Владимир Лиханов сахабыт тылын, үгэстэрин кэскилигэр

«Мин аҕам атаах оҕото этим. Ийэм уолаттарыттан күнэ тахсара, ол эрэн баары-суоҕу, үлэни билэн улааппыппыт», — диэн ааспыттаах Сахаайа Громова, Владимир Иванович Лиханов учуонай кыыһа, култуура үлэһитэ. Аҕалар кыргыттарын таптыыллара биллэр, уолаттарыгар, биллэн турар, ирдэбиллэрэ улахан буолар.

Сахаларга үтүө өйдөбүл баар, үтүө киһи дьоһун ыччаттаах диэн. Оннук да буолар курдук. Төхтүргэ Лихановтар дьиэ кэргэттэрин да холобуругар ону көрөбүт. «Кэтэҕин олоруута атын» диэн этии эмиэ баар, итиниэхэ сыһыаннаах. Ол аата удьуора күүстээх, олохтоох, бигэ диэн өйдөбүллээх дии саныыбын. Владимир Лиханов филологическай наука кандидата этэ, 1994 сыллаахха тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытын» (В, Г, П, Ф, Ц, Ш, Щ, Ы, Э буукубалары) ырытан, чинчийэн оҥорон бар дьонугар бэлэмнээн утары ууммут киһи. Ону сэргэ кэлин тахсыбыт 13 туомнаах академическай тылдьыкка сүдү үлэни ыытан олоҕун анаабыта. Биһиги, суруйар дьон, ардыгар тыл суолтатыгар, сөпкө суруллуутугар мунаарар түгэммитигэр тылдьыты арыйан көрөр идэлээхпит.

Саха тылын быһаарыылаах уонна академическай тылдьыттарын оҥорсубута

Владимир Иванович оҥорсубут тылдьыттара саха дьонугар тыл саппааһын хаҥатарыгар, уус-уран айымньылары ааҕарыгар, тыл култууратын үрдэтэригэр көмөлөһөр сыаллаах тахсыбыт сүдү үлэлэр. Тоҕо диэтэххэ, оннооҕор ити 90-с сылларга саха тылын, өрө тутааччыларбыт, 20-30-с сылларыгар сүһүөҕэр туран иһэн салгыы сайдыбакка, туттуллар эйгэтэ кыараан сүтэр куттала тиийбититтэн дьиксинэн, быһаарыылаах тылдьыты оҥорорго үлэни ыыттахтара. Онтон билигин, этэ да барыллыбат, оҕолорбут интернет көмөтүнэн нууччалыы тылга ханарыйыах курдуктар. Саха тылын омук тылын курдук үөрэтии баран эрэрэ кэскили саныыр дьону тоҕо долгуппат буолуой. Сахабыт дэнэр буоллахпытына сахалыы саҥара сатыахтаахпыт. Саха тылын үөрүйэхтэринэн таба туттан, дорҕоонноругар болҕомто ууран.

Владимир Лиханов сахабыт тылын кэскилин туһугар олоҕун анаан кэлбитэ. Дьэ, тылы тылдьыкка киирэр гына быһаарыыны булуохха диэри үгүс үлэ ыытыллар эбитин кини дьиэ кэргэнэ билэн кэллэҕэ. Литератураны эрэ буолбакка, быһаарыылаах тылдьыкка тыл туттуллан кэлбит эйгэтин кытары билии ирдэнэр, тылбаас тылдьытын курдук буолбакка, тыл ис, туттуллар суолтатынан сирдэтиллэн оҥоһуллар. Кэлин тахсыбыт 13 туомнаах академическай быһаарыылаах тылдьыкка Владимир Иванович эмиэ үлэлэспитэ даҕаны, күн сирин көрөр үөрүүлээх күнүгэр тиийбэтэҕэ, ыарахан ыарыы илдьэ барбыта… Бииргэ үлэлэспит дьоно кини дьиэ кэргэнин ыҥыран бэлиэтээбиттэрэ сиэр-майгы быһыытынан этэ. Кэргэнэ Сина Георгиевна, кыыһа Сахаайа (мин кинилэргэ тиийэ сылдьыбыппар) астына, махтана ахтан ааспыттара истиэххэ олус үчүгэйэ.

