Өктөм нэһилиэгин киин уулуссаларыгар олорор ыалларга үөрүү тосхойдо. Хаһаайкалар сарсыардаттан алаадьылаан, арыы-сүөгэй бэлэмнээн, уохтаах кымыс тутуурдаах иккис саҥа таас дьиэ бастакы сыбаайатын түһэриигэ тиэтэйдилэр.
«Биһиги бары испииһэккэ баарбыт, сотору кэминэн бу хаарбах туруктаах дьиэлэрбититтэн көһөр буоллубут», — диэн биир дойдулаахтарым миэхэ үөрүүлээх сонуннарын кэпсии тоһуйдулар.
«2019-2025 с.с. хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн иккис дьиэни тутууга тиэхиньикэ арааһа тоҕуоруспут, тутуу биригээдэтэ кэлбит, ону тэҥэ саҥа дьиэҕэ киириэхтээх олохтоохтор, ытык-мааны кырдьаҕастар, оҕо-аймах мустубуттар.
Бу үөрүүлээх күнүнэн олохтоохтору «Өктөм нэһилиэгэ» МТ баһылыгын э.т. Акулина Максимова, бэдэрээччит «Томтор» тутуу хампаанньатын генеральнай дириэктэрэ Петр Архипов эҕэрдэлээтилэр.
«СТК» ХЭУо оҥорон таһаарар салаатын салайааччы Михаил Габышев:
— «СТК» ХЭУо тэрилтэ Хаҥалас улууһугар төрдүс дьиэтин тутан саҕалаан эрэр. Билигин Покровскай куоракка үһүс дьиэбитин бүтэрэн туттараары сылдьабыт. Бу дьиэ 85 квартиралаах, 5 этээстээх, 3 подъезтаах буолуохтаах уонна 2024 сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киирэн, эһиилги Саҥа дьылы олохтоохтор саҥа дьиэҕэ көрсүөххүт. Дьиэни хаачыстыбалаахтык тутан кэмигэр бүтэриэхпит, — диэн Михаил Габышев эрэннэрдэ.
Бу тыллары истэн олохтоохтор үөрүүлэрэ үксээтэ. Сотору кэминэн саҥа дьиэни тутуу хаамыытын олохтоохтор бэйэлэрэ норуот хонтуруолун ыытар буолуохтара.
Татьяна Владимирова.