Былыр Ылдьыын күнүгэр эһээлэрбит, эбээлэрбит хортуоппуйдарын амсайаллара, хостонуор диэри өссө төһө улаатарын быһаараллара. Онтон билинҥи суортар түргэнник ситэллэр, онон номнуо ырыынакка сибиэһэй хортуоппуй атыыга тахсыбыт.

Өктөм нэһилиэгин фермерэ Розалия Петрова сибиэһэй хортуоппуйу бу күннэргэ атыылаан саҕалаата. Бастакы хостооһун көрдөрөрүнэн үүнүү өлгөм уонна аһа бөдөҥ. Розалия Петрова бэйэ хортуоппуйунан нэһилиэк эрэ олохтоохторун буолбакка, Покровскай уонна Дьокуускай куораттарга тиийэ атыыга таһаарар. Баҕалаахтарга дьиэлэригэр диэри тириэрдэн биэрэллэр. Бу култуураны үүннэриигэ Розалия Петрова уопута үгүс буолан дьон-сэргэкини минньигэс хортуоппуйдааҕын билэллэр уонна хамаҕытык атыылаһаллар.

— ​Нэһилиэнньэҕэ сибиэһэй аһылыгы тиэрдээһин фермердар сүрүн сыалбыт. Билигин бастакы хортуоппуйу ол охтоохтор уонна да атын дьон биллэрииннэн кэлэн атыылаһан бараллар. Үүнүү үчүгэй, онон күһүн хортуоппуйунан нэһилиэнньэни хааччыйыахпыт, – диэн Розалия үөрүүтүн үллэстэр.

Үрдүк үүнүүнү ылар туһугар, чуолаан хортуоппуйу атырдьах ыйыгар хостоон көрүллүөхтээҕин туһунан, сорох чахчылар ыйаллар уонна салгыы ардахтаан өссө улаатыахтаах диэн сабаҕалыыллар. Онтон эһиги сибиэһэй хортуоппуй амсайдыгыт дуо?

Татьяна Владимирова.