Төхтүр оскуолатын үөрэнээччитэ Лена Охлопкова өссө 2004 сыллаахха биир научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ «Быһаарыылаах тылдьыт уонна Владимир Лиханов» диэн дакылаатынан кыттан турар. Учуонай кэргэнэ, учуутал идэлээх Сина Георгиевна кыысчаан салайааччытынан үлэлээн бэлэмнэспитэ, Владимир Иванович үөлээннээхтэрин, бииргэ үлэлэспит дьоннорун кытары, «Олоххо үтүө өйдөбүлү хаалларбыта» диэн ахтыы кинигэтин билиһиннэрбитэ Лена олоҕор бэлиэ түгэн буолбута чахчы. Оскуола оҕото, бастатан туран, төрөөбүт тылын, дойдутун историятын, төрүт үгэстэрин, култууратын кэрэхсииригэр, үөрэтэргэ, чинчийэргэ баҕатын үөскэттэҕэ, олоҕор даҕаны олук уурдаҕа.

Лена Охлопкова үлэтигэр улахан академическай тылдьыт ааптардарыттан биирдэстэрэ филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии институтун старшай научнай үлэһитэ Владимир Лиханов туһунан кэллиэгэлэрин ахтыылара көмөлөстөҕө. Онно оннооҕор учуонай учууталын наука дуоктара П.А. Слепцов ахтыыта баара күндү бэлэх кэриэтэ: «Володя мин бастыҥ, элбэҕи эрэннэрэр үөрэтээччим этэ. Экспрессивнай лиэксикэни чинчийии чааһынан этэ да барыллыбат, ханнык даҕаны суол-иис омооно көстүбэт, хайысхата, туһаайыыта да биллибэт тоҥуу хаарынан барар курдук үлүгэр. Ону Володя бу тиэмэни олус сөбүлээн, баҕаран, миигин тылыгар киллэрбит тиэмэтэ буолуохтаах. Бөдөҥ учуонай Н.А. Лукьянов Володя авторефератын ылан баран, салгыы үлэлииригэр улахан, киэҥ программа оҥорон ыыппыта. Онтон ыла киниэхэ кэскиллээх ыра санаа үөскээбитэ: бу тиэмэҕэ дьоһуннаах үлэни суруйарга уонна хайаан да экспрессивнай тыллар улахан толору тылдьыттарын оҥорорго. Онон Владимир Иванович лексикология саҥа хайысхатыгар диэтэххэ, омун буолбат, аан маҥнай суолуаспыт, наука өттүттэн, үлэлээн хаалларбыт үлэтэ улахан инникилээх, кэскиллээх буолара өйдөнөр. «Кылгас  тылдьыкка», «Улахан быһаарыылаах тылдьыкка» элбэх кээмэйдээх үлэни хаалларбытын учуоттаатахха, кини бигэ эрэлинэн бу норуокка туһалаах, ону тэҥэ улахан наука акылаата буолар үлэҕэ бэйэтин сүппэт суолун-ииһин хаалларан барда диэн аймах-бигэ дьонугар, доҕотторугар, биир идэлээхтэригэр астынан туран бэлиэтээн этэр кыахтаахпыт» диэбитэ эчи үчүгэйин!

Бу оҕо дакылаатыгар наука кандидаттара, учуонай кэллиэгэлэрэ В.Д. Монастырев, А.Г. Нелунов эмиэ олус истиҥ ахтыыларыттан суруйуулар киирбиттэрэ Владимир Лиханов үлэтигэр олус бэриниилээх, төрөөбүт түөлбэтигэр ыалдьар, көмөлөһө сылдьар патриот, истиҥ доҕор быһыытынан сырдаталлар. Биир дойдулаахпыт отуттан тахса сыл тылдьыт оҥоруутугар илиитин араарбакка үлэлээбитин, сахалыы өйдөөх-санаалаах, мындыр толкуйдаах үлэһитин үрдүктүк сыаналаан суруйбуттара киэн туттууну үөскэтэр. Докторскайыгар кытары үлэҕэ үтүрүттэрэн ситэ ылсыбатаҕыттан хомойбуттарын эппиттэрэ Владимир Лиханов уопсай дьыаланы туохтааҕар да өрө тутан олорбутун бигэргэтэр.

