Нэһилиэктэргэ
Хаҥаластан СӨ Ил Түмэнигэр дьокутаат Алиш Мамедов бу күннэргэ быыбардааччыларын кытары көрсүһэ, туох кыалларынан кыһалҕаларын быһаарса улууспут соҕурууҥҥу нэһилиэктэригэр сырытта. Бу туһунан Иһит мунициальнай тэриллиитин баһылыга Михаил Максимов сонунун үллэһиннэ:
— Дьокутааппыт Алиш Мамедов биһиэхэ өрүү көмөлөһөр. Аҕыйах хонуктааҕыта көрсүһэ кэлэ сырытта уонна сакаастаспыт туттар тэриллэрбитин, техниканы салайар Мохсоҕоллоохтооҕу цемент собуотун «Портланд» дэнэр дьоҕус уу тырааныспарынан тиэйэн аҕалан биэрдэ — МТЗ тыраахтар погрузчигын, кыраабылын эҥин курдук бөдөҥ техникабытын хаһаайыттарыгар тириэртэ. Итинник тэриллэри биһиги курдук улуус уһук нэһилиэгэр тиэйэн илдьэр уустуктардаах этэ. Алиш Забитович сорҕотун оннооҕор бэйэтэ сүүрэн-көтөн Марха курдук куорат таһыттан булан аҕалан тиксэрбитэ махталлаах дьыала. Уопсайынан, дьокутааппыт биһиэхэ өрүү кыһаллар, ыарахан боппуруостарбытын үөһээ салалтаҕа туруорсан көмөлөһөр. Нэһилиэккэ кыһалҕа үгүс буоллаҕа, киин сиртэн аанньа суола-ииһэ суох сиргэ.
Сүрүн кыһалҕабыт — дьоммутугар киин ититэр ситимтэн сылааһы холбооһун. Былырыын ити боппуруоһу быһаарыыга Алиш Забитовичпыт эмиэ көмөлөспүтэ, 6 км тыраассаны тардарга турбаны аҕалан биэриигэ. Онон 13 ыалтан уона сылааска холбоммута, сорохторбут кэмигэр кыаллыбакка быйыл саҥа сылааһынан хааччынаары сылдьаллар. Өссө биир Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕар, бааһыран кэлбит буойуҥҥа, дьиэтигэр ититии киллэриэхтээхпит. Ититэр ситим ис үлэтин олорор-дьиэ хомунаалынай хаһаайыстыбатын салалтатын кытары кэпсэтэн бу күннэргэ холбонорго бэлэм оҥоруохтаахпыт.
Быйыл Иһиккэ тиийэ уунан сылдьар теплоходпут хапытаана суох аатыран сылдьа илик, дьон айдаарар буоллаҕа. Мин Покровскай дьаһалтатын баһылыгын кытары кэпсэтэн уларсыкка диэн дьоҕус дебаркадеры Ленатурфлоттан ылбытым. Ону эмиэ дьокутааппыт Алиш Мамедов аҕалтарбыта эрээри, өрүскэ уу таһыма түһэн (оттуур арыыларбытыгар боротуоханы кэһэн туоруубут) кыаллан үлэлэтэ иликпит. Билигин дьон массыынанан сылдьаллар, төһө кыалларынан дьаһалта, тырааныспардаах олохтоох дьоммут көмөлөһөллөр. Бу ыйга Өлүөхүмэҕэ сылдьар ракета тохтоон ааһыа дииллэр, тырааныспар министиэристибэтиттэн туоһуластахха. Дьон мотуорканан өрүскэ утары көрсөн билигин да айанныыллар.
Билэргит курдук, олохтоох көҕүлээһининэн үлэ барар. Биһиги кытаанах бөҕү кутар былаһаакканы бетуоннуурбутугар Ил Түмэҥҥэ дьокутааппыт 300 тыһ. солкуобайынан көмөлөспүтэ. Атын да көмөтө үгүс буоллаҕа. Киниэхэ бары үчүгэйи баҕарабыт.
Бу күннэргэ дьон-сэргэ оту үлүмнэһэр. Биирдиилээн отчуттар ирдэнэр отторун син хааччыннылар. Нэһилиэккэ 12 звеноҕа 25 тыраахтыр окко үлэлии сылдьар. Биир ТХПК, түөрт бааһынай-фермер хаһаайыстыбалара кыстыыр отторун булуна сатыыллар. «Иһит» ТХПК 50 туонна оттонно (салайааччы э.т. Татьяна Петрова). Фермердэр, кэтэх отчуттар күнү-дьылы баттаһа бары оттуу сылдьаллар. Былааммыт син туолар ини, 440 туонна оттоннубут, — диэн иһитиннэрдэ үлэ-хамнас туһунан Михаил Федотович.
Иһиттэр урут-уруккуттан кими да кэлэн көмөлөһүө диэн күүппэт, бэйэлэрин кыахтарыгар эрэнэр идэлээх дьон. Онон аа-дьуо кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Итинник үлэһит дьоҥҥо дьокутааттара көмөлөһөрүн да астынар, үлэ киһитэ үлэ дьонун ытыктыыр.
Людмила Аммосова.