.
— Икки сыллааҕыта НКО тэриммиппит. Ил Дархан граныгар тиксэн 700 тыһ. солкуобайы ылбыппыт. Балтараа мөлүйүөҥҥэ инструменнары атыыласпыппыт. Билигин инструмент сыаната олус ыараата, — диир педагог.
Бу кыракый хоһугар оҕолору кытары дьарык кэнниттэн тыаһа мэктиэтигэр иҥэн хаалар курдук, инбэлиит киһи утуйбакка эрэйдэнэр. Ол эрээри Павел Яковлевы үөрэнээччилэрэ эрэнэ кэтэһэллэр буоллаҕа. Спортсмен киһи санаммытын ситиһэргэ, этэргэ дылы, хараахтыра кытааттаҕа. Саҥа култуура дьиэтэ тутулуннаҕына онно дьарыктаныахтара турдаҕа. Уһуйааччы «Түһүлгэ» култуура дьиэтин үлэһиттэригэр уонна, биллэн турар, оҕолор төрөппүттэригэр махтала улахан — өрүү өйүүллэр, ситиһиигэ кынаттыыллар.
— Бөлөххүт аата урут атын этэ дии, — ыйытааччы буоллум.
— Ити оҕолор бэйэлэрэ ааттыыллар, — диэн кэпсэтиибитигэр кыттар Виктория Ивановна, Павел Павлович саамай чугас, бары тэрээһиннэри кыайа-хото тутааччы киһитэ.
Үтүө батыһааччылардаах буолар диэн баар. Араас күрэхтэри сүнньүнэн бэйэлэрэ үбүлүүллэр, ол эрээри спонсордар син көстөллөр. Холобур, бу ааспыт күрэхтэргэ Ил түмэҥҥэ дьокутааппын Алиш Мамедов бэркэ өйөөбүтүн аҕыннылар уонна «түһүлгэлэрин», амарах санаалаах биир дойдулаахтарын. Биэрэр илии тутайбат диэн сахаларга бэргэн этии баар.
Энтузиастар үөрэтэр оҕолорун туһунан үөрэ, астына кэпсииллэр. Ити Трофимова Карина ырыаһыт, ритм-гитара, туйгун үөрэнээччи диэтилэр… Уонна улууспут атын оскуолаларыгар ВИА-лар тэриллэн үлэлииллэрин аҕыннылар. Истиэххэ олус үчүгэй. Ситиһии кэлэ турдун!
Людмила Мордовская, Покровскай к.
Хаартыскалар — дьиэ кэргэн архыыбыттан.