Тылдьыттарын көрөн сөхтүм. Элбэҕи да билбэппит эбит диэн санаатым. Тылбыт олус да баай, хас биир тыла, сомоҕо номохторо дириҥ ис хоһоонноохторо сөхтөрөр. Ити барыта биһиги уһуну-киэҥи толкуйдаабаппытынан, кэскили санаан көрбөппүтүттэн сүтүө, симэлийиэ дуо, ама? Киһи  дьиксинэр буолбаат, болҕомтото, эппиэтинэһэ суохпутуттан…

Куллаты сиригэр Тыгын Дархаҥҥа ытык сэргэни туруортарбыта

Владимир Лиханов Хаҥалас төрүт аата 1992 сыллаахха төннүбүтүн уруйдуу көрсүбүтэ. Кини, өссө улахан патриот киһи,  1995 сылаахха, оччотооҕу Төхтүр баһылыгын, билигин улахан кыраайы үөрэтээччини Николай Ильинныын дьону-сэргэни түмэн хаҥаластар ытык киһилэригэр, аҕа баһылыктарыгар Тыгын Дархаҥҥа анаан Тойон сэргэни анаан туруортарбыта.


Хаҥаластар бу ытык сиргэ өссө өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан сиэр-туом ыытан улуустарга үтүө холобур буолбуттара. Куллатыга Аар Баҕах уонна суруктаах мэҥэ таас туруоруллубута. Бу туһунан 2000 с. тахсыбыт кыраайы үөрэтээччи Галина Шадрина таһаарбыт «Хаҥалас» историко-краеведческай атласка оччотооҕу Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин ураты харыстанар сирдэргэ отдел салайааччыта Иван Лазарев суруйбута.

Түҥ былыргыны үөрэтэн

Куллаты Эркээни хочотун илин баһыгар Өлүөнэҕэ түһэр үрэх. Сорохтор бу үрэҕи Куула тыа үрэҕэ диэн ааттыылларын ити үөһэ ахтыллыбыт кинигэҕэ Галина Шадрина суруйар. “Бу үрэх тардыытын налыы хотоолугар археологтар чинчийэн 5-6 тыһыынча сыллааҕыта таас үйэ дьонноро олоро сылдьыбыттарын туоһулуур араас маллары булан тураллар… Манна «Тыгын Дархан аҕата Мунньан Дархан кыстык олоҕо уонна үрдүк булгунньахха кыргыска анаан көмүскэнэр кириэппэс тутулла сылдьыбыта буолар»диэн суруйар Галина Ефимовна. Бу кинигэҕэ Владимир Лиханов «Куллаты» диэн ыстатыйата бэчээттэммитэ. Биллиилээх археолог, историк А.П. Окладников манна 1944-46 сыллардаахха киэҥ далааһыннаах археологическай хаһыылары оҥорбута. Ол түмүгэр таас уонна боруонса үйэлэр дьонноро олохсуйан олорбуттара диэн быһаарбыта. Ол аата бу Куллатыга биһиги эрабыт инниттэн, 4 тыһ. сылтан бэттэх киһи-сүөһү олорон барбыт…

Бөдөҥ фольклорист, филологическай наука кандидата Г.У. Эргис «Очерки по якутскому фольклору» диэн кинигэтигэр «1737 сыллаахха ыам ыйын 31 күнүгэр Куллатыга ыһыллыбыт ыһыаҕы нуучча историктара суруйан хаалларбыттара» диэн ахтан ааһар диэбит Владимир Лиханов уонна «оччотугар ол суруллубут, ойууламмыт ыһыах сурукка киирбит аан бастакы ыһыаҕынан ааттаныллыан сөп» диир кини (бу ыстатыйаны ааҕыҥ), онон Куллаты сирэ ол XVIII үйэ маҥнайгы аҥарыгар улахан улуу ыһыахтар ыытыллар сирдэринэн буолбутун автор IIКамчаткатааҕы экспедиция (1733-1743 сс.) үлэһитэ Яков Иванович Линденау суруйууларыгар тирэнэн ыйар.

Тойон сэргэ турбута

Дьэ, бу бэлиэ Тойон сэргэни 1995 с. Лихановтаах туруорбуттарын өйдүүбүн. Бүтүн событие этэ. Владимир Иванович тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн Тойон-сэргэ хайдах көстүүлээх буолуоҕун, ойуута-дьарҕаата хайдах оҥоһуллуохтааҕын сэргэлэри үөрэппит Вильям Яковлевтыын толкуйдаан, кэпсэтэн, сүбэлэһэн оҥорторбуттара (хаартыскаҕа көрүҥ, тиэйэн аҕалбыттарын).

Мэҥэ таас сөргүтүллүбүтэ

Владимир Ивановичтаах аны бу ытык сиргэ 1997 сыллаахха Тыгын Дархан аҕатыгар Мунньан Дархаҥҥа аналлаах урууналыы суруктаах мэҥэ тааһы уурбуттара. Суругун ытыктыыр учууталын Н.Кл. Антонов көмөтүнэн бэлэмнээбитин Р.Н. Петров, В.Н. Бушуев тааска быспыттара.

Бу таас историятын билэбит. Куллаты үрэҕин төрдүгэр халдьаайы тыа быыһыгар былыргы дьон көмүллүбүт кылабыыһалара баар. Бука, ол сиртэн буолуо, биллиилээх учуонайбыт Гавриил Ксенофонтов (1921 с. булбут быһыылаах, суруллубут тиэкиһигэр сыла ыйыллыбатах). Бу тааһы 1878 с. Иоанн Галактионович Шадрин диэн Хахсык нэһилиэгин киһитэ туруорбут уонна бэйэтин төрдүлэрин Эллэйтэн саҕалаан, тааска оҥо быһан суруйбут. Таас туһунан Г.В. Ксенофонтов суруйуута баар. 1946 с. бу тааһы А.П. Окладников булан аахпыт, үөрэппит уонна Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи музейга туттарбыта биллэр… Дьэ, маннык улахан өҥөлөөх биһиги учуонайбыт Владимир Лиханов.

Этнография комплексын тэрийэр баҕалаахтара

Кини Вильям Яковлевтыын Ытык Куллатыга этнографическай комплекс тэрилиннэр диэн былаан оҥорбуттара, ол учуонайбыт тыыннааҕар, дойду оҥкула ыһыллар түбүгэр, олоххо киирбэтэҕэ. Билигин бу сир суолтатын син дьон-сэргэ өйдөөн эрэллэр даҕаны, туризм өрө тутуллан эрэринэн Ытык сиргэ дьоһуннаах сыһыан ситэ үөскүү илик, күүлэй, көр-нар тэриллэр сиригэр кубулуйуох курдуга дьиксиннэрэр… Бу сир, бастатан туран, дойдубут түҥ былыргы историятын билиһиннэрэр сир буолара ирдэниилиэхтээх, тэпсилгэн сирэ буолбакка. Өссө аҥардас археология, история, палеонтология өттүнэн буолбакка, үүнэр сэдэх үүнээйитин, көтөрүн-сүүрэрин көмүскэлигэр, харыстабылыгар курдук. Ону кыраайы үөрэнээччи Прокопий Ноговицын эмиэ туруорсар.

Владимир Лиханов айылҕа оҕото этэ. Булчута, балыксыта… Ити туһунан доҕотторо, чугас дьоно 2004 сыллаахха таһааттарбыт кинигэлэригэр суруллар. Өссө – Владимир Иванович олоххо көхтөөх киһи, Хаҥалас патриота буоларын. Араас научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттарын, оннооҕор Покровскайга ыытыллыбыт Саха сирин иккис спортивнай оонньууларыгар хуорга ырыа ылласпыт, уруккута муоратааҕы флотка сулууспалаабыт киһи уолаДьулустуун спортивнай күрэхтэргэ кыттарын, маскараат буолан дьону сэргэхситэрин, аҕатын Иван Ильиһы батан техникаҕа сыстаҕаһын, илиитигэр ууһун…

Төхтүргэ Лихановтар дьиэлэригэр олус да элбэх кыраайы, тылы үөрэтиигэ матырыйаал баар, Сина Георгиевна мунньубута да үгүс. Бука, бу үлэ барыта кыысчааннара Сахаайа салгыы ылсыытын кэтэһэрэ буолуо. Удьуор утумнааччыларынан бигэ дииллэр.

Людмила Аммосова.